Бииргэ үлэлиир үөлээннээхпит, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыската, Саха норуодунай артыыската, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Зоя Петровна Багынанова тапталлаах уола, СӨ култууратын туйгуна, Российскай Федерация кинематографистарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин киинэтин бэтэрээнэ, Саха театрыгар драма артыыһынан, кэнники тыас-уус операторынан айымньылаахтык үлэлээбит
ГЕННАДИЙ ГЕННАДЬЕВИЧ БАГЫНАНОВ
уһун ыарахан ыарыыттан олохтон барбытынан ийэтигэр Зоя Петровнаҕа, кыыһыгар Надеждаҕа, сиэнигэр аймахтарыгар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Геннадий Багынанов 1964 с. олунньу 1 күнүгэр Москва куоракка күн сирин көрбүтэ, Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар үөрэммитэ, онтон Амма оройуонун Абаҕа оскуолатын бүтэрбитэ. 1985 с. М.С. Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн драма уонна киинэ артыыһын идэтин ылбыта. 1985-1986 сс. Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Ытык иэһин төлөөн кэлээт 1986-1987 сс. СӨ Нерюнгритааҕы куукула уонна актер театрыгар, 1987-1989 сс. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха драмтеатрыгар драма артыыһынан үлэлээбитэ. 1992 с. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Судаарыстыбаннай киинэтин Бүтүн Сойуустааҕы идэни үрдэтэр институтун бүтэрэн киинэ режиссерын идэтин ылбыта. 1997 сылтан «Сахафильм” документальнай, научнай-популярнай киинэлэрин студиятыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1990-2004 сс. Сахафильмҥа монтаж оҥорооччунан уонна режиссерунан үлэлээн, саха киинэтэ сайдар суолга туруутугар улахан кылааты киллэрсибитэ. Режиссер быһыытынан норуокка киэҥник биллибит “Төлөрүйүү”, “Биһирэм”, “Түүҥҥү кыыс” уо.д.а. киинэлэри устубута. Геннадий Геннадьевич Багынанов саха киинэтин сайдыытыгар кылаата үрдүктүк сыаналанан Арассыыйа киинэтин «Саха сирин кинематографията атаҕар туруутугар уонна сайдыытыгар өҥөтүн иһин» бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.
2004-2020 сс. Саха академическай театрыгар тыас-уус операторынан үтүө суобастаахтык уонна бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Геннадий Геннадьевич Саха театрыгар үлэлээн таһаарбыт хас биирдии испэктээкилэ толору ситэн-хотон тахсарыгар ураты кыһамньытын уурара. Хас биирдии көстүүгэ тыаһы-ууһу, музыканы чочуйан, дьүөрэлээн чаҕылхайдык биэрэргэ дьулуһара. Ол курдук Геннадий Багынанов айар дьоҕурунан Саха театрын бөдөҥ испэктээкиллэрин: А.Хасон “Мастар охтубакка кэхтэллэр”, Ч.Айтматов “Ийэ сирэ”, У.Шекспир «Ромео уонна Джульетта» трагедиятынан “Биирдэ куоракка”, Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм”, Э. Ионеско “Макбет” о.д.а. туруорууларын бэлэмнэспитэ. 1998 с. А.Пушкин “Аҕабыыт уонна кини үлэһитэ Балда» диэн остуоруйатын туруорбута.
Бырастыылаһыы кулун тутар 11 күнүгэр сарсыарда 10:30 чаастан «Некрополь» траурнай саалатыгар буоулуоҕа.