Туркмения — саха хараҕынан…
Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар Хаданыттан төрүттээх эдэр хомусчут, блогер Владимир Дормидонтов сахалартан ким да өтөр-наар сылдьа илик, сабыылаах дойдутугар – Туркменияҕа – баран кэллэ. Кини кэпсиирин истэн сөҕөҕүн-махтайаҕын. “Чахчы, оннук дойду баара буолуо дуо?” – диэн саарбахтыыгын. Ол туһунан саас-сааһынан… «Кыым» хаьыат матырыйаалыгар
– Туркменияҕа туох сыаллаах-соруктаах бара сырыттыҥ?
– Туркмения Култууратын министиэристибэтин уонна “Тюрксой” аан дойду түүр омуктарын мунньар Норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация ыҥырыыларынан бара сырыттым. “Тюрксой” ассоциация аан дойдуну кэрийэ сылдьан түүр омук хомуур кэнсиэрин көрдөрөр. Бу састаапка түүр омук бастыҥ артыыстара киирэллэр эбит. Ол дэлэгээссийэҕэ киирэн сырыттым. Арассыыйаттан 3 этибит. Ашхабад куоракка 4 күн сырыттым. Сүрдээх интэриэһинэй дойду. Сайын +50 кыраадыс итии. Ол иһин дьиэ уонна массыына барыта итиини тэйитэр диэн, маҥан өҥнөөхтөр.
Туркмения былыргы Анау куората “Аан дойду түүр омуктарын култуурунай киининэн” биллэриллэн (ТЮРКСОЙ) манна улахан тэрээһин буолан ааста (100-чэ кыттааччылаах). Онон аан дойду түүрдэрин холбоһуктаах гала кэнсиэрдэригэр кытынным. Гала кэнсиэр 1000-тан тахса көрөөччүлээх улахан саалаҕа буолла. Манна төрүт дорҕоон, үҥкүү, национальнай таҥас, о.д.а. көрүҥнэр улахан түһүлгэлэрэ буолан ааста. Кэнсиэргэ араас дойду дипломаттара, суруналыыстар бааллара.
– Таможняҕа ааһарга хонтуруол кытаанах дуу?
– Сүрдээх кытаанах. Атын омук сирдэригэр холоотоххо, олох атын быһыы-майгы. Барытын “доппуруостууллар”. Омук сиринэн сырыттым ини, сылдьыбатым ини – маннык кытаанах хонтуруолу көрсө илигим. Тарбахпар тиийэ барытын “сканируйдаатылар”. Анау куоракка аэропорка көрсөн, анал кэбиинэлэринэн сып-сап аһардан, оптуобуска олордон илдьибиттэрэ. Ол эбэтэр, биһигини көрсүбүт тэрийээччилэр улахан күүстээх былаастаахтара биллэрэ. Онон туох эрэ улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ кэлбиппитин сэрэйбитим. Отельга кэлээппитин, пааспарбытын барытын туура тутан ылбыттара.
– Эйигин анаан-минээн ыҥырбыттара дуо?
– Мин Сахам сиригэр гостуруоллуу сырыттахпына, “Туркменияҕа бараҕын дуо?” диэн ыҥырыы киирбитигэр улаханнык толкуйдуу барбакка сөбүлэспитим. Онтон Таман Осмонов диэн тэрийээччи киһи бассаапка тахсан: “Билиэккин атыылаһарбытыгар пааспарыҥ дааннайын ыытыаҥ дуо? – диэбитигэр тута ыыппытым. Онтон, дьэ, “бабат” диэн: “Бэйэ, бу аата ханна баран эрэбиний?” – диэн биирдэ өйдөөбүтүм. Ол кэнниттэн интэриниэт ситимигэр Туркмения туһунан араас биидьийэни көрдүм. Дьэ уонна “мах” бэрдэрдим. Онтум олох даҕаны сабыылаах дойду эбит. Аны көтөөрү бэлэмнэнэ сылдьан, аһара долгуйдум.
– Инньэ гынан…
– Дьэ, ити курдук айаннаан тиийэн, ытык ыйдарыгар – Рамадан кэмигэр – түбэспиппин. Ол эбэтэр күн сырдык кэмигэр аһаабаттар, уу испэттэр, оннооҕор кэргэннии сыһыан бобуллар эбит. Олохтоох норуот сиэрин-туомун тутуһан, мээнэ аһаабаккын, уу испэккин. Сиэр буоллаҕа. Инньэ гынан, күнү быһа уу испэккэ сырыттым ээ. Аны табахсыттарга биир эрэй. Табах, арыгы букатын бобуллар. Табахтаатыҥ да, милииссийэ кэлэн, тутан илдьэ барар. Тоҕо диэтэххэ, Рамадан кэмигэр мусульманнар табах сытын ыллахтарына, пост тута сылдьар күннэрэ ааҕыллыбат, саҥаттан саҕалыыллар эбит. Бэйэм чупа-чупс сиэччибин. Ону табах оборо сылдьар курдук көрүөхтэрэ диэн куттанан сиэбэтим ээ. Онон “иннэ үрдүгэр” сырыттым диэххэ сөп.
– Биирдии бэйэҕит арыалдьыттаах сырыттыгыт?
– Аан дойдуттан кэлбит официальнай дэлэгээссийэ быһыытынан, олох дипломаттар, “Послы мира” курдук сырыттыбыт. Хас биирдии артыыска арыаллыы сылдьар киһилээхпит. Миигин Култуура министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ күнү супту, соҕотоҕун хаалларбакка, манаан баран сырытта. Мэлдьи таспар баар, ыйытыктарбар эппиэттиир. Соҕотохтуу олох хаалларбаттар. Гостиницаҕа фойебытыгар киллэрэн баран биирдэ бараллар. Гостиница – бүтүннүү камера. Итинэн буоллаҕына нүөмэр барыта “скрытай” камералаах буолуон сөп эбит. Туристарга анаммыт чопчу хайысханан эрэ сырытыннараллар. Ол сылдьарбыт тухары милииссийэ “мигалкалаах” массыыната арыаллыыр. Олох бэрэсидьиэнтэн итэҕэһэ суох кыраҕытык кэтээн-манаан сырыттылар. Аны куорат уулуссаларыгар “барыларын ханна кистээбиттэрэй?” диэххэ айылаах: дьон дэҥҥэ көстөн ааһаллар.
– Ашхабад хайдах куорат эбитий? Мрамор дьиэлэрдээх диэн интэриниэт ситимиттэн билэбит.
– Ашхабад – мап-маҥан мрамортан оҥоһуллубут дьиэлэрдээх сүрдээх кырасыабай куорат. Алҕас даҕаны сиэрэй, атын өҥнөөх дьиэ суох. Саамай сөхпүтүм – ол. Түүл-бит курдук, тулаҥ барыта – киһи хараҕа саатар маҥан дьиэлэрэ. Төһөлөөх элбэх мрамор туттуллубута буолуой! Хас биирдии дьиэ маҥан мрамор уонна көмүс солотуулаах. Уулусса банаара үп-үрүҥ уонна эмиэ солотуулаах. Дизайн куодтара барыта – маҥан. Ол аата, куорат үрдүнэн барыта биир халыып өҥ (маҥан уонна солотуулаах). Дьиэлэр бары “подсветкалаахтар”. Киэһэ хараҥардаҕына холбонон, кустук араас өҥүнэн дьэрэлийэ кыыһар. Киһи тылынан кыайан тиэрдибэт сөҕүмэр, кэрэ көстүүтэ. Күнүс киһи хараҕа саата көрөр үрүҥ куората түүн араас уотунан кытыастар.
Уулуссаҕа биир даҕаны эрэкэлээмэ баннера көстүбэт, ыйаабаттар, дьөрү маҕаһыын логотиптара да суох. Ол аата, дизайн куодтарын сокуон-быраап таһымынан үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр эбит диэн санаа үөскүүр. Биир бэйэм ону сэргии, сэҥээрэ көрдүм.
– Ас-үөл чааһа хайдах эбитий?
– Куукуналара сэбиэскэй кэминээҕини санатар. Эбиэккэ борщ, оливье салаат… Остуолга олох сибиэһэй, мип-минньигэс оҕуруот аһын, суок уураллар. Аны бараан эрэ этин сииллэр эбит. Киһи айаҕар киирэн ууллан хаалар гына минньигэстик буһараллар. Куукуналара үксүгэр “илиҥҥилии” – шурпа, плов…
– Таҥна-сапта сылдьаллара уратылаах дуу?
– Таҥастара барыта хаачыстыбалаах, дьиҥнээх матырыйаалтан тигиллибит. Парча, сыаналаах солко. Аны барыта илиинэн оҥоһуллубут төрүт оһуор. Үчүгэйэ диэн, биһиги курдук “бренд” диэн суох – Луи витон (Louis Vuitton), Шанель (Chanel), Прадо, о.д.а. Тойоннуун, көннөрү дьоннуун бары туттуна, биир халыып таҥналлар. Барыта олохтоох тигии таҥас. Дизайнердыы таҥас диэни ойуччу тутан таҥныбаттар. Эр дьоҥҥо – хара көстүүм, маҥан ырбаахы, хара хаалтыс. Дьахталлар уһун былаачыйалаахтар, төбөлөрүгэр былааттаахтар. Кырааска-самааска, ытарҕа суох, бары – айылҕа хайдах биэрбитинэн. Устудьуон кыргыттар кыһыл былаачыйалаахтар, кыһыл түбэтиэйкэлээхтэр, баттахтарын икки өттүгэр түһэрэн өрүнэллэр. Ким даҕаны уратытык таҥнарын көрбөтүм, бары биирдик таҥналлар. Онон биир тэҥник таҥнан сылдьаллара сөхтөрдө.
Массыыналара барыта – омук “Тойота” маарката. Массыынаны оҥорон таһаарбат буолан, акциз диэн суох эбит. Ол иһин сыана чэпчэки. Массыына, оптуобус барыта маҥан өҥнөөх. Атын өҥнөөх массыынаны олох көрбөтүм.
– Бэрэсидьиэннэрин таҥара курдук көрөллөр дииллэр.
– Наһаа ытыктыыллар. Кэнсиэргэ аатын иһиттилэр да, тыһыынчанан көрөөччү сүһүөхтэригэр туран, биир тэтиминэн таһынан киирэн бараллар. Оннук убаастыыллар. Хас биирдии тэрилтэ, маҕаһыын аайы – кини мэтириэтэ. Уулуссаҕа, аллеяҕа хойуу хаастаах бэрэсидьиэннэрин мөссүөнэ эйигин тобулу одуулуур.
– Аны сыана туһунан кэпсэттэххэ…
– Дьиэҕэ ипэтиэкэни 30 сылга %-на суох биэрэллэр. Элитнэй дьиэҕэ 5 хостоох кыбартыыра – 60000$ (6 мөл.кэриҥэ). Бэнсиин сыаната лиитирэтэ 13 харчы (1 манат). Кыбартыыраҕа гааһы туттан олороллоругар төлөөбөттөр, уокка уонна ууга эрэ төлүүллэр. Барыта босхо кэриэтэ. Урукку курдук дьон уочаракка туран, чэпчэтиилээх кыбартыыраны атыылаһаллар. “Сэбиэскэй саҕанааҕы систиэмэ хаалбыт” диэн кэпсииллэр.
– Оччотугар ырай дойдутугар олороллор эбит дии.
– Ырай дойдута диэхпин сөп, ол эрээри барыта – биир халыып быраабыла. Биир бэйэм көҥүлү сөбүлүүбүн, онон кинилэргэ “көмүс килиэккэҕэ олорор” курдук сананан, биир көрүҥ таҥастаах, биир өҥнөөх дьиэҕэ, биир быраабылалаах, ыраас-талым дойдуга кыайан олорботум буолуо. Онон миэхэ ырай олоҕун курдук көстүбэтэ. Оттон олоҕу көрүүтэ, бөлүһүөпүйэтэ Туркмения менталитетын кытта сөп түбэһэр, судаарыстыба ыытар бэлиитикэтигэр сөпсөһөр киһиэхэ ырай дойдута буолуон сөп.
– Дьадаҥы, баай диэн баар дуу?
– Баар быһыылаах. Уулуссаны сууйар судургу таҥастаах кыргыттар, ырыынак үлэһиттэрэ туристары көрдөхтөрүнэ, куота сылдьаллар. Дьикти.
– Туристарга сыһыаннара хайдаҕый?
– Турист аҕыйахтык сылдьарыттан буолан эбитэ дуу, көрсүөтүк-сэмэйдик көрсөллөр. Дойдуларын кэрэ миэстэлэрин көрдөрөллөр, хайгыыллар. Интэриниэт олох мөлтөх, суоҕун кэриэтэ. Биһиги, кэнсиэргэ кыттааччылар олорор отельбытыгар вайфайынан “впн” нөҥүө эрэ баара, оттон кэккэлэһэ турар 80-тан тахса аккредитацияны ааспыт суруналыыстар отеллэригэр интэриниэт букатын суоҕа. Онон кинилэр көтөн кэлиэхтэриттэн барыахтарыгар диэри олох сибээһэ суох сылдьыбыттара. Суруналыыстарга хонтуруол ураты кытаанах. Кинилэри артыыстары кытта мээнэ кэпсэтиннэрбэттэр. Барыта – регламент. Биирдэ биир суруналыыска интервью биэрэ туран хараҕым кырыытынан көрбүтүм, көстүүмнээх киһи бүтүннүү кулгаах-харах буолан истэн аҕай турара.
“Туркменияҕа туристар тоҕо суохтарый?” диэн арыаллыыр киһибиттэн ыйыталаспыппар: “Соторутааҕыта эрэ туристарга сыһыаннаах улахан мунньах буолла. Онон Туркмения туристарга дьэ арыллан эрэр. Туристыы кэлэр буолаарыҥ”, – диэтэ.
– Туркменияҕа хайдах киириэххэ сөп эбитий? Виза, ыҥырыы…
– Анал ыҥырыы сурук баар буолуохтаах. Мин Култуура министиэристибэтиттэн ыҥырыылаах этим. Ыҥырыыны көрдөрөн эрэ баран, 5 күннээх визабын ылбытым. Ыҥырыы биэрбит тэрилтэ эбэтэр биирдиилээн киһи туох эмэ сыыһа-халты тахсар түбэлтэтигэр холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп.
– Саха сирин билэллэр эбит дуу?
– Үксүн тымныытынан эрэ.
– Эн хомуска оонньоотоҕуҥ. Төһө сэҥээрдилэр?
– Саха хомуһа дьону “шоктатта”. Тахсан: “Аламай күн сыламынан, Туркменистан! Саха сириттэн эҕэрдэ!” – диэн айхаллаан баран, “Күрүө Дьөһөгөй” айымньыбын оонньообутум. Түүр омук үксэ кэриэтэ сылгы куттаах буоллаҕа. Туркменнар нүөмэрбэр анаан үҥкүүһүттэри бэлэмнээбиттэр этэ. Онон нүөмэрим сүрдээх үчүгэйдик табыллыбыта. Ыһыы-хаһыы бөҕө буолан, сүһүөхтэригэр туран таһыннылар. Саамай күүскэ саха хомуһугар ытыстарын таһыммыттара. Дьиҥинэн, 20-тэн тахса атын омук ырыата-үҥкүүтэ баара.
– Түмүккэ Туркменистан туһунан туох өйдөбүл хаалла?
– Мин саамай “идеальнай” үрүҥ куораты, көрсүө-сэмэй дьону, минньигэс астаах баай-талым остуолу, туристары ытыс үрдүгэр түһэрэр норуоту көрдүм-иһиттим… Оннук кэрэ өйдөбүл хаалла. Дьадаҥылар олорор ыыспаларын, кытаанах эрэсиимнэрин, киһи өйүгэр баппат быраабылаларын көрбөтүм. Онон дойдуну мөкү өттүнэн көрдөрөр иһитиннэриим суох. Чэ, ситинник.