Эдьиийбит бырастыы гыныа, барытын көннөрөө ини — дииллэр үһү. Ити алҕас толкуй

«Урут-уруккуттан сөптөөх сүбэни биэрэн, эгэлгэ тылынан өйдөтүү үлэтин ыытан кэллим диибин. Ол үрдүнэн ардыгар син биир ситэри тиэрдибэт дьон баар уонна этиллибитин үрдүнэн сыыһа толкуйдааһын, халты туттуу түгэннэр тахсаллар. Санааларыгар «Эдьиийбит бырастыы гыныа, барытын көннөрөө ини» дииллэр үһү. Ити алҕас толкуй. Миигинэн нөҥүө Айылҕа этиттэрэрин ситэри өйдөөбөттөр. Tөһө эмэ «кытаатыҥ, итинник-маннык сылдьыҥ, салгыны хамсатымаҥ» диирбин, эрдэттэн сэрэтэрбин улахаҥҥа уурбаттар, сыаналаабаттар. Мин хайдах эрэ бүгүн эппиппин сарсын бэйэм хонтуруоллаан булгу олоххо киллэриэхтээҕим курдук саныыллар эбит.

Алҕаһыыгыт. Айылҕа этиттэрэр. Ол эппититтэн хаһан да туораабат. Куруук икки өрүттээх диэн этэбин. Толоруоҥ, тутуһуоҥ — барҕарыаҥ, сыыһа туттуоҥ, тутуһумуоҥ — алларыйыаҥ. Итини эт мэйиигэ тиэрдэн өйдүүр кэм кэллэ.

Онон сыыһа-халты туттууну сэмэлииргэ уолдьаспыт курдук.

Уоннааҕыта — эһиэнэ… — Эдьиий Дора.

Тутахсыйбат туһугар.

Сиэри-туому куруук тутуһуохтаахпыт диэн саха киһитэ син мээнэ өйдүүр. Ол эрээрни, ол хайдах сиэрий-туомуй диэн кыра оҕо ыйытарыныы, билиҥҥи ыччат бэйэтэ да бэркэ мунаарар.

Ол илин төрөппүт дьыссаакка сылдьар оҕотугар бэйэтэ төрүттэриттэн истэн тугу билэрин үөрэтэ, тиэрдэ сатыахтаах. Оҕо үчүгэйи-куһаҕаны тэҥҥэ билэ улаатыахтаах. «Наар үчүгэйгэ чугаһаатын, онно сыһыннын, ол иһин куһаҕан туһунан отой санаппаппын даҕаны» диир эдэркээн бэйэлээх ийэлэр бааллар. Ол сыыһа. Итинник өр күөмчүлүүр кыаҕын суох. Эн оҕоҕун кууспутунан кинини сааһын тухары батыспаккын. Оччотугар, субу эн көрүүгүттэн көҥүл олоххо көтөн тахсыбыт оҕон бэлэмэ суох буоларыгар тиийэр. Дьэ, соһуйан ханна-ханна тиийэрин билбэт оҕолор да бааллар. Ол сылдьан арааска тиксэллэр.

Онон дьиэттэн, дьыссааттан, оскуолаттан саҕалаан иитиигэ улахан үлэ барара ирдэниллэр. Холобур, хаайыы, купаҕан дьаллык диэн баарын, наркотигы сэргэ араас аһыы утахтар, пиибэлэр, атын суурадаһыннаах уу-хаар оҥоһулларын эрдэттэн төрөппуттэриттэн-иитээччилэриттэн-учууталларыттан истэн утарсарга, сөпсөспөт буоларга өйө-санаата бэлэм буолуохтаах.

Оҕолорго анала суох киинэлэри, киһи майгытын алларытар, киҥэ-наара холлор видеолары көрбөттөрүн туһугар туспа күүстээх улэ барыахтаах. Төрөппүттэн саҕалаан оҕо дьарыктанар-үөрэнэр-улэлиир тэрилтэлэригэр тиийэ. Итинник бопсор-хаайсар, бохсор-көҥүллээбэт киэп хайаан да баар буолуохтаах.

Биһиги ыраас чэгиэн ыччаттары иитэн таһаарыахтаахпыт. Кэлбит-барбыт омуктар биһигини кинилэринэн сирэйдээн сэниэ, тэпсиэ суохтаахтар. Араас албыҥҥа-көлдьүҥҥэ киирэн биэрбэттэригэр, куһаҕан дьалхааҥҥа бэриммэттэригэр эн кырдьыгынан иитиэхтээххин. Саатар ол туругар сиэри-туому куруук тутуһа сылдыыахтаахпыт, бэрээдэктээх, чэнчис буолуохтаахпыт, кэлээччи-барааччы кэтэбилигэр-баттабылыгар киириэ суохтаахпыт.

