«Дьылҕам миэнэ — олоҕум оҥкула» диэн мемуар туһунан
Бу күннэргэ Ю. Гагарин аатынан типографияҕа Василий Степанович Винокуров – Хотугу Саха “Дьылҕам миэнэ-олоҕум оҥкула (сэрии сылын оҕотун дьылҕата) диэн автобиографическай мемуара күн сирин көрдө.
Ааптар Аҕа дойду уоттаах сэриитэ бара турар кэмигэр 1944 сыл тус хоту, “Тымныы оройо” диэн ааттаах Өймөкөөн оройуонун кырыы, “Үчүгэй” диэн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бэйэтэ этэринэн “алҕас” төрөөн да, тыынаах хаалбытын туһунан ахтар. Ити уустук кэмҥэ Саха сиригэр, аччык аҥаардаах кэмҥэ төрөөн, олох бары аһыытын-ньулуутун билэ улааппыт уонна тус бэйэлэрэ олоххо-сырдыкка дьулуурдарынан киһи буолан, үлэлээн-хамнаан бу үйэҕэ кэлбиттэрин туһунан бэрт итэҕэллиилэхтик суруйар.
“Сэрии сылынын оҕолоро” диэн билигин саҥа үөскээн эрэр өйдөбүл кэмигэр, бу кэми дьиҥ эттэринэн – хааннарынан билбит дьон, саастара 80-чаларын уҥуордаан иһэллэрэ уонна күннэтэ аҕыйыыллара биллэр… Өскөтүн кинилэр дьонноро, ийэлэрэ – аҕалара туруулаһан туран Улуу кыайыыны уһансыбыттарын, тыылга үлэлэлээн көлөһүннэрин тохпуттарын, уоттаах сэрии хонуутугар эчэйбиттэрин, охтубуттарын, сорохтор тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрин туһунан балайда элбэхтик суруллубута, суруллар буоллагына, суруллуо да, онтон бу кэрдиис кэм оҕолорун дьылҕаларын туһунан кэмчи, суоҕун да кэриэтэ.
Дьиҥэр ылан көрдөххө, бу оҕолор ити кэмҥэ төрөөбүттэрэ, кырдьык да “алҕас” буолуон сөп, тоҕо диэтэххэ аҕалара үксэ сэриигэ ыҥырыллан, эбэтэр “трудовой фроҥҥа” хомуллан ыраах ыарахан үлэҕэ бардахтара. Ийэлэрэ түүннэри-күннэри курдары ол хомуурга барбыт эр дьоннору солбуйан араас сопхуос-колхуос ыарахан үлэтигэр умса түһэн сырыттахтара. Аны ол кэмҥэ араас сыстыганнаах ыарыы кыра саастаах, уу кыһыл да оҕолору тумнубакка анараа дойдуга илдьэ барара. Ас-таҥа тиийбэтэ, эмп-том суоҕа, кырыы сиргэ эмчит да сэдэх кэмигэр ити “Сэрии сылын оҕолоро” барахсаттар итинник олох ыараханын тулуйан, элбэхтэн аҕыйаҕа ордон хаалан, тыраарбыттарын да иһин бу үйэҕэ тиийэн кэллэхтэрэ.
Аны кыайыы да кэнниттэн бу уһук хоту сиргэ үлдьү уйгу быйан олох кэлбэтэҕэ биллэр, ас-таҥас да тоҕу тардыллыбатаҕа. Аны хороччу улаатан эрэр оҕолор сэрии сылларыгар урусхалламмыт хаһаайыстыбалар атахтарыгар туран сөргүтүллэрин туһугар, иллэн да кэмэ суох күүстэрэ тиийэринэн илии-атах буолан колхуос-сопхуос үлэлэригэр кытталлара. Тымныы дьиэлэр, иччэгэй маһынан оттуллар оскуолалар-бу барыта кинилэр уонна кинилэр иннилэригэр — кэннилэригэр төрөөбүт оҕолор олохторо. Дьэ бу маны барытын биир да хос санаата, тыла суох сырдык олоххо тардыһан, үөрэҕи ылан олох киэҥ аартыгар бэйэлэрин дьулуурдарынан, күүстээх санааларынан тахсыбыттара.
