Вячеслав Лавернов: Мин эйигин биир ыйы быһа көрдөөтүм

«Карина» киинэ сүрүн толорооччута Вячеслав Лавернов бу курдук санаатын үллэстэр:

Арай, дьэ съемка күннэрэ бүтэн, ыйы быһа үлэлээн баран дьиэлиир кэммит кэллэ. Биһиги Өлүөхүмэлэр сайынын Дьокуускайга дылы өрүһүнэн сылдьар буолан, сарсыарда теплоходка киирэн, дьоммор: «Олордум, араҕан эрэбин» — диэн хаартыска ыытарга сананным. Ол курдук селфилаары камерабын холбоон баран экран нөҥүө көрбүтүм дьиҥнээх Карина олорор. Кыыс сайыҥҥы каникул кэннэ Дьокуускайга оскуолатыгар баран иһэр эбит. Оруобуна бүгүн, бу рейска, оруобуна мин кэннибэр түбэспиппититтэн сөхпүтүм. Уонна эмискэ эргиллэ түһээт «мин эйигин биир ыйы быһа көрдөөтүм» диэбиппэр, кыыс күлэн кэбиспитэ. Иннэ гынан дьоммор ыыппыт хаартыскам маннык, Кариналыын буолбута.
БИҺИГИ ӨЛҮӨХҮМЭЛЭР😅✊✊✊

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх