Улуу Айыы ойууна В.А. Кондаков – эдэр ыччакка

ЭДЭР ЫЧЧАККА АНААН АҔЫЙАХ БЭЙЭМ САНААЛАРБЫН ЭТИЭМ. ОНУ ЭҺИГИ ТОЛКУЙДААН, ЫРЫҤАЛААН КӨРҮҤ УОННА ТӨҺӨ КЫАЛЛАРЫНАН ТОЛОРУҤ, ТУТУҺУҤ

1. Бэйэҥ норуотуҥ былыргы итэҕэлин, үгэстэрин үөрэтэ, билэ сатаа. Элбэхтик аах, билэр кырдьаҕастартан ыйыталас, сурун. Кыахтаах буоллаххына бэйэҥ Сырдык Айыылары, үтүө иччилэри кытта сибээстэһэ сатаа. Мээнэ билбэт Үрдүкү күүстэргин, билбэт иччилэргин ыҥырыма. Ол кутталлаах буолуон сөп.

2. Төрөөбүт айылҕаҕын таптаа, харыстаа, көмүскээ, кинини байыт, сөптөөхтүк туһан. Төрөөбүт дойдуҥ айылҕата эйиэхэ төрөппүт ийэҥ кэриэтэ буолуохтаах. Кини эйигин үөскэппитэ, төрөппүтэ, ииппитэ-аһаппыта, киһи оҥорбута. Ону умнума. Үчүгэйдик сыһыаннастаххына, Ийэ Айылҕаҥ эйигин куруук көмүскүө, аһатыа-сиэтиэ, таҥыннарыа, итиитинэн сыламнатыа, чэгиэн-чэбдик оҥоруо. Төрөөбүт айылҕаҕын дьиҥнээх куккунан-сүргүнэн таптаа, киниэхэ куһаҕаннык сыһыаннаһар дьону утары охсус, алдьатарыма, халатыма. Айылҕаны харыстыырга бэйэҕиттэн балыс саастаахтары үөрэт.

 3.Төрөөбүт төрүт тылыҥ бары үтүөтүн эккэр-хааҥҥар иҥэр. Төрөөбүт тылгын атын омуктар тылларыттан намтатыма. Тылы билэр дьонтон үөрэн, төрөөбүт тылыҥ эйиэхэ Ийэ Айылҕаҥ күндү бэлэҕэ, Аан Дойдуну кытта ситимнэһэр аптаах-хомуһуннаах сүдү күүһүҥ буолар. Төрөөбүт төрүт тылгын үчүгэйдик билбэт, эбэтэр сэнии, көйгөтө саныыр буоллаххына, эн туохха барытыгар сөптөөх өйдөбүлэ суох буолуоҥ. Ол эн инники олоххор улахан мэһэйдээх буолуоҕа. Эйигин атын омук тылын үөрэтимэ,  билимэ диэн этиллибэт. Төһөннөн элбэх омук тылын дириҥник  үчүгэйдик билэҕин да, соччоннон эн дириҥник элбэҕи билэр, өйдүүр кыахтанаҕын. Төрөөбүт тылын үчүгэйдик билэр эрэ киһи бэйэтин норуотун төгүрүччү өттүнэн дириҥник өйдүүр кыахтанар. Тыл диэн норуот олорор кэлбит историятын, кини хайдаҕын көрдөрөр докумуон буолар.

Мээнэ солуута суох халы-мааргы тыллаһыма. Оннук тыл-өс сэрэхтээх, сэттээх-сэлээннээх. Кырдьаҕас дьону кытта кэпсэтэргэр ытыктабыллаах тылларынан саҥар. Холобур, ытык кырдьаҕаас, кырдьаҕас, убаккаа, эдьиий диэн тыллар сөп түбэһэллэр. Ханнык эрэ кырдьаҕас киһиэхэ сүүрэн тиийэн «оҕонньор, бу ханнык уулуссаный?», эбэтэр «эмээхсин, хас чаас буолла?» диэтэххинэ, олуонатык иһиллиэ, ол дьон төһө да оҕонньор, эмээхсин буолтарын иһин өһүргэнэ истиэхтэрэ. Тылынан киһиргиир куһаҕан. Биһиги былыргы тылбыт-өспүт элбэх харысхал, сэрэх тыллардааҕа биһиги норуоппут сэмэйин, айылҕаны кытта сибээһэ үрдүгүн, тыл суолтатыгар, күүһүгэр биһиги өбүгэлэрбит улахан болҕомтону ууралларын этэр.

4. Бары сиэри-туому, үгэстэри үчүгэйдик тутуһа үөрэн. Итилэр бары итэҕэлтэн тахсаллар, итэҕэли кытта ыкса сибээстээхтэр. Холобур, бултуу бардаххына, бултааһын сиэрин-туомун тутус, Баай Байанайтан көрдөс. Аал уоккун оттон, Хатан Тэмиэрийэҕэ, Аан Алахчыҥҥа айахта тут. Ойуурга уоккун-күөскүн сэрэн, бараргар хайаан да умуруор, уот барыах курдук сиригэр оттума, тыал хайысхатын, күүһүн учуоттаа.  Тыаҕа айдаара, хаһыыта-ыһыыта суох сэрэхтээхтик сырыт. Сахалар үлэлии бардахтарына, маҥнай алгыстан саҕалыыллар. Үлэ үчүгэйдик барарыгар, дэҥ-оһол тахсыбатыгар, үлэни чэпчэтэн биэрэригэр, сылаас быттыгар-хонноҕор илдьэ сылдьарыгар ол дойду иччититтэн көрдөһөөччүлэр. Тыаҕа сылдьар кэмнэригэр былыргы  саха дьоно саамай көрдөһөр-көрдөһүүлэрэ туох да куһаҕан, дэҥ-оһол, иэдээн тахсыбатын туһугар буолара. Ол өйдөнөр. Ити кинилэр үтүө санаалаахтарын уонна кыра да сыысхал иэдээҥҥэ тириэрдэр диэн эрдэттэн сэрэниилэрин көрдөрөр.

5. Санааҕын, эккин-хааҥҥын ыраастан. Сайын сарсыарда аайы эрдэ тураҥҥын ойуур саҕатыгар күн тахсарын көрүс. Күн хас биирдии утаҕа сыыйа күүстээх сардаҥаҕа кубулуйан, ойуур маһын лабаатын, мутукчатын, сэбирдэҕин кууһан угуттаан, уһугуннаран барарын өр көрөн тур. Хайдах курдук үчүгэйий! Көр! Күммүт хайдах өссө арыый үөһээ дэгдэйэн, сардаҥалара элбээн, үрдээн лабаа аайы чыычаах уһуктан ыллыырын. Саҥа күн курдук санааҥ ыраас буоллун! Күн Күбэй Хотун Үрүҥ Күн үрдүк сардаҥаларынан үтүө санааларгын үрдэттин, үксэттин. Ыар санааларгын ыраах кыйдаатын. Куһаҕан-ньоҕох санааларгын суох оҥордун. Үрүҥ Күн эйигин көмүскүө. Атын ордугурҕас, куһаҕан санаалаах дьон эйиэхэ биспит куһаҕан санааларын ыраастанан, суунан кэбис. Ити эйигин көмүскүө, кинилэр дьайдаах санаалара эйиэхэ иҥмэтигэр, куһаҕаны оҥорботугар көмөлөһүө.

6. Эн бу Сир сарсыҥҥы хаһаайына буоларгын умнума. Кэм ааһыа, өссө улаатыаҥ үөрэхтэниэҥ, идэ ылыаҥ уонна ийэҕин, аҕаҕын солбуйааччы, бу Күн Сиригэр кинилэр олохторун салҕааччы буолуоҥ. Ийэ сиргэр үлэлээн, олох оҥостон, оҕо төрөтөн, кинилэри иитэн олорооччу эн буолуоҥ. Онно бэлэмнэн. Улдьаарыма, куһаҕан дьаллыктарга ылларыма, олоххун эрдэттэн тэрин. Эн олоххун хойут оҕолоруҥ салгыахтара. Олох сокуона оннук. Сүбэни ылын. Сайдаргар, үүнэргэр, тус бэйэҕэр туһалаахтык олороргор, сылдьаргар бэйэҥ норуотуҥ туһугар үлэлииргэр үчүгэй бириэмэ кэллэ. Ону эдэр киһи мүччү тутума.

7. Ол эрээри сыыһа өйдөөн олус үүнэ-тэһиинэ суох барыма. Атыы-эргиэн көҥүл буолла диэн дьону албынныы, сыананы олус үрдэтэ сатаама. Үлэлээн оҥорон таһаарбакка эрэ, онон-манан эргинимэ. Үлэлээ, аста-үөллэ оҥор, сүөһүтэ иит, отто оттоо, дьиэтэ-уотта тут. Эдэр киһи, эн, сүрүн аналыҥ ол эбээт. Бу сир үрдүгэр үлэлээн, суол-иис хаалларан ааһарыҥ биир ытык иэһиҥ буолар.

8. Бэйэҕин сүтэримэ, атын дьону, атын омуктары үтүктүмэ. Хайдах сылдьыахтааххын, тугу гыныахтааххын ис сүрэххиттэн, тус санааҕыттан уонна Аан Дойдугуттан ыйыт, сүбэлэт. Бэйэҥ омугун кутун-сүрүн, уратытын, тас көрүҥүн, туттуутун-хаптыытын уларыта сатаама. Хас биирдии омук бэйэтэ туспалаах буолуохтаах.

9. Дьону эчэтэр, кырбыыр, халыыр, саба түһэр туһугар эккин-хааҥҥын анаан эрчийимэ. Күүстээх, бөҕө, быһый, бэйэҕин, дьоҥҥун көмүскүүр кыахтаах буоларга дьулус. Оттон хаһан да саба түһэргэ анаан бэйэҕиҥ эрчийимэ. Оҕолоргун эмиэ оннук иит.

Улуу Айыы Ойууна В.А.Кондаков. Аар Айыы итэҕэлэ. 386-388 стр. Дьокуускай 2013 сыл.

Ойууттар тустарынан суруйуулар

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх