ӨРӨГӨЙ хаҺан уонна хантан кэлэрий?

           Михаил Лукачевскай «Триумф» (Өрөгөй) киинэтин көрөн кэллим. Саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы киҺи болҕомтотун тардар, тыҥааҺыннаах киинэ. Көрө да олорон, бүппүтүн да кэннэ араас санаалар, толкуйдар киирэллэр… Ол туҺунан кылгастык санааларбын үллэстиим.

             Мин санаабар киинэ үс сүрүн өйдөбүлү, уобараҺы күүскэ көрдөрбүт.

  1. Саха улуу тустууктарын өрөгөйө

Саха уолаттара Павел Пинигин, Роман Дмитриев, Александр Иванов Монреалга буолбут олимпиадаҕа чулуу тустууну көрдөрөннөр , кыайан- хотон, бүтүн Советскай Союз өрөгөйүн уҺансаллар.

Ону барытын кинилэр күүстээх үлэлэринэн, дьулуурдарынан, талааннарынан ситиҺэллэр. Ол иҺигэр спортивнай да спортивнайа да суох моҺоллору ааҺаллар. БүтэҺик кадрдарга Павел Пинигини кыҺыл былаах сүгэн турдаҕына дьон-сэргэ уруйдууллара барыбытын да үөртэ, долгутта.

        2. Мындыр, чопчу сыаллаах сирдьит

      Дмитрий Коркин уобараҺа олус арылхайдык айыллыбыт. Саха оҕолорун спорт үрдүкү чыпчаалларыгар таҺаарар сыаллаах- соруктаах үлэлиир- хамсыыр. Тренер быҺыытынан эрчийэр  ньымалара уратылар, саҥалыы спортивнай снарядтар оҥоҺуллаллар. Аны сэмэлиир ньымалара эмиэ уратылар. Саҥата суох толкуйдатар. Талааннаах оҕолорун атын сирдэргэ, атын тренердэргэ үөрэххэ, эрчиллиигэ харса суох ыыталыыр. Бу хас биирдии оҕоҕо аҕалыы сыҺыан. Ол иҺин кини көннөрү тренер, учуутал эрэ буолбатах, кини — сирдьит. Хас биирдии оҕоҕо кини сүбэтэ — суолу ыйан биэрээһин, сирдээҺин.

          3. Өбүгэ үөрэҕин күүҺэ

Киинэни көрөн баран саха буоларгынан киэн туттуу санаата кэлэр. Саха тустууга өрөгөй чыпчаалыгар туран ийэтин көрөн, санаан ылар. Ол өбүгэ быстыспат ситимин көстүүтэ. КүүҺүҥ-уоҕуҥ төрөппүттэргиттэн, өбүгэлэргиттэн утумнаан бэриллэр. Оҕо барахсан от охсо, оттуу сылдьарын көрөн, астынан, омуннаах санааҕар охсуллубут от сыта саалаҕа кэлэр курдук буолар. Саха айылҕа оҕото, айылҕаттан тэйиэ суохтаах.

          Кэскилбит сырдык уонна кэрэ

Дмитрий Коркин курдук кэм кэрдии ирдэбилигэр сөп түбэҺиннэрэн саха өрөгөйүн туҺугар үлэлиир-хамсыыр, охсуҺар дьон баалларын тухары саха омук кэскилэ ыраас, сырдык уонна кэрэ.

  Дьэ, маннык санаалары бу бэртээхэй киинэ үөскэттэ.

Ранее было опубликовнао Лукачевскай “Өрөгөй” киинэтин көрөн кэллим, сүрдээҕин сөбүлээтим

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх