Звезда якутской эстрады объяснил, почему он вынужден работать таксистом и курьером

События в Театре эстрады всколыхнули сердца многих. SakhaLife поднял эту тему, и желающих высказаться все больше. Сегодня звезда якутской эстрады Константин СТЕПАНОВ, ныне вынужденный работать таксистом и курьером, объяснил, почему так получилось.  

Театр эстрадаттан элбэх артыыс барбытын истэн бараммын олус диэн соһуйдум. Туох причинаттан театартан бардын диэбиттэрин иһин суруйарга сананным. Бастакы соһуйуум диэн Туймаада государственнай ансаамбылыгар, Филармонияҕа ыыта сатыыллара.

2019-20 сыллаахха худ.рук ГЕРАСИМОВА Мария Николаевна этии киллэрбитин мин үлэбин сөбүлүүбүн ханна да атын үлэҕэ барар санаам суох диэн эппиэттээбитим. Ол кэнниттэн улахан толкуйга түспүтүм. Тоҕо миигин үлэбиттэн туората сатыылларын. Үлэбэр эппиэттинэстээхтик сыһыаннаһабын, көтүтүүм суох. Сыл түмүгэр бастыҥ үлэлээх артыыс диэн Министерство культуры почетнай грамотатын туттарбыттара.

Герасимова Мария Николаевна этиитэ мин өйдөөһүммүнэн мин театрга үлэлиирбин утараллар, туораталлар эбит диэн санааҕа киирбитим.

2021 сылга театр артыыстарыгар аттестация буолбута. Аттестация кэмигэр директор ЧАРАНСКАЯ Татьяна Николаевна аттестационнай комиссияҕа бу уолу Туймаадаҕа эбэтэр Филармонияҕа ылыҥ, я не против, диэн уже ити этиини иккистээн истибитим. Ону аттестация комиссията «Это молодой человек — жемчужина театра», үрдүк үөрэхтээх, манна үлэлиирэ сөп, диэн эппиттэрэ.

Үлэлээбитим тухары биирдэ да больничнай ылбатаҕым ырыаһыт киһи ыллаан айаҕын ииттэр ол иһин ыалдьар да кэммэр больничнай ылбакка амбулаторна эмтэнэр этим. Июнь ыйга ыалдьа сылдьан кэлэр сылга үлэбэр договор түһэрсэ кэлбитим. Ону гастролга бараҕын диэн эппиттэрин, ыалдьа сылдьабын, барар кыаҕым суох диэбиппин, директор Чаранская Татьяна Николаевна оччоҕо эн кэлэр сылга үлэлээбэккин диэн ыһыытаан турбутун ыйыппытым.

Татьяна Николаевна тоҕо эн миэхэ ыһыытыыгын — диэн эппиппин, «Я имею право кричать, я директор!»

Заявленияҕын суруй диэбитэ.

Ыалдьа сылдьар буоламмын вынужденно больничнай ылбытым. Онно эмтэнэ сырыттахпына звоннаа да звоннаа, заявленияҕын кэлэн суруй, диэн ыххайбыттара. Ол иһин по собственному желанию заявление суруйарга күһэллибитим.

Мин дальше итинник салайааччыны кытта үлэлиир санаам суоҕа, ол иһин барда5ым дии… Бу кыhыны быhа такси уонна курьер сырыппытым.

Театртан элбэх артыыс барбытын түмүгэ директор сыыһатыттан таҕыстаҕа.

(330) Константин Степанов «Киһиэхэ — төрөөбүт дойдута» — YouTube

Слушайте золотой голос якутской эстрады — Константин Степанов исполняет песню «Киһиэхэ — төрөөбүт дойдута» на стихи Семена Данилова и мелодию Валерия Ноева.  

https://sakhalife.ru/bolshaya-chast-kollektiva-teatra-estrady-podderzhivaet-direktora-charanskuyu-minkultury/
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх