Site icon SAKHALIFE

Ыһыах үөскээбит төрдө, былыргы ыһыах ыытыллыыта

          Ыһыаҕы аан бастаан ким тэрийэн ыыппытын туһунан араас этиилэр бааллар. Бастаан ыһыаҕы  Үрүҥ Айыы Тойон орто кыыһа Кыыс Айыы «уйгу-быйаҥ үксээтин» диэн тэрийбит. Оттон былыргы сэһэннэргэ сурулларынан, ыһыаҕы маҥнай Эллэй ойоҕунуун Сыппайдыын ыспыттар, эбэтэр кини уола Лабаҥха ойуун ыспыт.

<…> Сахалар хайдах ыһыахтыылларын туһунан үгүс матырыйааллары XVIII-XIX үйэлэргэ биһиги дойдубутугар кэлэ сылдьыбыт айанньыттар, политсыылынайдар Я.И Линденау, Р.К. Маак, И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай уо.д.а бэлиэтээбиттэр. Ону таһынан саха чинчийээччилэрэ А.А. Саввин уонна С.И. Боло сахалар хайдах ыһыахтыылларын туһунан суруйан хаалларбыттар.

          Кинилэр бары ыһыах анал кэмҥэ уонна анал сиргэ оҥоһулларын, саха дьоно ааттарын-суолларын киэҥ сиргэ ыытаары улахан ыһыахтары тэрийэллэр диэн эппиттэр. Ол курдук ыһыах буоларын тэрийэр киһи – биллэр кинээс, дьоҥҥо-сэргэҕэ биир сыл иннинэ иһитиннэрэр эбит. Хайа Айыы Ойууна (кэлиҥҥи кэмҥэ алгысчыт) алгыстыырын, хайа бөҕөс тустарын, ханнык ат сүүрэрин туһунан сурах ыытан ыһыаҕар үгүс киһи кэлэрэ үһү.

          <…> Өбүгэлэрбит ыһыах күн сарсыарда эрдэ илиилэрин үөһэ уунан күнү көрсөр сиэри-туому толороллор эбит. Айанньыттар, чинчийээччилэр суруйууларыгар саха дьоно күҥҥэ сүгүрүйэн илиилэрин өрө ууналларын туһунан тус-туспатык бэлиэтээбиттэр. Ол курдук Г.Ф. Миллер эппит: «Сиэр-туом бүтүүтэ ыһыахтыыр дьон бары «Уруй!» диэн саҥа аллайаат, илиилэрин өрө уунан, сирэйдэрин таарыйбакка эрэ, түөстэригэр түһэрэллэрэ, оттон И.Г. Гмелин «сирэйдэрин иннигэр илиилэрин хамсаталлара» диэбит.

          <…> Ыһыахха бастаан алгыс этэн, сиэр-туом толоруллар, кымыс иһиитэ барар, ол кэнниттэн оонньуу, көр-нар тэриллэр. Онно киирэллэр: оһуохай, оҕунан сыалы ытыы, тустуу, таас көтөҕүүтэ, ат сүүрдүүтэ.

          <…> Улуустарынан ыһыах ыытыллара уратылааҕын фольклорист Г.У. Эргис ыйбыт. Чинчийээччи бэлиэтииринэн, киин улуустарга ыһыах дьиэ иһигэр оһох иннигэр ыытыллар, оттон Өлүөнэ эбэ хаҥас өттүгэр сытар улуустарга таһырдьа – аһаҕас халлаан анныгар – ыытыллар эбит.

          Ыһыах ханнык кэмҥэ ыытылларын туһунан араас бэлиэтээһиннэр бааллар. Сэһэн Боло суруйарынан, хотугу сахаларга Айыы Ойууна сылгы ыһыаҕын тоҕус төгүл ыһара эбитэ үһү. В.Е. Васильев суруйарынан, ыһыаҕы сайыны быһа ыһаллар эбит, ол аата, отут хонук устата. Сүрүн ис хоһооно – дьыл уонна олох эргиирдэрэ тэҥник дьүөрэлэһиитэ, киһи уонна айылҕа биир ситимнээхтэрэ буолар. Бу итэҕэлтэн үөскээн тахсыбыт.

          <…> Ыһыахха сиэмэх (хара) ойууттар сылдьаллара уонна ыттар баайыллыбакка көҥүл сүүрэ сылдьаллара көҥүллэммэт. Хара ойууттар, үс дойдунан сылдьар буолан, араас абааһылары кытта кыттыһаллар, кинилэр ыарахан тыыннаахтар диэн өйдөбүлтэн тахсыбыт. Ыттар ыһыах түһүлгэтин киртитиэхтэрин сөп, ыт кутуругар абааһы сөрүөстэр, ол иһин ыһыахха сылдьарын боболлор, түһүлгэҕэ абааһыны, куһаҕан тыыны батыһыннаран киллэрэн алгыһы тохторуохтара дии саныыллара. Оччоҕо алгыс иччилэргэ, айыыларга тиийбэт.

          <…> Ыһыахха ким да кимиэхэ да кыыһырыа, кыйаханыа, улаханнык саҥарыа суохтаах, барыта сэрэнэн оргууй оҥоһуллуохтаах.

Матырыйаал Афанасий Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн ылылынна.

Exit mobile version