Дугуйдаан уһун айаны түстээбит дьикти түүлүн кэпсээтэ
Саха атын аар-саарга аатырдар үрдүк аналлаах Өймөкөөн уола Дугуйдаан Винокуров уһун суол кэнниттэн сынньанар оннугар өссө даҕаны дьон ортотугар, киэҥ эйгэ болҕомтотугар сылдьар. Ол курдук, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын көҕүлээһининэн, аатырбыт айанньыт балаҕан ыйын 20 күнүгэр суруналыыстары кытта көрүстэ. Биһиги нууччалыы тылынан барбыт тэрээһиҥҥэ Дугуйдааны кытта сахалыы кэпсэттибит:
— Атынан Москубаҕа тиийэр туһунан бастакы санаа хаһан уонна кимиэхэ үөскээбитэй?
— Ол 2018 сыллаахха этэ. Биирдэ Аҕабын, күтүөппүн уонна биибин кытта үүтээҥҥэ олорон кэпсэттибит. Өймөкөөҥҥө турист бөҕө, ким сатыы, ким бэлэсипиэтинэн, ол-бу көлөнөн кэлэр-барар буоллаҕа. Оттон атынан ким да кэлбэт-барбат. Онон «Атынан ханна эмэ барыахха баара» диэн күө-дьаа кэпсэттибит. Ити былаан быһыытынан хаалла. Онтон эһиилгитигэр биһиэхэ англичанин Никита Греци кэлбитэ. Кини «Акыйаантан акыйааҥҥа диэри» диэн бырайыагы олоххо киллэриэн баҕарарын эппитэ. Эмиэ атынан айанныыр санаалааҕа, ол эрээри ханнык атынан хайдах барарын билбэт этэ. Онуоха мин Никитаны аты миинэргэ үөрэппитим. Үөрэнэн баран, кини миигин атынан айаҥҥа барыах диэн ыҥырбыта. Мин аккаастаммытым. Сыл аҥаара курдук сөбүлэспэккэ сылдьан бараммын, сөбүлэспитим уонна сыл устата бэлэмнэммитим. Онтон, хоруона дьаҥа туран хааччахтар киирэннэр, Никита Англияттан кыайан кэлбэтэҕэ. Ити курдук, бырайыак тохтоон хаалбыта.
— Айанныаҥ иннинэ эйиэхэ туох эмэ дьикти түүл-бит киирбитэ, үөһэттэн илдьиккэ майгынныыр туох эмэ буолбута дуо?
— Эрдэ эппитим курдук, Никита миигин айаҥҥа ыҥырбыт кэмигэр, 2020 сыл кулун тутар ыйыгар тымныйан, кыраадыһым тахсан ыалдьа сыппытым. Ол сытан, түһээтим. Түүл диэҕи, утуйа сытар курдук буолбатах, барыта илэ курдук этэ. Чэ, маннык. Арай, улахан тиит үрдүгэр турабын. Аллара көрдөхпүнэ, тиит лабаатыгар дьон сылдьар. Өйдөөн көрбүтүм, олор быыстарыгар ойууттар, иистэр-уустар бааллар. Оттон үөһэ көрбүтүм, маҥан таҥастаах алгысчыттар сылдьаллар. Халлааны көрбүтүм, аһаҕас сиринэн күн сандаарар. Эмискэ үөһэттэн ким эрэ «Эн отут сааскар диэри туох эрэ буолуоҕуҥ!» диир. «Ол туох буолабыный?» диэн утары ыйыппыппар, «Көстөн иһиэҕэ!» диэн хоруйдуур. Онтон мин уһуктан кэлэбин. Дьэ, бу түүл кэннэ мин бу айаҥҥа барарга быһаарыммытым. Дьонум соҕотохтуу ыыппаппыт диэбиттэригэр күтүөппүн Мичил Неустроевы кучуйбутум. Кини, итиннэ эрдэттэн кыттыһа сылдьыбыт буолан, тута сөбүлэспитэ. Онон, айаҥҥа туруммуппут.
— Эн санааҕар, тоҕо чопчу эйиэхэ эрэ маннык атынан айан сүктэриллибитэ буолуой?
— Хос эһэм сылгыһыт буолбатах этэ. Эһэм уонна аҕам — сылгыһыттар. Онон, кырдьаҕас сылгыһыттар ортолоругар улааппытым. Кинилэр миигин төбөбүттэн имэрийэ, санныбар таптайа сылдьан: «Бу сылгы барыта эйиэхэ хаалар, онон маны сүтэрбэт туһугар элбэхтик үлэлиэхтээххин» диэн этэллэрэ. Арааһа, ити курдук бүгүҥҥү олохпор, уһун айаммар эрдэттэн бэлэмнээбиттэр.
— Маннык атынан айаны Сахабыт сиригэр тэрийиэххэ сөп дуо? Уонна ханна ордук буолуой?
— Айанныы сылдьаммын, регионнарга олохтоох туризм олус сайдан турарын сөхтүм. Ол тэҥэ, биһиги бүттүүн Саха сирин үрдүнэн атынан туризмы күүскэ сайыннарыахпытын сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Ол туһугар биһиги миинэргэ табыгастаах, сымнаҕас майгылаах саха боруодалаах сылгыны элбэтиэхтээхпит. Хомойуох иһин, ыраас хааннаах саха сылгыта олус аҕыйах, хоту эрэ хаалла диэхпин сөп. Өссө биир баҕа санаам – Дьокуускайга акка аналлаах түмэли уонна саха сылгытын тутар сири тэрийии. Оттон «Саха сирин устун атынан ханна барыахха сөбүй?» диэн ыйытыыга маннык. Сылдьыбыт 17 региоммар туризмҥа сөптөөх барыта баар: баай устуоруйа, тупсаҕай куорат, үүнүү-сайдыы. Ол эрээри айылҕалаах сирдэрэ аҕыйах. Оттон биһиэхэ — муҥура суох элбэх. Онон, кэрэ айылҕалаах Сахабыт сиригэр атынан ханна баҕарар барыахха, атынан туризмы күүскэ сайыннарыахха сөп дии саныыбын.
Ити курдук, саха атын аар-саарга аатырдар улахан соругун ситиһиилээхтик толорбут эр хоһуун Дугуйдаан Винокуров дойдутун, омугун туһугар өссө киэҥ далааһыннаах үлэни ыытаары сылдьарын биллэрдэ. Оттон биһиги аан дойду дьонун кэрэхсэбилин эрэ буолбакка, дойдубут инникитин уһансар элбэх салайааччы, тэрилтэ болҕомтотун ылбыт эдэр сылгыһыт бары ыра санаата өйөбүллээх, сатабыллаах буоларыгар, олоххо киирэригэр саарбахтаабаппыт уонна долгуйа кэтэһэбит.
+7 (999) 174-67-82