Күлүү-элэк оҥостубаттарыгар эрдэттэн үлэни ыытыахтаахпыт диэтибит. Ол аата биһиги оҕолорбут хас биирдиилэрэ тус күүстэригэр эрэллээх, толкуйдарынан атыттары баһыйар, сатаан көмүскэнэр, бары саарбахтан сэрэнэр-сэрбэнэр, ыраас сэбэрэлээх, чиэһинэй харахтаах, көнө сүруннээх буолуохтаахтар. Ол туһугар субэни-аманы хаһан да тохтотуо суохтаахпыт, үөрэтэри-такайары ыарырҕатыа-сылаарҕыа суохтаахпыт.

Оҕолору, ыччаттары аһары хайгыыр кутталлаах. Билигин, туох кистэлэй, оннооҕор төрөппүттэр икки ардыларыгар баар: мин эрэ оҕом бэрт, атыттар миэнигэр тиийбэттэр диэн атын диэбити атарахсыта сатыыр туктэри кэмэлдьи. Кини оҕотун наар хайгыа, атыттары мөҥүттүө, көрдөрөн туран балыйыа, баттыа, оннооҕор көрдөөн туран бэйэтин оҕотун сымыйанан хайҕаттарыа. Мин итини билэр буоламмын этэбин. Итини маннык быһаарабыт: үтүөнү оҥороору төрөппүт бэйэлээх бэйэтин оҕотун алдьатта, буоратта. Тоҕо? Оҕо, дьиҥэр олус чиэһинэй. Эн сымыйалаан, кини кыаҕын аһары омуннаан урдэтэргин, саҥарбатар да син биир таайыа, сэрэйиэ. Кинини хайҕаан туран, бииргэ үөрэнэр оҕону баттаабыккын кини эмиэ билэн туруо. Ол эрээри икки өрүттээх: сорох оҕо эйигин бэйэҕин утарыа, кырдыгы дакаастаһа сатыа. Атын оҕо итини барытын учуоттаан, укчу эн курдук атыттары баттыырга холобур ыллаҕа ол.

Онон аһары элбэхтик уонна омуннаахтык хайҕанааччы оҕо кэлин туһата суох буолар, наар хайҕаныан эрэ баҕарар. Кыраны да оҥордун, тута сирэйгин-хараххын маныа. Хайҕанаары, хайҕатаары. Алҕас аны хайҕаабакка хааллаххына кини тырыттан-тымтан, өһүргэнэн-куттаан туруо. Хайгыахха сөп эбит, кэмиттэн кэмигэр. Чахчы уһулуччу үчүгэйи онордоҕуна, кырдьыктаахтык, ис сурэхтэн. Аһары туһэн буолбатах.

Билиҥҥи оҕолор биһигиттэн 50-60 сыл урдук таһымнаахтар. XXI уйэ, атын кэм-кэрдиис дьоно, улаатыахтаах оҕолоро. Билиҥҥи оҕо элбэхтик бэлэх ыларын, хайҕанарын астынар, мөҕүллэрин отой сөбүлээбэт эбит. Саба быраҕан үрдүттэн мөҕөн да туһата суох. Ситинник түгэҥҥэ бэйэбититтэн бэрт тургэнник үс бүк тэйэн хаалар эбит. Ол аата оҕобутун мөҕөммут бэйэбит тэйитэр буолан тахсабыт.

Оччотугар биһиги маннык сүбэлиибит уонна алгыыбыт: хас биирдии төрөппүт, учуутал уонна иитээччи оҕо таһымыгар түһэрэ туһалаах. Ол аата ирдэбили намтатан, ньаҕайданан, оҕо тугу диэбитин, туохха баҕарбытын эрэ толорон буолбакка, төттөрүтүн, аҕа саастаах киһи наар эйэ дэмнээхтик, улахан киһини кытта кэпсэтэрдии, быһааран, ылыннаран, бэйэтигэр ырыттаран, сүбэлээн-үөрэтэн иитиэхтээх уонна сөбүн көрөн дьарыйыахтаах эбит. Оҕо дьарыллыахтаах., бу – айылҕа сокуона…»

«Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана» кинигэттэн быһа тардыы.

Билиҥҥи киһиэхэ анаммыт алта бастан турар кинигэҕэ айылҕаттан анатыылаах Дора Кобякова-Эдьиий Дора саха саргытын туһунан санааларын түмэр, самныбат туһугар тугу тутуһар ордугун уу сахалыы быһаарар.

«Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана» кинигэ “Айар” бары маҕаһыыннарыгар атыыга баар. Хас биирдии саха киһитэ ылан аах, бу таһаарыы күүс-тирэх буолуохтун!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх