Юрий Федоров үбүлүөйдээх күнүгэр «Куллустай Бэргэн» этнобалет көһүннэ

Сергей Зверев-Кыыл Уола Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатынан Үҥкүү тыйаатыра муус устар 28 күнүгэр балетмейстер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Арассыыйа театральнай деятеллэрин Сойууһун чилиэнэ, Сунтаар улууһун уонна Сунтаар сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо Юрий Михайлович Федоров 65 сааһын туолбут үбүлүөйдээх өрөгөйдөөх  күнүгэр Сергей Зверев “Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхотугар олоҕуран турбут “Куллустай Бэргэн” этнобалеты көрдөрдө. Алексей Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Юрий Михайлович биир идэлээхтэрэ, дьиэ кэргэнэ, аймах-билэ дьоно, доҕотторо-атастара, үҥкүүнү өрө тутааччылар тоҕуораһа мустубуттар уонна баай матырыйааллаах, элбэх ыстатыйалаах, хаартыскалаах быыстапканы (Национальнай библиотека уонна Үҥкүү тыйаатыра) үлүһүйэн туран көрдүлэр, күндү киһилэрин кытары хаартыскаҕа түстүлэр.

Юбиляры үөрүүлээх, дьоллоох күнүнэн тыйаатыр аатыттан дириэктэр Александр Иванович Алексеев эҕэрдэлээтэ уонна правительство грамотатын туттарда. Ону тэҥэ Сунтаар землячество бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Владимир Иннокентьевич Лазарев, Арктическай култуура уонна ускуустуба институтуттан, Реском уонна СТД эҕэрдэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. 

“Куллустай Бэргэн” этнобалет күн сирин 2015 сыллаахха көрбүтэ, Кыыл Уола төрөөбүтэ 115  сылыгар ананан турбута уонна үбүлүөйдээх сылыгар дохсуннук Дьокуускайга опера уонна балет тыйаатыр сценатыгар, Москваҕа – Арассыыйатааҕы академическай ыччат тыйаатырыгар, Санкт-Петербурга Эрмитажнай тыйаатырга, Нерюнгрига Куукула уонна актер тыйаатырыгар көстүбүтэ, дьон-сэргэ биһирэбилин уонна билиниитин ылыан ылбыта.  “Куллустай Бэргэн” этнобалет – тыйаатыр олоҥхо тематыгар биир улахан үлэтэ буолар. Туруорар кэмигэр бэлэмнэнии үлэтэ күөстүү оргуйбута, элбэх сырабыл, толкуй, сүбэ кэнниттэн улахан сценаҕа тахсыбыта. Сүдү киһибит Кыыл Уола биир баар суох айымньытын үҥкүүнэн дьүһүйэн таһаарбит испэктээҕэ биллэн туран улахан эппиэтинэстээҕэ чахчы. 

Этнобалет либреттотын ааптара уонна үҥкүүтүн туруорааччыта – Юрий Федоров. Кини Олоҥхо дойдута Сунтаартан төрүттээҕин быһыытынан Кыыл Уола аатын кыра оҕо эрдэҕиттэн истэ-билэ улааппыта. Ийэтэ Пелагея Ивановна, чугас уруу-хаан аймаҕа Тойуктаах Маарыйа аатырбыт Сунтаар ыһыаҕын мааны ыалдьыттара буолаллара, эрдэттэн бэлэмнэнэн, таҥас-сап тиктэн, аһылык минньигэһин астанан, оһуокай, ырыа-тойук көтүппэккэ сылдьааччылара. Онон Юрий Михайлович бу этнобалет либреттатын суруйарыгар ыһыах, былыргы саха атах оонньууларын, кэргэннии буолар, дьиэ-уот тэринэр  сиэрин-туомун үөрэппитэ. Биллиилээх философскай наука докторын, историгын, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитин Ксенофонт Дмитриевич Уткинныын хаста эмит көрсөн атах тэпсэн олорон сэһэргэспитэ, улахан маастар кылаас ылбыта. Иккис консультанынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Сунтаартан төрүттээх Варвара Обоюкова буолбута.

Муусукатын Санкт-Петербурдааҕы консерватория профессора Игорь Воробьев айан таһаарбыта. Кини  2 ый кэриҥэ суруйбута, бэйэтэ этэринэн биир тыынынан айбытым диир. Бастатан туран Игорь Станиславович олоҥхо туһунан элбэх матырыйаалы дэлби дириҥник киирэн, хасыһан туран аахпыта, үөрэппитэ, саха хампаһыытардарын, ырыа айааччыларын айымньыларын истибитэ уонна бу олоҥхо ис хоһооно хараҕар илэ көстөр курдук буолбута. Ол иһин үлүһүйэн туран матыып матыыбынан таһааран бу маннык буолуохтаах эбит диэн муусукатын түүнү-күнү быһа тохтобула суох суруйан бүтэрбитэ. Иккиһинэн, сырдык санаалаах орто дойду олохтоохторо аллараа дойду адьарайдарын күөн көрсүһүүлэригэр  кыайан дьоллоохтук олороллоро киһини үөрдэр, долгутар диир.  Олоххо эмиэ барыта ити олоҥхо курдук сырдык түмүктээх буолара буоллар диэн баҕа санаалаах эбит. 

Сценографиятын уонна көстүүм эскизтэрин Санкт-Петербурга үлэлии-хамныы сылдьар, таллааннаах, театральнай худуоһунньуктар эйгэлэригэр биллибит худуоһунньук Олег Молчанов айан таһаарбыта. Бастакы хартыынаҕа Орто дойду олоҕо көстөр. Кыргыттар дьүөгэлэрин Күн Нуоҕалдьыны кытары таптал туһунан кэпсэтэллэр-ипсэтэллэр, үҥкүүлүүллэр, баҕа санааларын үллэстэллэр. Аллараа дойду – иэдээн төрдө көстөр, ым-ымдаан, ыс-быдаан дойду хараҥанан сабырыллан турар, киһи кута-сүрэ ыһыллар,  куттанар сирэ. Түмүк хартыына финала – сырдык декорацията аһара табыллыбыт, чараас былыттаах күөх халлаан бэрткэ даҕаны ойууламмыт. Көстүүмнэргэ сахалыы өҥнөр туттуллубуттар, сахалыы моһуоннаах, быһыылаах-таһаалаах көстүүмнэр. Кыргыттар үрүҥ көмүстэн киэргэл кэппиттэрэ көстүүмнэрин эмиэ киэргэтэр. Хара уонна кыһыл саһыл тириитин, сарыы, бөрө тириитин эмиэ көстүүм кытыытынан  киллэрбиттэр. Уопсайынан, көстүүмнэр олоҥхо тыыныгар барсаллар уонна бэрткэ  көстөллөр.

Режиссерынан Үүнэр көлүөнэ сүрүн режиссера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх деятелэ Александр Титигиров үлэлэспитэ. Күүстээх хамаанда – профессионаллар мустан улахан айымньы туруоруллубута. 

Бу этнобалет тахсарыгар кэпсэтиитин-ипсэтиитин, туох баар үбүн-харчытын тыйаатыр дириэктэрэ Александр Иванович Алексеев салайан-дьаһайан, булан-талан оҥорон таһаарбыта. Кини оруола сүҥкэн улахан. 

Саха сирин үҥкүү эйгэтигэр олоҕун анаабыт биллиилээх учуонай, Арассыыйа ускуустубатын үтүөлээх деятелэ Ангелина Лукина этнобалет туһунан бэйэтэ икки тылынан ыстатыйа суруйан таһаарбыта, онтон быһа тардан билиһиннэрэбин: “Этнобалет 5 хартыынаттан турар. Испэктээккэ олоҥхо үгэс буолбут ис хоһооно, драматургия ситимин быстыбатаҕын, саха үҥкүүтүн каноннарын кэһиллибэтэхтэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Испэктээккэ сиэр-туом тутула кэһиллибэтэҕин, үгэс буолбут иититтэн тахсыбатаҕын, каноннар тутуһуллубуттарын тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Үҥкүү айымньыта муусукаттан олус тутулуктааҕын бэлиэтэххэ наада. Муусука испэктээх сүрүн тутула буолар. Хампаһыытар Игорь Воробьев муусуката уонна олоҥхо тематын тус бэйэтин көрүүтүнэн арыйарын туоһулуур. Кини олоҥхо курдук уустук теманы ылсыбыта хайҕаллаах. Муусуката камернай туруктаах, ордук лиричнай түгэннэр табыллыбыттар. Ол курдук ордук Куллустай Бэргэн балта Күн Нуоҕалдьын, кини тапталлааҕа Уоланчай Бухатыыр темалара олус нарыннык, ураннык бэриллибиттэр. “Куллустай Бэргэн” этнобалекка сүрүн уобарас айыы бухатыыра. Кини Орто дойду дьонугар көмүскэл, дурда-хахха, сайдыы, инники кэскил символа буолар”. 

Бэһэҕээҥҥи испэктээккэ үҥкүүһүттэр таһымнара үрдүгэ көһүннэ. Сүрүн оруолу Куллустай Бэргэни үҥкүү солиһа уруккутун курдук Василий Эверстов толордо. Кини Орто дойду бухатыырын ис туругун, күүһүн-уоҕун, кыаҕын, хорсунун, туохтан да толлубакка инники түһэ турарын, балтын Күн Ньуоҕалдьыны  абааһылартаан босхолуурун, кыайарын чаҕылхайдык көрдөрдө. Василий уһуна, көнөтө, чэпчэкитэ, балетнай фактурата бу Куллустай Бэргэн оруолугар дьиҥ-чахчы барсар. Кини үҥкүүтүгэр элбэх ыстаныылар, ойор хамсаныылар элбэхтэр, киэҥ-киэҥник атыллаан ыстаннаҕына сцена кыра курдук көстөр. 

Валентина Аммосова Күн Нуоҕалдьын оруолун испэктээк туруоҕуттан соҕотох толорооччунан биллэр. Кини бэйэтэ хатыламмат хамсаныылаах үҥкүүлээх, нарын-намчы лексикалаах. Ол гынан баран Муус Субуйдаан кинини уоран-талаан барбытыгар, бэриммэт буола сатыыр, күрээри, куотаары муҥнанар да табыллыбат. 

Эдэр үҥкүүһүт Николай Павлов Уоланчай бухатыыр оруолун эдэрдии-эмэҥнии кыһаллан туран үҥкүүнэн дьүһүйдэ. Таптыыр кыыһын Күн Ньуоҕалдьын барахсаны абааһы адьарайдара уорбуттарын истэн быыһыы аллараа дойдуга аттанар. Ону абааһы бухатыырдара киитэрэйдээннэр бары саба түһэннэр сатаан кыаммакка өлөр-сүтэр аакка барар.

Абааһы бухатыыра Муус Субуйдаан оруолун Дьулустан Харламьев бэрткэ табыллан толордо. Уопсайынан абааһылар Владислав Попов – Куттас, Дьулуур Андреев – Балай, Алексей Максимов – Соххор, Семен Дьяконов – Эмис уобарастарын ситиһиилээхтик табыллан арыйдылар, бэйэлэригэр барсар хамсаныылаахтар. Кинилэр орто дойду бухатыырдарын кытары охсуһар кэмнэригэр муусука тыына итэҕэллиилээхтик бэриллибит, туох да охсуһуу кэмигэр дирбиэннээх-дарбааннаах муусука салгыны хамсатар гына тыаһыыр.

Аан Алахчын Хотун — Анна Попова уонна от-мас иччилэрэ хамсаныылара олоҥхо тыыныгар сөп түбэһэр. Былыргы сахалар барахсаттар наар дойдубут тымныыта уһуна, тостор тымныыта бэрт буолан наар баҕа санааларын биирдэстэрэ итии, сылаас дойду буолара чахчыта биллэр. Инньэ гынан ити “Аптаах дойду” хартыыната бу этнобалекка наһаа кэрэ дойду буолан көстөр. Эчи сибэккилэр, ньургуһун, оттор-мастар кыраһыабайдара, кэрэлэрэ киһини сөхтөрөр.

Эдэр үҥкүүһүт Эдуард Жирков бу сырыыга Хатан Тэмиэрийэ уонна Бухатыыр атын икки оруолу үрдүк таһымнаахтык толордо. Уол оҕо барахсан бэртээхэй формаҕа сылдьар,  эчикийэ ыстанара чэпчикитэ, ойон көтөрө үрдүгэ киһини сөхтөрдө. Көрөөччүлэр махтанан ытыстарын тыаһынан күндүлээтилэр. 

Хаардьыт Мохсоҕоллой оруолун Капитон Ильин эмиэ бэрт чаҕылхайдык толордо. Бу көтөр үҥкүүтэ барыта кэриэтэ ыстаныыттан турар, инньэ гынан кылгас кэмҥэ кэлэн көстөр эрээри биир эмиэ кэрэхсэбиллээх оруол буолар. 

Алгысчыт уобараһын тыйаатыр биир киэн туттар артыыһа Дмитрий Артемьев итэҕэллээхтик толордо. Үгүс сыллар тухары хас да испэктээккэ кини Алгысчыт оруолун толорор. Опыта, билитэ-көрүүтэ, тутара-хаптара, быһыыта-таһаата, сааһа барыта сөп түбэһэр. 

Этнобалет үрдүк таһымнаахтык көһүннэ. Тыйаатыр бары үлэһиттэрэ уонна артыыстара Кулаковскай киинин сценатыгар, саас сааһынан сааһыланан, бэлэмнэнэ охсон олоҥхону көрөөчүлэргэ анаатылар. Аркыастыр улахан айымньыны сүрүн дирижер Николай Петров доҕуһуолунан толордулар.  

Ити курдук 38 сыл устата Үҥкүү тыйаатыра сайдарын, чэчирии турарын туһугар бэйэтин кылаатын киллэрэн үлэлии-хамныы сылдьар балетмейстер Юрий Михайлович Федоров үөрүүлээх үбүлүөйэ үрдүк таһымнаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Баҕарабыт киниэхэ быстыбат быйаҥнаах, уостубат уйгулаах, дьоллоох-саргылаах олоҕу!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх