Аар Айыы итэ5элин быhыытынан о5о ийэтин, а5атын кытта көстубэт ситимин философията. Харысхал ааттар

   Оҕо Ийэ Кута аҕанан ийэҕэ бэриллэн оҕо үөскээтэ да, оҕо айбыт дьонун кытта ситимнэспитинэн барар. Норуокка үксүн аҕа оҕону оҥорор, онтон атын эрэйин ийэ сүгэр диэн өйдөбүл баар, ити адьас сыыһа. Аҕа оҕо үөскээһинигэр, хайдах киһи буоларыгар, кини үс Кута уонна Сүрэ иитиллиитигэр улахан оруолу сүгэр. Ол туһунан бүгүн чуолкайдаан кэпсэтиэхпит.

   Оҕо үөскүүрүгэр Ахтар Айыыһыт аҕаҕа чугаһаан оҕо Ийэ Кутун киниэхэ уу дьулайынан иҥэрэр. Маҥнай ийэҕэ чугаһаабат. Дьэ, тоҕо аҕаҕа чугаһыырый? Эр киһи эйгэтэ дьахтар эйгэтинээҕэр ыраас. Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр буоллаҕына өссө ыраас. Ол иһин Ахтар Айыыһыт антивеществоттан турар, хаһан да өлбөт космическай эттиги — Ийэ Куту аҕаҕа маҥнай иҥэрэр. Аҕа диэн улуу өйдөбүл буолар. Аҕа айар-тутар, үөскэтэр, буоһатар, оҥорор. Кини Аҕа Халлаан сорох чааһа буолар. Айар-тутар Аҕа Халлаан эмиэ айар-тутар, үөскэтэр, буоһатар, оҥорор. Онон аҕалар, Үөһээ Аар  Айыылар ити биэрбит ыйаахтарын толороллор. Аҕалар ый аайы ыйданан ыраастамматтар. Кинилэр үөскэтэр айар эйгэлээхтэр.

      Оттон Орто Дойдуга тыһы эйгэ барыта аҕаттан буоһуур, оҕо оҥорторор уонна ону Буор Кутунан иитийэхтээн төрөтөр. Аан Дойду философиятын быһыытынан Сир Ийэ эмиэ Аҕа Халлаантан буоһуур. Ол иһин үүнээйи эмиэ үүнэр, ол дьону, хамсыыры-харамайы аһатар. Үүнээйилэри үүнэллэригэр Сир Ийэ иитэр. Оттон Аҕа Халлаан үүнээйи тас көрүҥүн, туһатын, кэрэтин уһансар, кинилэргэ Айыы күүһүн иҥэрэр. Кыыл-сүөл, үөн-көйүүр тыһы эйгэтэ барыта атыырдартан буоһууллар. Манна үксүн аҕа эппиэтинэһэ кыра. Биир атыыр элбэҕи буоһатар. Оттон киһиэхэ кэллэххэ, дьахтарга эр киһи-аҕа нөҥүө оҕо үөскүүрүн эттибит. Оҥоһуллубут оҕо дьахтар Буор Кутуттан аһаан оҕо буолан төрүүр. Дьахтар, ол аата, Сир Ийэ тыһы эйгэтигэр киирсэр. Кини оҕоломмот кэмигэр ый аайы ыраастанар. Итинэн саҥа ууһааһыҥҥа бэлэмнэнэр. Ол аата дьахтар Ийэ Сиргэ, эр киһи Аҕа Халлааҥҥа чугастар. Ити кинилэр биир сүрүн уратылаһыылара буолар. Аар Айыы итэҕэлэ уонна айылҕа быһаарыыларынан хаһан баҕарар аҕа үөһэ турар, кини олоххо сүрүн быһаарар оруолу ылар.  Сахаларга, ол иһин айылҕа, олох аналынан сөпкө олоруу ирдэбилэ былыр баар этэ. Итини тускуллааччынан Аар Айыы итэҕэлэ буолара. Ити умнуллан элбэҕи түҥ-таҥ туойуу эмиэ үгүс. Билиҥҥи сорох дьахталларбыт эр киһиттэн ордо сатааһын мөккүөрүгэр киирдилэр. Оннооҕор ыйданалларын эр киһиттэн ордуктарыгар киллэринэллэр. Дьахтар эр киһиттэн ордук өйдөөҕүн, дьоҕурдааҕын, кыахтааҕын о.д.а. туһунан дойҕохтооһун бэчээккэ, кэпсэлгэ үксээтэ. Инньэ гынан, олус көҥүл баран, барыны бары биһиги дьаһайыахтаахпыт, быһаарыахтаахпыт дэһэн киирэн бардылар. Тыл уҥуоҕа суох! Ол түмүгэр үгүс дьахталларбыт дьүһүннүүн-бодолуун, быһыылыын эр киһитийдилэр. Биллэн турар, кинилэр үрдээн дьаһайыы, баһылааһын таһымыгар чугаһаатылар да, эр киһини үтүктүүгэ, кини саҥатын-иҥэтин, туттуутун-хаптыытын сүһүйүүгэ киирэллэр. Түмүгэр олоххо, обществоҕа улахан охсууну оҥороллор. Кинилэр олоххо улам ийэ, хаһаайка, иитээччи, дьиэ кэргэни түмээччи, саҥа көлүөнэни төрөтөөччү быһыытынан Айылҕа, Аар Айыылар айбыттарын утаран киирэн бардылар. Хаһан баҕарар, киһи Айылҕа уонна Итэҕэл тугу үөрэтэллэринэн, кинилэр хайдах айбыттарынан олоруохтаах. Ол дьиҥнээх, сөптөөх олоруу буолар. Оттон ону утарыы, хаһан баҕарар, киһи-аймах обществотын улахан сыыһаларга аҕалара чуолкай. Хаһан баҕарар, Айылҕа айбыт сокуоннарын утарыы улахан тиэрэ көстүү диир сыыһата суох. Оттон Айылҕа сокуоннара диэн ааттыырбыт — бу Үөһээ Аар Айыылар Аан Дойдуга олохтообут сүдү оҥоһуулара буолар. Ол оҥоһуулары Чыҥыс Хаан ыйаахтаабыта, Одун Хаан оҥорбута, ону Үрүҥ Аар Тойон бигэргэппитэ.

Онон Аар Айыы итэҕэлин Үөрэҕэ диэн,  бу Ийэ Айылҕа ис кистэлэҥ сокуоннарыгар сөп түбэһэн олоруу уонна кинилэри сөпкө тутуһуу буолар. Билиҥҥи дьахтар итэҕэлтэн тэйэн олох ыарахаттарыттан, ас-үөл сүмэһинэ мөлтөҕүттэн, үгүс сылларга үөрэнэн, олоххо бэйэ миэстэтин булуна сатааһыҥҥа үгүс сырата барарыттан, сыыһа олорууттан уонна эр дьону кытта күрэстэһэ сатааһынтан үчүгэй ыччаты биэрэр ис күүһэ, сүмэтэ мөлтөөтө. Манна өссө радиацияны, араас ыарыылары эбэн кэбис. Эр да дьоҥҥо айгырааһын элбэх. Өссө эр да дьоҥҥо, дьахталларга да арыгы иһиитэ элбэҕин этиэххэ наада. Дьэ, ол иһин үрдүк өйдөөх, бухатыыр, кыраһыабай, уһулуччу дьон үөскээбэттэрин кэриэтэ.

Манна даҕатан эттэххэ, оҕону кыра сааһыттан доруобуйатын мөлтөтөр факторынан үөрэхтээһин систиэмэтэ буолар. Тымныы оскуолалар унньуктаах үөрэхтэрэ, аччык аҥаардаах устудьуон олоҕо ыччат доруобуйатын улаханнык айгыратар. Бу киэҥник быһаарыллыахтаах глобальнай боппуруос буолар. Доруобуйата суох специалист сиргэ, олоххо тугу да кыайан быһаарбат. Оҕо айбыт аҕатын, үөскээбит ийэтин кытта үөскээтэ да, ситимнэспитинэн барар. Маны былыргы сахалар наһаа үчүгэйдик билэллэрэ. Оҕо көстүбэт ситимэ олус үрдүк. Ол иһин, оҕо ийэтин иһигэр үөскээтэ да, ийэтигэр эрэ буолбакка, аҕатыгар эмиэ сабыдыаллаан киирэн барар. Оҕо ийэ иһигэр үөскээн улаатыытын оҥорбут аҕа этэ-хаана эмиэ билэ, ситимнэһэ сылдьар. Былыргы саха норуотун муудараһын быһыытынан оҕо хараҕа үөскүүрүгэр оҥорбут аҕа күнүс утуктуур, элбэхтик утуйуо кэлэр буолар үгэстээх. Ол иһин былыргы мындыр дьоннор күнүс утуктуур эдэр дьоҥҥо: «Эдэр киһи, утуктуу олороҕун дуу? Оҥорбут оҕоҥ хараҕа үөскээн эрдэҕэ дии», -дэһэр буолаллара. Үөскэх маҥнай хараҕа үөскүүр. Ол,  соторутааҕыта оҕо оҥорбут аҕалар ити кэмҥэ утуктуур эбиттэр. Ити олоххо баар суол. Көстүбэт ситим күүстээх буолар, кини оҕону аҕатын кытта эмиэ итинник сибээстиир.

        Былыргы саха өйдөбүлүнэн, кыыс оҕо төрүүрүгэр Ийэ ордук илистэр. Оттон уол оҕоҕо ордук аҕа илистэр. Мээнэҕэ олус илистибит, сылайбыт киһиэхэ: «Кыыстаммыт дьахтарга дылы», — диэбэттэр ээ.

        Биллэрин курдук дьахтар төрүүрүгэр талыыланар. Ол бириэмэҕэ сорох эр дьон — аҕалар эмиэ ыарытыйар курдук буолаллар. Маннык көстүүлэр олоххо кэтээн көрдөххө чуолкай бааллар эбит. Айылҕа кистэлэҥэ үгүс буолар эбээт!

         Онон, үөскүүр-төрүүр эйгэ туспа араас кистэлэҥнэрдээх.

  Мээнэҕэ:

  — Үөскүүр имэҥнээх,

  Төрүүр төлкөлөөх,

  Оҕолонор оҥоһуулаах,

  Торбостонор торумнаах,

   Кулуннанар куотуһуулаах, — диэхтэрэ дуо?!  Былыргы сахалыы өйдөбүлүнэн, Аар Айыы итэҕэлинэн «үөскүүр үөскүөхтээх, төрүүр төрүөхтээх, ууһуур ууһуохтаах, үүнэр үүнүөхтээх». Ону бопсуу сыыһа. Арай дьоҥҥо итиннэ итэҕэл, үрдүк өй-санаа түмүгүнэн айыллыбыт туспа сиэр-майгы, бэрээдэк олохтонор. Аар Айыы итэҕэлин үөрэҕэ өссө маннык этэр:

 — Үөскүүр үлүскүннээх,

 Төрүүр-ууһуур кэмнээх,

 Айыллыбыт ыйаахтаах,

 Куотан хаалар кутталлаах,   Ааһан хаалар албастаах, — диэн. Бу сэрэтии, өйдөтүү буолар. Ону умнубат наадалаах. Ол иһин, бэйэҥ кэмҥин, бириэмэҕинкуоттарыма диэн үгүс өйдөтүүлэр бааллар. Холобура:

  — Күөскүн үлүннэрэн куоттарыма,

  Ойоххун атыҥҥа улдьаардыма, — диэн.

   — Бүгүн буолары сарсын диэмэ,

   Бэйэҥ кэмнэргин сүтэримэ, о.д.а.

    Оҕо Ийэ Кутун Үрүҥ Аар Тойонтон Ахтар Айыыһыт ылан аҕаҕа уу-дьулайынан иҥэрэр. Ити кэмтэн ыла үөскээбит оҕоҕо айылҕаттан ас-үөл ананан барар. Аҕаҕа, эбэтэр чугас аймахтарга булт тосхойор, балык бултанар, сүөһүлэр эрдэ үчүгэйдик төрүүллэр, ас-үөл дэлэйэр. Эбэтэр чугас аймахтар туох эрэ улахан көмөнү оҥороллор. Оҕолонор дьоҥҥо дьол тосхойор, соргу улаатар.

   Дьэ, ол иһин саҥа төрүүр оҕону айах адаҕатын  курдук көрүү, туоратыы, саҥарыы улахан аньыылаах. Кыра оҕону кыайан булан аһыыр-таҥнар кэмэ илигинэн, кини кыра саастааҕынан, буом кэминэн туһанан саҥарыы, атаҕастааһын эмиэ ыар аньыылаах. Итинник аньыылаах киһиэхэ бэйэбитигэр  иэстэбил кэлэр. Оҕону Ахтар Айыыһыт уонна Эдьэҥ Иэйэхсит көмүскүүллэр. Кинилэр буруйдааҕы Үрүҥ Аар Тойоҥҥо буруйдатыахтарын сөп. Олох ыараханынан сибээстээн  оҕону айах адаҕатын, иитимньи курдук көрүү сорох дьоҥҥо куруук баара, билигин да баар.  Ити аньыы! Улахан дьоллоох-соргулаах киһи төрөөтөҕүнэ, ол ыал туох эрэ дьоллоох түгэнинэн байан кэлиэхтэрин сөптөөх. <…>

   Оҕо аҕалаах ийэтин кытта көстүбэт ситимнээҕин дакаастыыр чахчынан Аан Дойдуга көстөр уонна көстүбэт эйгэлэр бааллара буолар. Онон оҕо төрөппүттэрин кытта ситимин аҥаардас материальнай эйгэннэн уонна өйдөбүллэринэн быһаарыы уонна сыаналааһын олус тутах. Киһи эмиэ көстөр  уонна көстүбэт эйгэлэртэн турар. Дьон икки ардыларыгар  көстөр уонна көстүбэт ситим,  көстүбэт эйгэнэн хардарыта дьайсыы олус күүстээх. Ити уустук оҥоһуубутун олус  судургутан өйдөөммүт наһаа элбэх алҕастарга кииртэлиибит. Оҕо төрөөтүн төрөппүттэрэ аат-суол биэрэллэр. Ааты эрэ буолбатах, суолу эмиэ биэрэллэр. Оҕо аата бэйэтигэр, кини инники кэскилигэр сөп түбэһэр буолуохтаах. Оҕо сөпкө ааттаннаҕына, кини иннигэр  уһун киэҥ суол арыллар, кэнэҕэскитин кини ат тарпат албан ааттанан, албан аата аҕыс аартыкка айаатаан, тоҕус үйэҕэ тиийэр, ол аата, аата-суола үрдүүр, кэнэҕэски ыччаттарыгар хаалар. Оттон сыыһа бэриллибит аат оҕо инники кэскилигэр мэһэй буолар.

    Сорох түбэлтэҕэ, оҕолоругар өлүүлээх ыаллар, оҕолоругар куһаҕан ааты биэрэллэр. Холобура, Ыт Уола, Ыт Кыыһа, Күтэр, Кутуйах о.д.а. Итинэн, санааларыгар, сиир абааһы кинилэр оҕолоругар, ааттара куһаҕанын иһин, болҕомтотун уурбат, сиэбэт буолар диэн өйдүүллэр. Сахаларга былыр Ыт Кыыһа диэн ааттаах эр дьоннор бааллара. Манна төрөппүттэр икки албаһы тутуннубут дии санаабыттар, бастакытынан, куһаҕан ааты биэрэн, ыты абааһы сиэбэт, өссө куттанар, эгэ Ыт Кыыһын сиэ дуо?! Иккиһинэн, уол оҕону кыыска муннаран Ыт Кыыһа диэн ааттаан. Сорох чинчийээччилэр, Ыт Кыыһа диэни Ыт көс омуктар таҥаралара, онон таҥаранан абааһыны куттаары Ыт Кыыһа диэбиттэр диэн улахан сыыһалаахтык быһаараллар. Бастакытынан, сахалар Ыт таҥаралара суох. Ыты таҥара оҥостубаттар, дэҥҥэ абааһыттан көмүскүүр ымыылаах (бу түбэлтэҕэ абааһыны үүрэр диэн өйдөбүллээх — В.К.) ыттар бааллар дииллэр. Онон ыт таҥараланан  саҥа үөҕүүгэ кииримиэҕиҥ, улуу итэҕэлбитин, Аар Айыы итэҕэлин намтатымыаҕыҥ. Биһиги итэҕэлбит язычество буолбакка, Аан Дойду итэҕэлэ буолар кыахтаах, үрдүк таһымнаах улуу итэҕэл буолар.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх