Атыыһыт Петр Кушнарев сиэнэ Дьокуускайга кэллэ
ХХ үйэ саҕаланыыта Саха сиригэр гильдиялаах, миллионер атыыһыттар Кушнаревтар байан-тайан олорбуттара. 1837 сыллаахха бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт Акепсим Кушнарев-Хапсыын атыыһыт эргинэн байбыта.
Кини Амма суолугар бытархай эргиэнтэн саҕалаан, көмүс бириискэлэригэр аһы-үөлү таһан, киин Арассыыйа атыыһыттарын кытары сибээһи олохтоон, биллэ байбыта. 35 собуоту, бөдөҥ тэрилтэни кытары ылсара-бэрсэрэ. Дьокуускайга, Иркутскайга, Охотскайга хас да маҕаһыыннааҕа, бэл, борохуоттааҕа. 1888 сыллаахха дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо приют арылларын ситиспитэ.
Кыыһа Агриппина, уола Петр кини дьыалатын салҕаан, уһулуччу байан-тайан турбуттара. 2016 сыллаахха 2,5 мөлүйүөн солкуобайы эргитэр кыахтаммыттара. Меценаттыыртан да туора турбат этилэр. 1919 сыллаахха Дьокуускайга амбулатория аһылларыгар 100 тыһыынча солкуобайы сиэртибэлээбиттэрэ.
Подробнее https://edersaas.ru/atyy-yt-petr-kushnarev-siene-dokuuskajga-kelle/
+7 (999) 174-67-82