Үҥкүүнү өрө туппут Ирина Петухова

Сэтинньи 12 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр
хореограф, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Ирина Петухова
«Үҥкүүгэ сүгүрүйэбин» үбүлүөйдээх, үҥкүү дьоро киэһэтэ үгүс элбэх
көрөөччүнү мунньан, бэрт өрө көтөҕүллүлээхтик, улахан үҥкүү
бырааһынныга буолан, биир тыынынан ааста.
Быыс аҺылларын кытары мааны маҥан таҥастаах, кэрэчээн кыргыттар
холкутук дэйбииринэн сапсыйа-сапсыйа, кэнсиэр сүрүн дьоруойун Иринаны
сценаҕа арыаллаан таһаардылар, алгыс сиэрин-туомун тутуһан, үөҺээ
айыылартан көрдөһөн, кэлбит көрөөччүлэри кэрэттэн-кэрэ эйгэҕэ
киллэрдилэр.


Үбүлүөйдээх үтүө киэһэни СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардана
Федорова иилээн-саҕалаан ыытта.


Хас биирдии киһи олоҕо төрөөбүт күнүттэн саҕаланар. Ирина кырылас
кумахтаах Бүлүү куоратыгар 1973 сыллаахха балаҕан ыйын 20 күнүгэр
Альбина Алексеевна уонна Пётр Васильевич Дмитриевтэр дьиэ кэргэҥҥэ
бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини кыра эрдэҕиттэн кэрэҕэ-сырдыкка
талаһар, сытыы-хотуу, кытыгырас, кыыс оҕо буолан улааппыта. Ирина 6
сааһыттан эбээлээх-эһээтигэр доҕор буолан кинилэри кытары 12 сааһыгар
дылы бииргэ олорбута. Ирина бииргэ төрөөбүт балтылара Лилия уонна Юлия
эмиэ кыра эрдэхтэриттэн үҥкүү абылаҥар ылларбыттара. Лилия Петровна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин фитнес-аэробика федерациятын ситэриилээх
дириэктэрэ уонна билигин Аан дойдутааҕы Арктическай оскуола физическай
култуура учуутала. Юлия Петровна Саха циркатыгар балет артыыһынан
ситиһиилээхтик үлэлээн баран билигин Марк Жирков аатынан Бүлүүтээҕи
култуура дыбарыаһыгар хореограф идэтинэн үлэлии, айа-тута сылдьар. Өссө
биир балта Марфа Петровна Дьокуускайга оҕо уһуйааныгар үлэлиир. Ийэлэрэ
Альбина Алексеевна Дмитриева Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин
туйгуна, эмиэ бэйэтин саастаах далбар хотуттары кытары үҥкүү үөһүгэр
сылдьар. Үбүлүөйдээх үтүө киэһэҕэ үс көлүөнэ Дмитриевтар дьиэ кэргэннэрэ
Ирина туруорбут «Хотугу үҥкүү» нүөмэрин бэрт көхтөөхтүк, эрчимнээхтик
толорон дьон-сэргэ БРАВО! БРАВО! БРАВО! махталлаах илии тыаһын
ылыан-ыллылар.


Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан Ирина Бүлүүтээҕи Марк Николаевич
Жирков аатынан Оҕо муусукатын оскуолатыгар, үҥкүү салаатыгар үөрэххэ
киирбитэ. Кини бу сылларга Зоя Дмитриевна Дмитриева уонна Светлана
Ефимовна Зинурова салалтатынан үҥкүүнэн дьарыктаммыта. Ону таһынан
«Бүлүү долгуннара» норуодунай ансаамбылга үҥкүүлээбитэ. Ирина бу
сылларын олус күндүтүк саныыр. Ирина Петровна мааны күнүгэр Ирэна
Зинурова туруоруутугар «Татарскай үҥкүүнү» бэрт чаҕылхай көстүүмнээх
эдэркээн үҥкүүҺүттэр үрдүк да таһымнаахтык толордулар. Наһаа да кэрэлэр,
наһаа да кыраһыабайдар!


Иринаны үбүлүөйүнэн Илин Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай култуура
уонна ускуустуба академиятыгар, хореография салаатыгар үлэлээбит
учуутала, билигин Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун
доцена, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Роза Христофоровна
Бурцева Ирина Улан-Удэҕэ, устудьуоннуу сылдьан үөрэммит кэмнэрин ахтансанаан ааста, ситиһиилээх, кыһамньылаах, сүрэхтээх, улахан баҕалаах
устудьуон диэн сыаналаата. Уонна ис сүрэҕиттэн бу сиргэ баар бары үтүөнү,
кэрэни, сырдыгы баҕарда.


Ирина үөрэнэр кэмигэр элбэх Саха сириттэн сылдьар устудьуоннары
кытта билсибитэ. Олортон биирдэстэрэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна Марина
Брызгалова. Кинилэр үөрэнэ сылдьан «Монгол норуотун үҥкүүтүн» бииргэ
туруорбуттара. Ирина айар киэһэтигэр Марина Андреевна салайар Фаина
Иннокентьевна Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын «Сир симэҕэ»
оҕо көрдөрүүлээх бөлөх кыргыттара монгол үҥкүүтүн чэпчэкитик,
дэгэйэннэр толордулар.


Ирина 1995 сыллаахха Үҥкүү тыйаатырыгар балет артыыһынан үлэҕэ
киирбитэ. Киирдэ-киирээт кини экшен-рок «ДАО» режиссер Зафар
Мирсолиев испэктээгэр дьүөгэтинээн Моника Григорьевалыын туруорааччы
ассистенынан үлэлэспиттэрэ уонна Инь-Янь оруолун толорбуттара. Бу кэмтэн
ыла Ирина айар үлэтэ саҕаламмыта. Кини үрдүк таһымнаахтык, өрө
көтөҕүллэн «Бухарскай» үҥкүүнү, монгол норуотун үҥкүүтүн «Узымчин»,
«Танцующий олень», «Дэйбиирдээх үҥкүү», дуэт – «Лебедь и лебедка»,
«Якутяночка», трио – көрдөөх «Татарскай үҥкүү», «Испанское трио»,
маассабай үҥкүү нүөмэрдэригэр «Цветок Байкала», «Подруги», «Смотрины»,
«Эдэр саас» үҥкүүлээбитэ. Ирина оһуокайы уонна сээдьэни таһаарааччы,
чабырҕах этээччи.


Ирина саамай долгутуулаах, кэрэ киэһэтигэр эдэр балет артыыһа Сахаяна
Сатыбалдиева «Узымчин» үҥкүүнү имигэстик, дууһатын уран туран толордо.
42 сыл аннараа өттүгэр тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта, Саха
норуодунай артыыһа, Арассыыйа ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Геннадий
Баишев «Якутяночка» үҥкүүнү туруорбута. Бу үҥкүүнү хас эмит көлүөнэ
үҥкүүҺүттэр соҕуруунан-хотунан, илининэн-арҕаанан үҥкүүлээн-дайан
кэллилэр. Балет артыыстара Светлана Чирикова уонна Эдуард Жирков номоххо
киирбит үҥкүүнү урукку толорооччулар курдук чэпчэкитик ыстанан, көтөндайан толордулар.
Композитор Захар Степанов айбыт муусукатыгар Геннадий Баишев 1996
сыллаахха Францияҕа, Мартикка, аан дойдутааҕы бэстибээлгэ анаан Иринаҕа
уонна Ньургун Поповка «Лебедь и лебедка» дуэт үҥкүү туруорбута. Бу үҥкүү
тыйаатыр Көмүс пуондатыгар киирбитэ, элбэх көрөөччү биһирэбилин уонна
билиниитин Сахабыт сиригэр уонна тас дойдуларга ылыан ылбыта. Эдэр,
кэскиллээх үҥкүүһүттэр Саскыла Жиркова уонна Валерий Прокопьев кубалар
бэйэ-бэйэлэрин харыстаһар, таптаһар үҥкүүлэрин бэрт итэҕэтиилээхтик
толордулар.


1999 сыллаахха Үҥкүү тыйаатырын бастакы үҥкүүһүттэрэ 20 сыллаах «Наш
путь длиною 20 лет» айар киэһэлэрэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааспыта.
Балетмейстер, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Антипина ити үтүө
түгэҥҥэ «Испанское трио» эрчимнээх, уоттаах-күөстээх үҥкүүнү туруорбута.
Элбэх үҥкүүһут кыргыттар олус сөбүлээн толороллор. Испанкалар — СӨ
култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лена Алексеева-Ким, СӨ култууратын
туйгуннара Анна Попова уонна Ульяна Ядреева өрө күүрэн, сэниэлээхтик,
сиэдэрэйдик үҥкүүлээтилэр.


Узбекистан биллиилээх балерината уонна балетмейстера Галия Баязитовна
Измайлова 1958-1959 сыллаахха Узбекистаҥҥа, Ташкеҥҥа кэлэн опернай
тыйаатырга үлэлии сылдьар эдэркээн саха балеринатыгар Евдокия Степановаҕа
«Бухарскай үҥкүүнү» туруорбута. Евдокия Александровна 1999 сыллаахха
«Бухарскай» үҥкүүтүн Үҥкүү тыйаатырыгар бэлэхтээбитэ. Бу номоххо киирбит
үҥкүүнү үбүлээр бэйэтэ Ирина Петровна туох баар дууһатын, кыаҕын, ыра
санаатын ууран толордо. Көрөөччүлэр тохтообокко илиилэрэ кытарыар дылы
таһыннылар.


Бэйэтин үлэтин таһынан Ирина өссө үҥкүү туруорар дьоҕурдаах.
Көрөөччүлэр Ирина Петровна туруоруутугар быйыл саҥа тэриллибит
«Айкэрэ» бөлөх толоруутугар «Уйгу быйан» үҥкүүтэ сүрэхтэннэ.
Сүүрбэттэн тахса сыл устата Ирина араас хабааннаах оруоллары уонна
уобарастары испэктээктэргэ айан көрдөрдө: Өрүүскэ – «Бохсуруйуу»,
Чыбыллаан — «Атыыр муҥха», Ярхадана — «Ярхадана», Соххор Кыыс «Үөдэн
түгэҕэ», Бэйбэрикээн Эмээхсин – «Бэрдьигэс Куо», Өрчө – «На краю
Ойкумены», Симэхсин Эмээхсини – «Айыы аймаҕа», Ала Буурай Эмээхсин –
«Үөдэн түгэҕэ».


Хампаһыытар Николай Берестов муусукатыгар «Атыыр муҥха»
испэктээк премьерата 1998 сыллаахха турбута. Премьераҕа Ирина
Чыбыллаан оруолун толорбута. Иринаны үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн
үҥкүүһүттэр Дарьяна Тихонова, Алексей Максимов дуэт үҥкүүтүн бэрт
истиҥник толордулар.
2002 сыллаахха композитор Захар Степанов юкагир норуот номоҕор
олоҕуран «Ярхадана» испэктээк муусукатын айан, бэрт чаҕылхай премьера
тахсыбыта. «Ярхадана» испэктээккэ Ирина уонна Анна Никифорова
улахамсык, бэйэлэрин үрдүктүк сананар, кыраһыабай сэбэрэлээх Ярхадана
кыргыттар уобарастарын аспыттара. Ирина өр сыллаах үлэтининэн
эҕэрдэлээн Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх лауреата Саина
Винокурова, Николай Павлов, Ольга Ботуева, Сарика Шин, Дарина Новикова,
Аделина Платонова «Ярхадана» испэктээктэн быһа тардыыны хотугулуу,
иэйэн-куойан толордулар.
2004 сыллаахха Николай Петров муусукатыгар «Айыы аймаҕа» олоҥхоиспэктээк премьерата турбута. Ирина кэллиэгэтин Зоя Соловьева
кэнниттэн Симэхсин Эмээхсин оруолун толорбута. Иринаны төрөөбүт
күнүнэн эҕэрдэлээн Светлана Чирикова, Эдуард Жирков, Лена АлексееваКим испэктээктэн быһа тардыыны толордулар.
1997 сыллаахха композитор Владимир Ксенофонтов айбыт «Бохсуруйуу»
этнобалет премьерата буолбута. Бу испэктээги Москубаҕа, СанктПетербурга, Сургукка, Бороҕоҥҥо, Ытык-Күөлгэ, Майаҕа, Чурапчыга
көрдөрбүппүт. Ирина премьераҕа Өрүүскэ оруолун итэҕэтиилээхтик
толорбута. Аныгы кэм үҥкүүһүттэрэ СӨ култууратын туйгуна Ульяна Ядреева
– Өрүүскэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх лауреата Семен Кузьмин
– Сэмэнчик, СӨ култууратын туйгуна Василий Эверстов – Сээнэгэй уонна
балет артыыстара испэктээктэн быһа тардыыны күүскэ, турукка киирэн
туран, өрө көтөн, бэрт итэҕэтиилээхтик толордулар.
Иринаны үбүлүөйүнэн, өр сыллаах таһаарыылаах үлэтинэн махтанан туран
тыйаатыр уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана
Бессонова, Арассыыйа театральнай Сойууһун Саха сирин бэрэссэдээтэлин
солбуйааччыта Татьяна Дмитриева, Култуура Профсоюһун Рескомун
аатыттан Лена Алексеева-Ким, куоракка олорор Бүлүү землячествотын
салайааччыта эҕэрдэлээтилэр. Ону таһынан Бүлүү куорат Култууратын
начальнига Алена Дашевская, Бүлүү куорат Оҕо ускуустубатын оскуолатын
аатыттан Эҕэрдэ суруктары туттардылар. Ирина Петровна доҕоттороатастара, аймахтара, үөлээннээхтэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга
истиҥник эҕэрдээтилэр, алгыс, махтал тылларын анаатылар.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх