Дьол кустугун туттарбыт Олоҥхо ыһыаҕа


Дойдум аптаах салгынын дуоһуйа ыймахтаан, ахтар-саныыр дьоммунаан, бииргэ үөрэммит доҕотторбунаан көрсөн, Олоҥхо Ыһыаҕын туонатыгар Алгыс ылан, Бүлүү эбэ сүнньүттэн устан тахсар күнү көрсөн, Кэнтиккэ саха кутугар чугас рок муусука фестивалын көрөн, дууһаны толорор эрчимиттэн үҥкүүлээн ылан, киһи киэн туттар идэлээх биир дойдулаахтарбын кытта билсэн, орой мэник саастарым ааспыт түөлбэбэр Бэрэҕэ сылдьан, олорбут подъезпар киирэн, оҕо сааһым сытын ылан уонна, биллэн турар, кырылас кумахтаах Бүлүүм биэрэгэр сахалыы алгыстаах арыылаах алаадьынан күндүлээн, дьол быатын бигэтик туттум.


Дойдум дьонун ыллаан эрэрдии унаарытар саҥата истиэххэ бу үчүгэйин! Мин наар түөс муҥунан тыына, харах далынан көрө, кулгаах ыларынан иһиллии сырыттым.


Саха норуота таптыыр бэйиэтин Бүөтүр Тобуруокап түмэл уһаайбатыгар сылдьан олус диэн астынным. Өйдүүбүн бу дьиэни. Улахан бэйиэти мин оччолорго олох кыра киһи үрүҥ маайкалаах сылдьарын элбэхтик көрбүтүм, кини мин аҕам Константин Петрович Шадрин чугас доҕоро этэ. Биһиэхэ наар киирэрэ, аҕабынаан кэпсэтэ олорор саҥалара дууһам түгэҕэр сөҥөн хаалбыта бу уһаайбаҕа киирбиппэр тиллэн кэлбиккэ дылы буоллулар. Тобуруокаптар маллара-саллара, иһиттэрэ-хомуостара, таҥастара-саптара, элбэх кинигэлэрэ, суруктара-бичиктэрэ элбэҕи санаттылар. Түмэл-уһаайба үлэһиттэрэ олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсөргө бэлэмнэнэн кырааскалаабыттара, бэрээдэктээбиттэрэ, саҥардыбыттара харахха быраҕыллар. Биһиги түмэлгэ маҥнайгы ыалдьыттар буолбуппут эмиэ ураты. Тобуоруокап айымньыларын, архыыптаммыт докумуоннарын, тус олоҕун, дьиэ кэргэнин олус үчүгэйдик билэр дьонунан, биллэн турар, түмэл үлэһиттэрэ Иван Егорович Чыычаахап, Галина Павловна Саввинова, Марина Такасаевна Петрова буолаллара мэлдьэҕэ суох.

Ону таһынан бу ыһыахха анаан-минээн түмэл матырыйаалын хаҥаппыт киһинэн Ярославскай аатынан түмэл үлэһитэ Туйаара Валентиновна Иванова буолар. Кинилэр үөрэ-көтө көрсөн, ис сүрэхтэриттэн мусуойдарын көрдөрдүлэр, ирэ-хоро сэһэргээтилэр. Бу түмэл биир хоһугар киирэн баран хараастан ылбытым. Ол “Эдэр коммунистка” (Сахаадаҕа) бииргэ үлэлии сылдьыбыт, хаһыаппытыгар фотокордаабыт Петр Тобуроков (сиэнэ) хоһо. Манна кини наар сөбүлээн кэтэр сэлиэччигэ, туттубут фотоаппараттара ууруллан, элбэҕи кэпсээн тураллар. Ботуогурап идэтигэр аҕата уһуйбута. Бу олорон оҕо сааһым баар-суох хаачыстыбалаах хаартыскаларын Дмитрий Федосеевич Наумов, билэргит курдук, Тобуруокап күтүөтэ, биллэр суруйааччы, түһэрэн, бэчээттээн биэрбитин санаан кэллим. Оччолорго биһиги Бэрэҕэ ыаллыы олорбуппут. Ол хаартыскаттан муҥутуурдук киэргэнэн, оскуола пуорматын үрүҥ баартыгын кытта кэппит маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Айта Шадрина мичээрдээн көрөн олорор, аттыбар тапталлаах ийэм Валентина-Мария Андреевна Багдасаева, эдьиийим Валя, балтым Надя бааллар. Дьоллоох оҕо саас буолуоҕун аҕабыт барбытын кэннэ биир сыл буолан баран…


Нам Тобуруокап тыынынан толору. Кииним түспүт бөһүөлэгин устун оҕо сааһым дьүөгэтинээн Алексеева Леналыын сатыы хааман, билиҥҥи сайдыытын, тутууларын көрөн үөрдүбүт. Аныгы саха дэриэбинэтэ киһи эрэ кутун тутар. Куораттан төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэлэригэр баран, дьиэ-уот тэринэн олорор ыаллар элбээн эрэллэриттэн үөрэбин. Ол курдук орто саастаах Кардашевскайдар Намнарыгар дьиэ туттан, көһөн кэлэн, айылҕа тэтиминэн уу сахалыы тэринэн олороллор. Толору хааччыллыылаах дьиэлээхтэр. Хаһаайка Татьяна Егоровна оҕуруот аһын арааһын олордор, бюджет тэрилтэтигэр үлэлиир. Аҕалара Спартак Иннокентьевич Кардашевскай тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар урбаанньыт. Олоҥхо ыһыаҕар сүүс сылгылаах эр дьон киэргэппиттэрин көрбүккүт, олор быыстарыгар бу ыал аҕата баара. Сотору-сотору бэлэмнэниигэ барыы, ыһыах ыһыытын тэрээһинигэр кыттыы, биллэн турар, эр дьону биир сомоҕо оҥордо, харыс үрдэттэ.


Хас ыал аайы толору ыалдьыт-хоноһо. Кардашевскайдарга биир оннук. Биһиги оҕо сааһым дьүөгэтин иэримэ дьиэтигэр бу күннэргэ туспа ыһыах ыһан олордубут. Биир уонча хоноһобут. Оҕо сааспыттан билэр, ытыктыыр киһибэр Алексеева Мария Романовнаҕа маанылатан кэлбитим үтүөтэ туспа суолталаах. Бу дьиэҕэ оҕо сылдьан дьүөгэбэр элбэхтик тиэстэрим, ыаллаах буола оонньоон биэрэрбит. Ол сырдык өйдөбүлүм сытыытык тиллэн кэллэ эбээт. Олох эргиирэ дьикти.


Оскуоланы бүтэрбиппит быйыл хайы-сах 40 сыла. Эмиэ да элбэх эмиэ да бүппэт тыыннаах бүтүн олох кээмэйигэр кылгас кэм диэтэҕиҥ. Олоҥхо Ыһыаҕа буолан, бииргэ үөрэммит оҕолорбут бары түбүк үөһүгэр сылдьан, элбэх буолан сугулааннаабатарбыт да, ордук ахтыһааччылар син быыс булан көрүстүбүт, самаан сайын үрүҥ түүнүгэр эбэбит кытылыгар күнү көрүстүбүт, оскуолатааҕы сылларбытын санаан үөрдүбүт-көттүбүт. Үөрэммит икки мэндиэмэннээх үрүҥ испиэскэнэн ыраахтан сандааран көстөр Хотун Бүлүү пааматынньык кэтэҕэр турбут восьмилеткабын, эргэ мас Бараахап аатын сүгэр оскуолабын олус да ахтабын. Хомойуох иһин, билигин оскуолатааҕы сылларбыт туоһулара буолар дьиэлэрбит суохтар, олох хаамыытынан саҥа таас оскуола буолан тураллар. Оттон мин оскуолаларым сүүрбэһис үйэҕэ хааллахтара…


Сүрэҕим-быарым сымнаан, тыыным уһаан, туругум тупсан ахан эргилинним тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүттэн. Махтанабын дьол кустугун туттарбыт Олоҥхо Ыһыаҕар!


Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх