Өйү-мэйиини сайыннарар сахалыы оонньуу түһүлгэтигэр ыҥырабыт
САХАЛЫЫ ООННЬУУ КҮНЭ
Төрүт эйгэ: Сахалыы эт-хаан уонна өй-мэйии оонньуулара
Күндү төрөппүттэр, иитээччилэр, учууталлар уонна оҕолор!
Өйү-мэйиини сайыннарар, эти-хааны бөҕөргөтөр сахалыы оонньуу түһүлгэтигэр ыҥырабыт.
Буолар сирэ: «Smart-бибилэтиэкэ» конференц-саалата (Ларионов уул. 12а, 2 этээс)
Күнэ-дьыла: 2024 с. олунньу 16 к., 15:00 ч.
Эһигини күүтэр:
— өбүгэбит хамсаныылаах оонньуулара;
— өй-мэйии оонньуулара;
— мас оонньуунан оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;
— кинигэ быыстапка-дьаарбаҥката;
— бириистэр, бэлэхтэр.
Маны сэргэ быйыл үбүлүөйдээх 10-с төгүлүн ыытыллар «Сахалыы дьыктаан» диэн төрөөбүт тылы билиигэ, сайыннарыыга, таба суруйуу үөрүйэҕин иҥэриигэ туһуламмыт аахсыйа бу күн 13:00 ч. бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар буолуоҕа (2 эт., 204 кэб.).
Кыттыыны ылаллар: «Айар» национальнай кыһа, «Күөрэгэй» норуот түмсүүтэ, «Smart-бибилэтиэкэ», Дьокуускайдааҕы «Мичээр» уонна «Уу-чуку-чук» уһуйаан иитээччилэрэ.
Киириитэ: ааҕааччы билиэтинэн босхо (билиэтэ суохтар 1-кы этээскэ дьуһуурунай бибилэтиэкэргэ суруталлар).
Кылааһынан, бөлөҕүнэн кыттыан баҕалаахтар, бу нүөмэринэн билсэргитин күүтэбит: 89627316493
Сахалыы оонньуу күнүгэр барыгытын күүтэбит! Төрүт эйгэ — ийэ тылбыт биһигэ.
Киириитэ босхо
+7 (999) 174-67-82