Аар Айыы итэҕэлэ кырдьык уонна кырдьыктаах билиилэр тустарынан

…Билигин туох эрэ кистэлэҥ билиини, араас байар албаһы, тыллары билэн, ону олоххо туһана сатааһыҥҥа дьулуһуу олус күүһүрдэ. Ол гынан баран, итинник билиилэри  түргэнник булан ылыахпыт дии санаамаҥ. Эбиитин, итинник билиилэри биирдиилээн дьон баһылааһыннара, Ийэ Айылҕа улаханнык кэһиллиитигэр тириэрдиэн сөп. Кистэлэҥ билиилэр (Кырдьыктаах Билиилэр) кыладабыайдарын, эбэтэр, ыскылааттарын чэпчэкитик булан, тугу да төлөөбөккө, эрэйдэммэккэ, онно көҥүл хааман киириэхпит дии санаамаҥ. Маннык Кырдьыктаах Билиилэр, дьиҥэр, чугас соҕус бааллар, ол гынан баран, арааран билэр, чуолкайдыыр улуу өй наада. Биир улуу эмчит: «Дьиҥнээх улуу эми атаххытынан кэһэ сылдьаҕыт да, син биир билбэккит», — диэн этэн турардаах ээ. Онон, бу билиилэр ханнык эрэ хайа төбөтүгэр дуу, кыһыл көмүс ат иһигэр дуу, ханнык эрэ муора арыытыгар дуу, элбэх киһи паломничество оҥорор сиригэр дуу, үөхсүүлээх сымыйаччы куолуһут архыып матырыйаалларын түҥ-таҥ бөрөкөйдөөн суруйбутугар дуу буолбатах. Бу билии атыҥҥа баар.

Дьиҥнээх билии, оннук билиилээх киһи бэйэтин сайыннарар эрчиллиилэрин үөрэҕэр баар. Өйдөнүмтүө буоллун диэн эттэххэ, холобура, йогтар үөрэхтэрэ, эрчиллиилэрэ, саха ойууттарын үөрэхтэрэ, эрчиллиилэрэ, көрүүлэниилэр үөрэхтэрэ, киһи кыаҕын эрчийэр, сайыннарар үөрэхтэр, о.д.а. илиҥҥи философиялаах үөрэхтэр манна эмиэ киирэллэр. Кырдьыктаах Билиилэри киһи өйүттэн оҥорбот. Бу билиилэр үгүс үйэни туораан тиийэн кэлэллэр. Холобура, былыр сахаларга астрология суоҕа. Ону билигин сахаларга астрология айа сатааһын төрүт сымыйа үөрэх буолар. Сахалар, былыр, 13 ыйдаах этилэр. Ону билигин кэлэн 12 ыйы араастаан сахалыы ааттыы-ааттыы, сымыйа өйдөбүллэри айа сатааһын — бу аат-суол  оҥосто сатаан, сымыйа билиилэри оҥоро сатаан дойҕохтооһун буолар. Урут баары, кырдьыгы этиллиэхтээх, сымыйаны өйтөн саҥарыы судургу уонна ону саха итэҕэлигэр киллэрэ, соҥнуу сатааһын бу улахан аньыылаах дьыала диэххэ сөп.

 Аар Айыы итэҕэлигэр Сүдү Күүстээх Сүҥ Дьааһын Тойон этиҥ, уоту кытта ситимнээх идэлэр таҥаралара баар. Кини өссө  Аар Айыы уотунан Аан Дойдуну ыраастыыр, алыастыыр аналлаах. Бу таҥара функциятын барытын, уоту кытта ханнык да сибээһэ суох, атын аналлаах күүскэ Улуу Суорун Тойоҥҥо биэрэн суруйар уонна бу күүскэ үҥэр-сүгүрүйэр. Дьиҥэр, Улуу Суорун Тойон туох күүс буоларын Улуу П.А.Ойуунскай «Улуу Кудаҥса» диэн айымньытыгар суруйбута эбээт!

Кырдьыктаах Билиилэргэ Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр Доммнор, алгыстар киирэллэр. Мин 36 Домму билэбин, онтон 24-н сурукка киллэрдим. Уон иккитин билигин сурукка киллэрэртэн туттунабын. Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр доммнор бэйэлэрэ туспа кистэлэҥ күүстээхтэр, ону идэлээх киһи — Айыы ойууна, Айыы алгысчыта ыыттаҕына, дьиҥнээх толору күүһү ылан дьоҥҥо, айылҕаҕа үтүө дьайыыланар, дьиҥнээх Аар Айыы Доммо буолар. Айылҕаттан идэтэ суох киһи идэлэммитэ буолан, итинник сиэри-туому ыытыыта, сир-халлаан икки ардыгар туһата суох лабаҥха буолан хаалар. Билигин алгысчыт буолар анала суох дьон алгыс алҕаабыта буолан Аан Дойду Чараас Эйгэтигэр тиэрэ-таары долгуну үөскэтэллэр. Сорох дьон бэйэлэрэ алгысчыта суох эрээри, атын дьон суруйууларын, алгыстарын үтүктэн алҕаабыта буолаллар, өссө кинигэ суруйаллар.

Алгыс син биир Домм курдук дьиҥнээх билии буолар. Бу дьиҥнээх билии Үс Дойду эйгэтин тэҥниир, Аар Айыылар үтүө дьайыыларын Орто Дойдуга аҕалар, Аан Дойду эйгэтигэр олох сайдарыгар, ырааһырарыгар, уһууругар улуу кыаҕы биэрэр. Алгыс абырыыр күүһэ, ол аата Кырдьыктаах Билиигэ олоҕурар. Оттон Алгысчыт эмиэ дьиҥнээх Алгысчыт буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ, бу Кырдьыктаах Билии буолар. Сымыйалаан алгыска ырааппаккын. Сүүскүнэн муостаны лобуйа-лобуйа «лох-лох», абааһы курдук кэдэрги тайанан олорон «лах-лах», соҕуруу халлаан диэки хайыһан туран (ол аата, Улуу Суорун Тойоҥҥо) «туску-туску» диэбитиҥ алгыс буолбатах. Төттөрүтүн, бу абааһы дьайыыта. «Лох-лох, лах-лах!», — дии-дии кэдэрги тайанан лаһырчахтааһын, бу дьиҥнээх, абааһы кэмэлдьитэ буолар.

Аар Айыылар дьиҥнээх алгысчыты истэллэр. Мээнэ бу эйгэҕэ киирэн артыыстааһын, «һуппаа! һуппаа!» дии-дии, түөһү таптаныы үтүө түмүктэргэ аҕалбат. Бу дьиҥнээх артыыстааһын, сымыйалааһын, туох эрэ өйдөммөтү дьоҥҥо этэн соһута сатааһын уонна тугу да билбэт буолуу көстүүтэ буолар. Сирэйэ-хараҕа көстүбэт гына өрүү түүлээх таҥаска сөрөнөн тахсан алҕаабыта буолуу, бу эмиэ абааһылыы көстүү. Айыы ойууна, Айыы алгысчыта абааһыга дылы сирэйин кистээбэт, аата-суола этиллэр.

Дьиҥнээх алгысчыт буоларга үөрэниэххэ, элбэҕи билиэххэ наада. Алҕаан аат-суол ылыам дии санааһын, эмиэ тутах өйдөбүллэртэн тахсар. Киһи бэйэтин таһымын билиниэхтээх. Кыра таһымнаах, өссө отой да сыһыана суох эрээри, атын дьон тылынан алҕаабыта буолан, сатаабат эрээри сата баһын тардыы наадата суох.

<…> Шамбаланы — бэлэм суруллубут, кистэлэҥ билиини көрдөөннөр, Тибеты өрдөөҕүттэн тиҥсирийэллэр, Кайлас хайатыгар ыттан хастылар. Итинник билии суруллан ууруллан сытарын булбатылар. Дьиҥэр, бэйэм чинчийиилэрбиттэн, үөрэтиибиттэн түмүк оҥордохпуна, дьиҥнээх уонна Кырдьыктаах Билиилэр Аан Дойду — Бүппэт Улуу Куйаар эйгэтигэр бааллар эбит. Кинилэр өрүүтүн үлэлии, дьайа тураллар. Бу билиилэр сорох дьон духуобунай, Айыылыы эйгэлэригэр, өскөтүн бу дьон оннук аналлаах уонна сөптөөх суолунан иһэр буоллахтарына, өтөн киирэллэр. Маннык билиилэр киирэллэригэр киһи духуобунай эйгэтэ олус ыраас буолуохтаах. Абааһы, үөр эйгэтигэр киирэр, таҥхалыыр киһиэхэ маннык билиилэр киирбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, кини билиитин иһитэ абааһы, үөр хараҥа эйгэлэринэн туола сылдьар.

Онон, Кырдьыктаах Билиилэр Бүппэт Улуу Куйаар Чараас эйгэтин Айыылыы эйгэтиттэн сөптөөх дьоҥҥо киирэннэр Орто Дойду олоҕун сырдаталлар, инники кэскиллииллэр, Кырдьыктаах Билиилэр тарҕаналларыгар улахан олугу угаллар уонна Аар Айыылар Үрдүкү, Сырдык, Ыраас Тыыннарын чугаһаталлар. Бу хаһан да умнуллуо суохтаах. Кырдьыктаах билиилэри сир анныгар, хайаларга көрдүү сатааһын — бу намыһах таһым. Кинилэри Бүппэт Улуу Куйаар Аар Айыылыы ыраас эйгэтигэр көрдөнүллүөхтээх уонна ол  билиини ыларга бэйэни үчүгэйдик бэлэмнэниллиэхтээх. Киһи-аймах үксүн сыыһа олорон кэллэ, билигин да онтун салгыыр. Бу сүрүн биричиинэтэ Орто Дойду государстволарын салайан олорор дьон Кырдьыктаах Билиилэри билбэттэр. Түргэнник, тугу да аахсыбакка, Ийэ Айылҕаны үлтү садаҕалаан сир баайын ыла, туһана, атыылыы, байа охсуохха диэн санаанан быһаччы салайтараллар. Бу иэдээн. Билигин маннык үлтү садаҕалааһыннар содулларын көрө олоробут.

Кырдьыктаах Билии быһыытынан — киһи Ийэ Айылҕатын иһигэр сөпкө, алдьатааччы, урусхаллааччы буолбакка, айааччы, чөлүгэр түһэрээччи буолан, сөпкө олоруохтаах.

 Кырдьыктаах Билии быһыытынан —  Аан Дойду Аар Айыы Алгыһынан тутуллан турар. Маны сорох киһи итэҕэйбэт, ылыммат, өйдөөбөт. Бу дьон ону өйдүүргэ таһымнара тиийбэт. Мин,  бу эйгэнэн быһаччы үлэлээбит, үлэлии сылдьар киһи, Аар Айыы Алгыһа дьоҥҥо, Ийэ Айылҕаҕа үтүө Айыылыы  сабыдыаллааҕын быһаччы билэбин. Алҕаан киһини үтүөрдүөххэ, олоҕор баар мэһэйдэри суох оҥоруохха,  куһаҕан дьайыылары үтэйиэххэ, олоҕо, оҕолоро, инники олоҕо үчүгэй буолалларын о.д.а. ситиһиэххэ сөп. Ийэ Айылҕаны алҕаан элбэх сыыһаны көннөрүөххэ, үгүс алдьаныыны чөлүгэр түһэриэххэ, айылҕаны чэлгитиэххэ, хаппыты да көҕөрдүөххэ сөптөөх. Маннык алҕаан, үрдүк ситиһиилэри ситиһэн Аан Дойдум, Аар Айыыларым, сирдээҕи үтүө иччилэрим, Ийэ Айылҕам мин алгыспын ылыналларын, сөбүлүүллэрин билэбин. Алгыырбар Аан Дойду — Бүппэт Улуу Куйаар улуу ситимигэр киирэбин уонна ыҥырар күүстэрим  миигин ылыналларын ис куппунан-сүрбүнэн билэбин уонна алгыһым төһө дьайыылааҕын, үтүөнү, үчүгэйи оҥорорун, үтүөрдэр, чэгиэрдэр күүстээҕин барытын көрөбүн.

Аар Айыы Алгыһа — бу дьиҥнээх Кырдьыктаах Билии. Бу Кырдьыктаах Билии Аан Дойдуга, Ийэ Айылҕаҕа үтүө дьайыылааҕын билэбин, дьиҥнээх үтүө кырдьык  куруутун туһалааҕын өйдүүбүн. Алҕаатахха күн уота кытта ырааһырар, Ийэ Айылҕа киэркэйэр, өҥ барыта тупсар, салгын чэгиэрэр. Алгысчыт алгыы турдаҕына, кини алгыһа төһө сөптөөҕүн, хайдах таһымнааҕын киһи тута билэр, быһаарар.

«Аар Айыы Итэҕэлэ». В.А. КОНДАКОВ. 254-257сс.., Дьокуускай 2013 с.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх