Владимир ПОСКАЧИН провел последнее совещание в должности главы Верхневилюйского района.
Владимир Поскачин улуус баһылыгын дуоһунаһыгар бүгүн бүтэһик үлэтин күнэ.
Сарсын, балаҕан ыйын 12 күнүгэр дуоһунаһыттан босхолонорун туһунан сайабылыанньа суруйан, Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын көҥүл дьокутаатынан үлэлиирдии бэлэмнэниэҕэ.
Үөһээ Бүлүү сайдарын туһугар салгыы бииргэ, түмсүүлээхтик үлэлэһиэхпит диэн туран салайааччыларга махтанарын биллэрдэ:
«18 сыл устата тэҥҥэ үлэлэспит салайааччыларбар, баһылыктарга барыгытыгар улахан махталбын биллэрэбин. Бу сыллар тухары элбэх үлэни үлэлээтибит. Кыахтаах, күүстээх, сайдыылаах улуус гына оҥордубут, эһиэхэ түмсүүлээх улууһу хааллардым. Инникитин даҕаны бу тэтими ыһыктыбакка үүнүҥ, сайдыҥ!
Баһылык эбээһинэһин толорооччунан өр сылларга бииргэ үлэлээбит, үлэбин-хамнаспын ситэри салҕыа диэн Семен Анатольевич МИХАЛЕВУ аныыбын» диэн мунньаҕы Владимир Семенович түмүктээтэ.