Василий Винокуров бу кэм туһунан уйадыйан туран ахтар, тыынаах хаалан киһи буолбутугар дьылҕатыгар махтанар. Үөрэҕэ суох төрөппүттэрдээх оҕо саха балаҕаныттан тахсан хайдах эриирдээх-бутуурдаах харгыстары туораан сэбиэскэй былаас көмөтүнэн үөрэхтээх киһи буолан тус дойдугугар туһалаах буолуом дии санааннан салайтаран олорбутум диир.
Кини дьиҥ хоту дойду тыйыс услуобуйатыгар тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар дьиҥ кылаатын киллэрбит, санаатын-оноотун анаабыт дьоннортон биирдэстэрэ буолара саарбахтаммат. Туундара табатын, саха сылгытын итиитэ, “саха сүөһүтэ” туспа боруода буолуутугар туруулаһан туран кылаатын киллэрбит исписэлиис, учуонай. Киэҥ сиринэн: Өймөкөөнүнэн, Дьааҥыннан, Эбээн-Бытантайынан, Анаабырынан араас салайар үлэлээбит киһи бииргэ алтыспыт дьоно-сэргэтэ да элбэх, көрсүбүт ыарахаттара да кыайыылара да үгүс. Аны туран СР уонна Россия уларыта туттуу кэмигэр политиката уларыйыытыгар кини эмиэ СР 12 ыҥырыылаах Үрдүкү сэбиэтин депутатынан талылла сылдьан бу билиҥҥи олох кэлиитигэр эмиэ кылааттаах. Кэлин куоракка көһөн тыа хаһаайыстыбатын институтугар, министиристибэтигэр үлэлээн баай уопутун, билиитин –көрүүтүн туһанан эмиэ киэҥ хайысхалаах үлэни ыыппыта биллэр. Онон бу ахтыы хабааннаах кинигэтигэр кини тус санаатын-оноотун, олоххо көрүүтүн ааҕааччылары кытта бэйэтин тылынан үллэстэр. Баҕар ким эрэ ылыныа суоҕа, ким эрэ биһириэ, ол гынан хас биирдии киһи тус санаатын аһаҕастык үллэстэр бырааптаах буоллаҕа. Кинигэ элбэх хаартыскалаах уонна кэрчик-кэрчик сэһэнин бигэргэтэр туоһу докумуоннар сыһыарыылаах.
Кинигэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Семенович Сивцев өйөбүлүнэн күн сирин көрдө. Кини киирии тылыгар маннык диэбит:
-Ааптар ити кэмнэр тустарынан бэрт уйадыйан туран ахта-саныы, мемуар быһыытынан суруйбута сонун, киһи эрэ, ол ааспыт сылларга төрөөбүт “сэрии сылларын оҕолорун” дьылҕата уустугун итэҕэйэр, аһынар… Төрөөбүт төрүт дойдутугар, Өймөкөөнүгэр дьонугар-сэргэтигэр ытыктабылын туһунан, олоҕу олорбут киһи быһыытынан үллэстэр. Сылдьыбыт, олорбут, үлэлээбит сирэ киэҥ, алтыспыт да дьоно элбэх буоллаҕа, онон кини ол туһунан оруннаах бэлиэтээһиннэрэ, санаатын кытта үллэстэрэ эдэр дьоҥҥо, киэҥ ааҕааччыларга интириэһинэй буолуо дии саныыбын. Василий Степанович, “Хоту дойду хоһууна”, “Хоту дойду сахата”, кытаанах санаалаах, туруулаһан туран сыалын-соругун ситиһэн, олоҕун тус бэйэтин өркөн өйүнэн, чиэһинэй үлэтинэн-хамнаһынан, дьонун-сэргэтин туһугар ыраах хоту улуустарынан үлэлээбит, көлөһүнүн тохпут ытыктабыллаах киһи…Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар тус олоҕун анаабыт салайааччы, чулуу үлэһит олоҕо кэлэр көлүөнэ билсиитигэр, төрөөбүт дойдутун дьонун туһунан билиэн, үөрэтиэн баҕалаахтарга ананар. Кинигэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах киэҥ далааһыннаах Өймөкөөн улууһугар үлэлэлэр былааннаммыттара, ол чэрчитин бу кинигэ таҕыста.
Эппиэттээх редактор Маргарита Винокурова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ.
+7 (999) 174-67-82