Кулун тутар 14 күнүгэр, киэһэ 18.00 ч. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Ыллаа-туой, тыам сирэ!» бырайык чэрчитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин тэрилтэлэрин, бөлөхтөрүн икки ардыларыгар ыытыллыбыт 68-с төгүлүн «В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетата» бэстибээл лауреаттара кыттыыны ылыахтара.
«Ыллаа-туой, тыам сирэ!» — диэн бырайыак 13 төгүлүн ыытыллар. Күндү доҕоттоор, тыа сирин айар талааннаахтарын, биир дойдулаахтаргытын кэлэн, сэргээн көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Тыа сирэ – талаан биһигэ!