Муус устар 13 күнүгэр, Сунтаар улууһугар “Гражданскай активист” декадатын чэрчитинэн араас эйгэ үлэһиттэригэр «Время действовать» диэн дьыалабыай оонньуу тэрилиннэ.
Онно барыта 6 хамаанда култуура, тыа хаһаайыстыбата, айылҕа харыстабыла, территорияны тупсарыы, үөрэҕирии уонна социальнай эйгэ хайысхаларынан Сунтаар улууһун сайдыытыгар туһуламмыт инновационнай бырайыактары оҥорор экспертнай хамыыһыйа иннигэр көмүскээтэ.
Хамыыһыйа чилиэттэрэ бырайыактары улууска баар кыһалҕалаах боппуруостары быһаарар ураты суолталаахтарынан уонна олоххо киириэн сөптөөхтөрүнэн сыаналаатылар, ол курдук дьыалабыай ооньуу түмүгүнэн:
1 миэстэ «Апельсин» хамаанда буолла, кинилэр социальнай эйгэ хайысхатынан «Быт народа Саха» диэн бырайыак оҥордулар.
2 миэстэ «Тэтим» хамаанда, култуура уонна спорт хайысхатынан «Аар Сунтар» диэн бырайыагы көмүскээтилэр.
3 миэстэ «Клевер» хамаанда, тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан Лагерь труда и отдыха «Агрокласс» бырайыагы оҥордулар.
Дьыалабыай оонньуу бастыҥ кыттааччыларынан Тойбохой нэһилиэгиттэн урбаанньыт Екатерина Сидорова уонна Элгээйи оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Вячеслав Сафронов буоллулар.