Валерий Ноев — саха аатырбыт айылҕаттан айдарыылаах хампаһыытар

Кини 1939 сыллаахха сэтинньи 20 күнүгэр Амма улууһун Алтаныгар төрөөбүтэ. 1961 c. Улан-Үдэ куоракка Илиҥҥи Сибиир Государственнай култуура институтугар киирбитэ. Майа орто оскуолатыгар муусука учууталынан уонна тыа кулуубугар байанист быһыытынан үлэтин саҕалаабыт. Бэдьимэ нэhилиэгэр олорбута. 1975 сыллаахха өлбүтэ.
Бастакы ырыатын Бүөтүр Тобуруокап «Көрүмэ, доҕоруом, көрүмэ» хоһоонугар 1961 сыллаахха суруйбут. Үс баянынан доҕуһуоллаах театрализованнай кэнсиэри туруорбута, 4 сюитаны, баяҥҥа аналлаах 12 айымньыны суруйбута.
«Мелодия» фирмаҕа 4 пластинката тахсыбыта. Валерий Ноев 50 тахса ырыата биллэр. Дьон-норуот уоһуттан түспэт хоһоонноро-матыыптара Саха омук баарын тухары ылланыа турдаҕа. Холобур: «Кыракый кыысчаным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын корсуhуу» (И.Гоголев) уо.д.а.
Саха аныгы ырыатын ыллыыр таһымын үрдэппит, байыппыт, истээччини үрдүк, кэрэ өйдөбүлүгэр үөрэппит, умсугуппут, көмүс куоластаах ырыаһыт уонна умнуллубат үтүөлээх ырыа айааччы, самодеятельнай композитор Валерий НОЕВ сырдык аатыгар сүгүрүйэн, үйэтитэн, Сахабыт сирин араас муннуктарыттан айар куттаах дьоммут бу ахсынньы 14 күнүгэр, 17.00 ч. ырыа түһүлгэтигэр мустуохтара.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх