Урукку Оһуохайы санаан ыллахха…

          Оһуохай күнэ дьэ бу бүгүн, Ыам ыйын 25 күнүгэр, үүннэ! Ааҕааччыларбытын, Оһуохайы таптааччылары, этээччилэри эҕэрдэлиибит!

        Онтон «Оһуохай» түмсүү хаһан саҕаламмытай? Кимнээх салайбыттарай, ханнык этээччилэр баар этилэрий?

        Биһиэхэ ити боппуруостарга эппиэттэри сырдатыаҕа  Саха сирин культуратын туйгуна, Уус — Дьааҥы бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ  бочуоттаах бэтэрээнэ, Оһуохай хамсааһынын биир тутаах салайааччыта Абрамова Ирина Васильевна:

       — Мин Оһуохай тэрээһиннэригэр үлэлэһэбин, билигин өрөбүллэргэ ыытыллар үҥкүүлэргэ салайааччы буолабын, эбээннии hээдьэ, сахалыы Оһуохай тылларын этэбин.

         «Оһуохай» түмсүү төрүттээччитин, профессор Николай Егорович Петровтыын кытта бииргэ алтыһан турабын. Ону кытта өссө биир тэрийээччи, көҕүлээччи, культураҕа, комсомол хамсааһыныгар элбэх сыратын уурбут түмсүү уус — уран салайааччыта Гаврил Гаврильевич Сыромятников баара.

          Хас да сыл үлэлээн баран, биирдэ дьиэтэ суох хааллыбыт, ханна барабыт диэн боппуруос үөскээбитигэр, мин оччолорго Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар тэрийээччи педагогынан үлэлээбитим, техникум дириэктэрэ Попов Гаврил Гаврильевич тыа хаһаайыстыбатыгар үөрэнэ сылдьар саха оҕолоро сахалыы тыыннаах буолуохтаахтар, Оһуохайы манна аҕалыахха диэн этии киллэрбиппин өйөөн, тоҕус сылы быһа онно сылдьыбыппыт.

       Онтон Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгар Илья Михальчукка сурук киллэрбиппитигэр, 2002 сыллаахха «Арчы дьиэтэ» туттуллан, баччааҥҥа дылы өрөбүл күн Оһуохай тэрийэбит, мин онно уус — уран салайааччыннан, тэрийээччинэн буолабын, артыыстары, этээччилэри ыҥырабын.

        Бэйэм быйыл 75 сылым, култуураҕа сааһым тухары үлэлээтим, миигин батыһан төрөппүт кыыһым Оксана Абрамова Россия үтүөлээх артыыһа, Саха сирин биллэр балерината, икки улуус бочуоттаах олохтооҕо.

      Биллэн турар Оһуохай саха дьонугар улахан суолталаах, уруккуттан  билиҥҥиэхэ дылы элбэх улуу, улахан дьон айан — тутан, кыттан, Оһуохай тылын этэн ааспыттара. Билигин бааллары кытта тутуһан сылдьабыт.

           Ол курдук Арсен Зверев, Степан Яковлев, Афанасий Яковлев диэн улахан этээччилэр, Оһуохай тылын оройуттан туппут Егор Осипов, Зиновий Яковлев, Николай Шамаев, Юрий Иванов, Егор Романов, Николай Софронов, Степан Яковлев үҥкүүһүт, артыыс Дмитрий Попов, нуучча сирэйдээх эрээри сахалыы уус — ураннык саҥарар Пётр Кумечко, 90-чатын ааспыт Мария Иванова, сэрии бэтэрээнннэрэ Денис Текянов, Николай Николаев, Сергей Габышев, агроном Афанасий Львов бааллара.  Гаврил Сыромятников бэйэтэ туох да ааттаах этээччи этэ. Ону тэҥэ хоһоонньуттары хомуйан, Анна Васильевна Андреева брошюра таһаартарбыта.

       Саҥа Дьыл аайы Николай Егорович Прокопьев Дед Мороз, мин Снегурочка буолан дьоммутун үөрдэн, сэргэхситэр этибит. Тэрээһиннэрбитин Чурапчыттан төрүттээх Титов Пётр Давыдович киинэҕэ устара, хаартыскаҕа түһэрэрэ, ол историяҕа барыта киирбитэ, бэйэтэ чурапчылыы оһуохайдыыр этэ. Норуот маастардара Анна Николаева, Розалия Егорова, Мария Ноговицына быыстапка тэрийэн Оһуохай түһүлгэтин киэргэтэллэрэ.

     Сахабыт сирин биллэр артыыстара Марина Попова — Эдьиэй Марыына, Раиса Захарова туох да манньата суох кэлэн кытталлара, билиҥҥи артыыстар кырата биэс тыһыынчаҕа кыттан бараллара.

     Билигин даҕаны Оһуохайбын иилээн — саҕалаан сылдьарбыттан үөрэбин, элбэх тэрээһиннэр, күрэхтэр баар буоллулар, эдэр ыччат даҕаны кыттыыны ылар. Ол курдук Александр Саввинов, Вадим Константинов диэн этээччилэр аар саарга аатырбыттара.

         Билиҥҥи Оһуохай түмсүү салайааччыта Александр Джурович Данилов тэҥҥэ үлэлэһэн, улахан таһымҥа тахыстыбыт. Аар Дархан этээччи, Дархан этээччи, Саха сирин үтүөлээх этээччитэ диэн ааттар баар буоллулар.

         Онтон Оһуохай күнэ олохтоммутугар Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка ис сүрэхтэн махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Уонна бу биһиги күүтүүлээх күммүтүнэн туох баар Оһуохайы сэҥээрээччилэри, этээччилэри, кыначчытары эҕэрдэлиибин! Оһуохай сайыннын, куруук баар буоллун!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх