Үрдүк таһымнаах тэрээһин

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр   араас тэрээһин ыытылла турар. Ол курдук  бу дьыл ахсынньы ый 2 күнүгэр «Олоҥхо уран тылын-кыра саастаах оҕолорго»  “Арылы кустук”  үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимэ тэриллибитэ 10 сылыгар анаммыт научнай-практическай кэмпириэнсийэ С.Н.Донской-II  аатынан Үөрэҕи сайыннарар  уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт  киэҥ уораҕайыгар буолла. Кэмпириэнсийэ сүрүн сыала-соруга –  оҕо кыра сааһыттан олоҥхо уус-уран тылын истэ, тылыгар тутта, суолтатын билэ улаатарыгар болҕомто ууруу, олоҥхо уус-уран тылыннан оҕо тылын сайыннарар  эйгэтин тэрийии, СЭДИП технология ньымаларынан (С-самобытность, Э-этничность, Д-деятельность, И-интеграция, П-подход) оҕоҕо киһилии сыһыаны, киһи түһүн олохсутарга саха төрүт билиитин көдьүүстээх көрүҥ быһыытынан таҥан оҥоруу, олохсутуу, саха оҕотун төрөөбүт тылын сайыннарар, олоҥхо уран тылын сэҥээрдэр ньымалары көрдөрүү, ырытыы, инники үлэни торумнааһын.   

Кэмпириэнсийэҕэ «Олоҥхо уран тыла»,  «Олоҥхо ытык өйдөбүллэрэ»,  «Сэдип олоҥхо педагогикатын технологиятын диагностиката»,  «Информационнай технологиялар»,  «Олоҥхо туһунан ойуулуктар» диэн салааларынан киэҥ далааһыннаах, сүрдээх баай ис хоһоонноох быыстапка  тэрилиннэ. Ону таһынан сахалыы дорҕооннорго үлэ хайысхатыгар, манна сүрүннээн оҕо үөскүөҕүттэн тылланыар диэри сааһы хабан туран уонна олоҥхо уран тылыгар үлэ диэн хайысхаҕа сүрүннээн төрөөбүт тылынан саҥарар, саҥатын сайыннарар саастаах оҕолорго  “Арылы кустук” ситим бастыҥ дьыссааттара баай уопуттарын үллэстэн маастар кылаас көрдөрдүлэр.  

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар  Светлана Дедюкина, дириэктэри солбуйааччы, бу хайысхаҕа  таһаарыылаахтык үлэлээбит   өрөспүүбүлүкэ бастыҥ  дьыссааттарыгар: Ытык-Күөл Таатта улууһун «Сулусчаан», Амма улууһун Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык”, Дьокуускайтан «Кэрэчээнэ» дьыссааттарыгар, уонна ситим научнай салайааччыта Екатерина Чехордунаҕа Махтал суруктары туттартаата.  Итини таһынан Таатта улууһун 4 иитээччилэрэ: «Аленушка» оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Прасковья Яковлева,  “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин  музыкальнай салайааччыта Галина Дуюкова, «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин логопед учуутала Мария Толстякова, “Чуораанчык”  оҕону сайыннарар киин  логопед учуутала Татьяна Хаптагаева уонна Амма улууһун «Чуораанчык»  дьыссаат иитээччитэ Наталья Константинова Бочуотунай кырааматаларынан  наҕыраадаланнылар. Оттон Таатта улууһун Чөркөөх оҕону сайыннарар киин “Аленушка” дьыссаатын аҕа иитээччититигэр Энгельсина Слепцоваҕа  “Методист Якутии” Үнүстүүт үрдүк анал бэлиэтэ ананна.

Олоҥхо көмөтүнэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитии-үөрэтии хайысхатыгар анаан ыытыллыбыт  олус туһалаах, үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста.

#ГодПедагогаНаставника

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх