Аар Айыы итэҕэлин уөрэҕиттэн
Аар Айыы итэҕэлин сүрүн өйдөбүллэрэ, өрүттэрэ, тутуллара, үөрэҕэ тугуй-ханныгый диэн кэпсэтэн ааһыаҕыҥ уонна киһи бу Орто Туруу Бараан Дойдуга сөптөөхтүк олоруутун быһаарар тускуллары билсиэҕиҥ. Олор сүнньүнэн манныктар диир сөптөөх диэн саныыбын:
1. Киһи Ийэ Айылҕаҕа сөпкө дьүөрэлэһэн олоруута
Киһи Ийэ Айылҕа оҕото, сорҕото буолар. Киһи айылҕаны баһылыы, алдьата, киниттэн аҥардастыы ыла сатыыра төрүт сыыһа көстүү буолар. Киһи Ийэҕэ сыһыаннаһарын курдук Ийэ Айылҕаҕа сыһыаннаһыахтаах. Ийэ Айылҕаҕа сөптөөх сыһыан, кинилиин дьүөрэлэһии туһунан урут элбэхтик суруйбутум. Олору инники кинигэлэрбиттэн ааҕыахха сөп.
Айылҕаны сүрүн алдьатааччынан киһи иҥсэтэ буолар. Кини иҥсэтигэр сир баайын ыла охсоору, дьону сэрэппэккэ, бэйэтэ сэрэммэккэ, олус холус ньымаларынан Сир баайын хостуурунан үлүһүйэр. Россия, Саха сирэ курдук олус баай сир баайыгар олус хараҥарбыт, барытын хостоон сии охсорго үлүһүйбүт иҥсэ мэнэгэй хаппыталыыстар үөрдэрэ сирбитин сиҥнэрэр, дьон-сэргэ, саха омук инники кэскилин быһар, сарбыйар, үөскүүр ыччатыгар тугу да хаалларбаттыы дьаһайар, ыгар-түүрэр, ылар, суох оҥорор үлэни ыытар, улахан имперскэй былааны олоххо киллэрэргэ турунар. Онон биһиги Үрдүк Таҥарабытыгар Үрүҥ Аар Тойоҥҥо үҥэр, көрдөһөр, Аар Айыыларбытыттан ааттаһар, Бүппэт Улуу Куйаар Эйгэтиттэн күүс-көмө, тыын көмүскэлэ көрдүүр кэммит кэллэ быһыылаах. Саха сирин дьоно, омугуттан тутулуга суох, үрүҥ тыын өллөйө, хара тыын харыһыга баар буоларын иһин, инники туох эмэ кэскиллээх, ыччат дьон тахсар суоллаах, туохха эмэ эрэмньилээх буолар дьонноноллорун туһугар улаханнык турунар кэммит кэллэ быһыылаах. Норуот, киһи-аймах бүттүүн да уйана-хатана биллэрэ сөп буолла.
Мин, кырдьаҕас, өр элбэҕи сылыктаан толкуйдаабыт, элбэҕи билэр да киһи санаам итинник. Сэриилэһиҥ диэбэппин, Ийэ Айылҕаны, бэйэҕит инники кэскилгитин үрдүк таһымнаахтык, соокуоннайдык, ол аата Аан Дойду да, Сир-Халлаан да, дьон да суруйбут сокуоннарынан көмүскээҥ, көмүскэниҥ.
Киһи бу сирдээҕи олоҕор саамай сыаналаах баайынан Ийэ айылҕабыт чөл туруута буолар. Кини чөл буоллаҕына, биһиги эмиэ чөлбүт. Кини алдьанна, бүттэ да, киһи-аймах, көтөр-сүүрэр бүтэр кутталлаах. Ийэ айылҕа киһи-аймаҕы аһатар, таҥыннарар, бүөбэйдиир, итиэрэр, угуттуур, эмтиир-томтуур, сылаас ыраас салгынынан этин-хаанын чэгиэрдэр, ыраастыыр, ыраас уунан эмсэхтиир, бэйэтин ыраас, чэбдик эйгэҕэ киллэрэр, кири-дьайы тэйитэр, аал уотунан, арчы сырдыгынан алыастыыр, өйү-санааны, сүрэҕи-быары, куту-сүрү барытын үрдэтэр, күүһүрдэр. Таҥара айыытынан итинник. Таҥара айбыта эрэ киһиэхэ дьиҥнээхтик тыын, ас-үөл, уот, салгын, уу буолар. Киһи бэйэтэ итилэри оҥоро сатаабыта күннээҕи, таах хаалары үтүктүү эрэ буолар. Онон айылҕа айыыта — бу дьиҥ таҥара айыыта буоларын курдук өйдөнүллүөхтээх. Холобура, уу диэн улуу суолталаах убаҕас эттиги ылан көрүөҕүҥ. Сир үүнээйилэрэ, кыыллара, киһи, сир бэйэтэ даҕаны үксэ ууттан тураллар. Ол аата уу бу сир биологическай олоҕор сүҥкэн суолталаах диир саамай сөп. Уу олох төрдө буоларыгар мөккүөр суох. Киһи эти-сиинин, ол аата уопсай ыйааһынын түөртэн үһэ (75%) уу. Киһи сүрүн аһылыга — уу. Уу саҕа элбэҕи ким да аһаабат. Иһэр чэйиҥ, кофеҥ, араас утахтарыҥ, мииниҥ, үүнээйи астарыҥ уо.д.а. үксэ ууттан тураллар. Промышленность сотору сиргэ ыраас ууну суох оҥороору турар. Ол аата, промышленноһы, сиргэ киһи-аймах өстөөҕөр кубулуттулар. Уу суох буолла да сиргэ үүнээйи, хамныыр-харамай сүтэллэр. Баай дьон сиртэн хостонор баайы Ийэ айылҕаны алдьаппакка, Сир диэн планета олоҕун саахаллаабакка кыайан ылбаттарыттан итинник. Дьиҥэр, сир баайын сыыйа, айылҕаны алдьаппакка эрэ киэҥ техническэй таһымы оҥорон баран, хостуохха наада этэ. Ити дьиҥэр тоҕо кыаллыбат буолуой?! Билиҥҥи хаппыталыыстар Ийэ сир иһин кураанахтаан баран, кэлэр көлүөнэҕэ тугу хааллараары толкуйданар дьон эбитэ буолла?! Кинилэр да оҕолоох-уруулаах дьон буолуо дии! Ама, кинилэр сиртэн хостонор баайдар бүтэн эрэллэрин билбэттэр үһү дуо?! Дьэ, дьикти дьон, дьикти, дьиибэ үйэ диэтэҕиҥ!
Аар Айыы итэҕэлин бэл сахалар билбэттэр. Салалтаҕа сылдьааччылар эмиэ. Ол иһин Ийэ Айылҕабытын, сирбитин-уоппутун, дьоммутун-сэргэбитин, ыччаттарбыт кэскиллэрин дьиҥнээхтик турунан көмүскээһин суох. А.И. Чомчоев, Иван Бурцев, И.Е. Егоров — Оһуокай Уйбаан эрэ көмүскүөхтээхтэрин курдук өйдөбүл баар. Сорохтор өссө манна күлүү-оонньуу курдук сыһыаннаһаллар. А.И. Чомчоев, Иван Бурцев, И.Е. Егоров дьиҥнээх патриоттар буолаллар. Кинилэргэ эт-хаан өттүнэн, генетически маннык Ийэ Айылҕаны көмүскээһин тыына Аар Айыылартан бэриллибит. Мин эмиэ маннык киһибин. Тимир суол Дьокуускайга кэлэрин, билигин нефтепровод бэлэмэ суох тардылларын утарабын. Тоҕо эрэ мин этим-хааным, өйүм-санаам, ис билэр туругум итилэри утараллар уонна ити оҥоһуулар куһаҕан түмүктээх буолуохтарын, норуоппар, Ийэ Айылҕабар элбэх иэдээн кэлиэҕин, барытын өтө сэрэйэбин. Ол иһин этим тардар, өйүм-санаам күүрэр. Билигин үгүс сахалар балысханнык сайдыахпыт дэһэллэр. Ол «сайдыыбыт» биһиэхэ тугу аҕаларын туһунан тоһумурдаан өйдөөбөттөр. Туох да үтүөнү аҕалыа суоҕа. Айылҕабыт, булпут, үтүө айылҕабыт, ыраас уубут, дыргыл сыттаах салгыммыт сүтүөхтэрэ, киртийиэхтэрэ, бүтүөхтэрэ. Сириҥ баайа эмиэ бүтүөҕэ. Ийэ сириҥ киһи олорбот туус тукулааныгар кубулуйуоҕа. Дьэ, уонна эн «балысхан сайдыылана» сырыт! Оттон ол «балысханнык сайыннарбыт» дьонуҥ ыраах араас бөдөҥ куораттарга байан-тайан олохсуйуохтара. Сорохторун ол «балысхан сайдыы» долгуна эрдэ илдьэ барыаҕа. Ол байбыт, үтүө улуу куораттарга да олохсуйбут өттүлэригэр да, Аан Дойду, Ийэ Айылҕа кыыһырыылара син биир кэлиэҕэ. Бу мин этиим буолбатах, мин көрөбүн эрэ уонна ити «балысхан сайдыы» дьонун испэр сүрдээхтик аһынабын. Тоҕо диэтэххэ бу дьиҥнҥэхтик муммут, Үрдүк Таҥараны, Ийэ Айылҕаны утаран, кинилэр ис сокуоннарын кэһэн, дьиҥнээхтик иэдээҥҥэ кэлбит, иҥсэ идэмэрэ өлүү суолугар тэппит дьонноро буолаллар.
Киһи-аймах өссө да уһуннук да уһуннук Ийэ сиригэр үлэлээн аһы-үөлү оҥорон, айылҕаны алдьаппакка олоруо, айыа, инникитин өссө да сайдыа этэ. Тоҕо эрэ олоҕу, дьону-аймаҕы оннук салайыы оҥоһуллубата дии. Сэбиэскэй да былаас, социализм даҕаны, капитализм даҕаны Россияҕа, Саха сиригэр аҥардас айылҕаны алдьатар политиканы ыыттылар диир сыыһа буолуо дии санаабаппын. Итини хайдах да ситэ өйдөөбөттөн буолуо диэн быһаарар сатаммат курдук. Барыта үөрэхтээх дьон айылҕаны ордук алдьаталлар ээ. Билигин Ийэ сирбит чөл айылҕата кыччаата, аҕыйаата. Ол аата, Сир диэн планетаҕа киһи-аймах өссө да олорор бириэмэтэ кылгаан иһэр.
Эн, Сир киһитэ! Ийэ Айылҕаҥ алдьаныытын утары охсус. Ийэ Айылаҥ хас биирдии лоскуйун, хас биирдии отун-маһын, сибэккитин, сэбирдэҕин, көтөрү-сүүрэри барытын, хас биирдии лыаҕы, тэмэлдьигэни — барытын харытаа, көмүскээ. Ууҥ баайын, балыккын, кускун, ходуһаҥ быйаҥын, ууҥ ыраас килбиэнин, салгыныҥ мүөттээх дыргылын сүрэххэр чугас тут уонна бэйэҥ бас билииҥ курдук туох баар этиҥ-хааныҥ, өйүҥ-санааҥ, кутуҥ-сүрүҥ күүһүнэн барытын көмүскэс. Өскөтүн киһи барыта көмүскэһэрэ, харыстыыра буоллар, Ийэ Айылҕаны ким да алдьата сорунуо суоҕа этэ. Дьиҥнээҕэ оннук. Биир санаа, биир күүс буола түмсүүбүт суох. Олоххо ким эрэ көмүскүүр, ким эрэ ону утарар, ким эрэ сирэйин кистиир, ким эрэ алдьатааччылары өйүүр, ким эрэ туохха да кыһаллыбат. Ол иһин Ийэ Айылҕаны алдьатааччылар көҥүл күннүүллэр, кимтэн да ыйыппакка алдьаталлар.
Аар Айыы итэҕэлэ эрэ дьиҥнээхтик Орто Туруу Бараан Дойдуга киһи Ийэ Айылҕалыын сөпкө дьүөрэлэһэн олоруутун туһунан анал үөрэхтээх уонна киһи аймахха сөптөөх ирдэбиллээх. Дьэ, ол иһин Ийэ Айылҕалыын, Орто Дойдугун — Ийэ сиргин көмүскүүр туһуттан аан маҥнай Аар Айыы итэҕэлин ис хоһоонун билиэххэ, билиинэн сэбилэниэххэ наада. Бу итэҕэл туһунан мин биэс кинигэни суруйдум. Олору барытын аах, ис хоһоонун өйдөө уонна бу итэҕэли таптаа, итэҕэй. Эн бу итэҕэли ылыныыҥ уонна тапталыҥ Ийэ Айылҕаҕын дьиҥнээхтик өйдөөһүҥҥэ уонна кинини таптааһыҥҥа аҕалыа. Ол тапталыҥ улуу таптал буолуо. Бу тапталыҥ Бүппэт Улуу Куйаары таптааһыҥҥа аҕалыа. Оччоҕо бу Улуу Куйаары букатын атын хараххынан көрүөҕүҥ, эн кини сорҕото буоларгын дириҥник өйдүөҕүҥ. Эйиэхэ улуу таптал кэлиэ, Аан Дойдуга, Ийэ сиргэ, Күн Сиригэр, олоххо, дьоҥҥо таптал. Оччоҕо бу үөскээбит эйгэҕин олус көмүскүүр санааланыаҕыҥ уонна дьэ, дьиҥнээхтик көмүскүөҕүҥ. Бу улуу таптал эйиигин Ийэ Айылҕаҕа сөпкө дьүөрэлэһэн олорорго үөрэтиэҕэ. Эн бу улуу таптал эйгэтигэр киирдиҥ, аны хаһан да улуу эйгэттэн тахсыаҥ суоҕа уонна таптал дьиҥнээх күүһүн билиэҕиҥ. Түүҥҥү сэбирдэх сипсиэрэ, модун тииттэр хойуу мутукчалаах суон лабааларын сөҥ суугуна, күөл кытыытыгар чөкчөҥө көтөр көрүдьүөс саҥата, балааккаҥ маһын таһыгар чыычаах кынатын тырыбынайар тыаһа, кэҕэлэр куоталаһар саҥалара, кырдалга күөрэгэй ырыатын дьырылыыр, дьирилиир кэрэтэ, сарсыардааҥы күн чаҕыла, күөл уутун ис кистэлэҥ тыаһа, нүөл хонууларга мэччийэр ынахтар кэбинэр тыастара, кинилэр тойон баһылыктара мөрүөн мөҥкүр оҕус мөҥүрээн ньиргиһитэрэ, айаатаан лаҥкынатара, модун атахтардаах ласпаҕар биэҕэ уһун сиэллээх атыыр турара, саҥа төрөөбүт кус ойууртан күөлгэ киирэрэ, сайылык кыргыттарын сатархай күлсүүлэрэ, Улуу Халлаан ыраахтан кэлэр дириҥник дуораһыйар киэҥ дорҕоонноох, сүдү ырыата, саамай күндүтүк саныыр киһиҥ аатыттан кэлэр дьикти кэрэ сылаас — бу барыта эн Улуу Тапталыҥ эйгэтэ буолуохтара. Эн бу эйгэттэн хаһан да тахсыма, таҕыстыҥ да мөлтүөҥ, сүтүөҥ, бүтүөҥ. Оннук эрэ суолга кииримэ. Киһи саха итэҕэлинэн, өйдөбүлүнэн үксүн биирдэ төрүүр. Биирдэ төрөөбүт аакка бу үтүө эйгэттэн матыма, бу эйгэҕэ күүскэ киир уонна бары кэрэтин, минньигэһин бил. Бу эйгэни күүскэ таптыы-таптыыгын Үөһээ Аар Айыыларга үҥк, сүгүрүй. Оччоҕо бу олорор эйгэҥ өссө кэрэтийиэ. Ол кэрэни сүтэримэ, умнума. Сүтэрдэххинэ — барытыттан матаҕын, умуннаххына — үтүө суолтан туоруугун, оттон таҥнардаххына — аньыыга-хараҕа киирэҕин. Бу этиллибит кэрэ таптал эйгэтэ эмиэ түгэн ээ. Оттон түгэн өр күүппэт үгэстээх. Ол кэрэ түгэннэри куоттарыма, таба тут. Ол эн дьолуҥ уонна табыллыыҥ буолар. Ким Аан Дойду, Ийэ Айылҕа кэрэ түгэннэрин таба көрөр уонна ону туһанар — ол бу олоххо, айылҕаҕа сөптөөхтүк дьүөрэлэһэн олорор дьоллоох уонна Ийэ Айылҕа ис сокуоннарын үчүгэйдик билэр киһи буолар. Аан Дойду уонна Ийэ Айылҕа кэрэ түгэннэрэ солбуйса, бииртэн биир, саҥаттан саҥа үөскүү тураллар. Дьэ ол иһин Аан Дойду куруук баар, хаһан да бүппэт, сүппэт. Ол гынан баран биир түгэн хаһан да иккиһин хатыламмат. Ити Ийэ Айылҕа, Аан Дойду ис кистэлэҥ сокуоннара буолаллар. Бу дьиҥнээх Үрдүк Таҥаранан олохтоммут сокуоннар буолаллар. Аан Дойду Чараас Эйгэтэ олус билигэс. Эн хас биирдии сыыһа дьайыыҥ, саҥаҥ, санааҥ онно тиийэ тураллар. Оттон эн ити күүстээх тапталыҥ чараас эйгэҕэ эмиэ тиийэн, бэйэтин дьиҥнээх миэстэтин булар. Онон Ийэ Айылҕаҕа сөпкө дьүөрэлэһэн олорууҥ сүрүн төрдүнэн киниэхэ таптал буолар. Бу Ийэ Айылҕаҕа таптал саамай улахан таптал буолар. Бу тапталы билбэт киһи, уопсайынан да, таптал диэни билбэккэ сиргэ олорон ааһыан сөптөөх. Кини дьахталларга имэҥин-дьалыҥын, баҕарыытын, оҕолоругар тардыһыытын таптал диэн саныан сөп. Бу ситэтэ суох таптал буоларын кини үйэтигэр өйдүө суоҕа.
+7 (999) 174-67-82