Site icon SAKHALIFE

Уруйдуу көрсүөҕүҥ II өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөөбүт тыл учууталларын күрэҕин лауреаттарын

Улуу суруйааччыбыт  Амма Аччыгыйа “сахабыт тыла сир симэҕин курдук сиэдэрэй, үрүйэ уутун курдук ыраас-дьэҥкир, муора уутун курдук дириҥ, баай өйдөбүллээх” диэн  этиитин өссө бигэргэтээри, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар күрэх  өрөспүүбүлүкэтэээҕи түһүмэҕэр “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала — 2023” күрэскэ 13 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 14 саха тылын, литэрэтиирэтин уонна биир эбэҥки тылын учуутала кытта кэллилэр. Кинилэр истэригэр  2 сылтан  саҕалаан 33 сылга диэри ыстаастаах, 7 үрдүкү, 8 бастакы категориялаах учууталлар бааллар.

Кулун тутар 14 күнүгэр С.Н. Донской — II аатын сүгэр Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүтүүт аактабай саалатыгар, ону тэҥэ куорат сахалыы тылынан үөрэтэр оскуолаларыгар — Саха-гимназияҕа уонна Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа — идэлээх куонкурус бастакы түһүмэҕэр аһаҕас уруоктар, уонна тус идэ уратытын  көрдөрөр хайысхлаах методмастарыскыайдар буолан аастылар.

Учууталлар уруоктарыгар ыччаппыт кэскилин бигэ тирэҕэ, төрөөбүт Ийэ тыл сүмэтэ, ааҕар дьоҕуру сайыннарарын итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Сөптөөх ньыманы туһанан  уруогу аныгылыы, оҕо интэриэһин тардан ыытыы, ол эбэтэр “хайдах мотивациялыыбыт”диэн ыйытыыга эппиэт биэрии хас биирдии кыттааччыны  долгутара арылхайдык көһүннэ. Кыттааччылар төрөөбүт төрүт тыл холбукатыгар оҕо уйулҕатын сөп түбэһиннэрэн, олоҕу кытта ситимнээх сорудахтары толотторон уруоктарын чаҕылхайдык, эрэллээхтик, үрдүк таһымҥа ыыттылар.

Методмастарыскыай түһүлгэтигэр учууталлар проектнай үлэлэрин ситимнээн, санааларын сааһылаан, истээччилэргэ тириэрдиини ситиһэн, албастарын, кистэлэҥнэрин арыйдылар, көрөөччүлэри кытта санаа үллэстиитин олохтооотулар уонна дьүүллүүр сүбэ ыйытыыларыгар дьоһун эппиэттэри биэрэн астыннардылар.

Икки күрэх түмүгүнэн 8  бастыҥ кыттааччы II-с түһүмэххэ салгыы кыттар чиэскэ тигистэ. Кинилэр талбыт хайысхаларынан кылаас чааһын  биэриэхтэрэ, маастар кылаас көрдөрүөхтэрэ.  Ол кимнээҕий:

Лауреаттарга ситиһиилэри!

                                               

Exit mobile version