Site icon SAKHALIFE

Уйбаан Самаайап: Саамай ыллыктаах, дьиҥнээх киирсиилээх, ис күүрүүлээх быыбар Мэҥэ Хаҥаласка буолан ааста

Мэҥэ Хаҥалас быыбара.
Быыбардар аастылар. Саамай ыллыктаах, дьиҥнээх киирсиилээх, ис күүрүүлээх быыбар Мэҥэ́ Хаҥаласка буолан ааста. Икки кандидаттан хайата да кыайбытын иһин мэҥэлэр сүүйтэрэллэрэ суох этэ. Маннык дириҥ ис хоһоонноох быыбар буолбута Мэҥэ Хаҥалас улуус быһыытынан кэскиллээҕин көрдөрдө. Мэҥэлэр бэйэлэрин санааларыгар «быыбар хаамыытыгар ити куһаҕан, бу куһаҕан этэ» дии саныыллара баара чахчы. Оннук буолуохтаах даҕаны. Ол гынан баран Мэҥэ Хаҥалас быыбарын эталон курдук көрүөххэ, үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ сөп.


Билигин кыайбыт кандидат, саҥа баһылык, Саха сиригэр бүттүүнүгэр холобур көрдөрүөн сөп: кини: «Мин кандидатурабын утары үлэлээбит салайааччылары, детсад сэбиэдиссэйиттэн оскуола директорыгар тиийэ, кими да сойуолаабаппын, үлэтиттэн устубаппын» диэн хорсун сайабылыанньа оҥороро уонна ону тутуһара буоллар бүтүн Саха сиригэр улахан туһалаах хардыыны оҥоруо этэ. Дьэ бу кэскилгэ хардыы буолуо этэ! Биллэн турар, салайар каадырдарга уларытыы бара туруохтаах, ол гынан баран политическай кампания, репрессия быһыытынан буолбакка, үлэ хаамыытынан. Саҥа баһылык итинник хардыыны оҥордоҕуна салайааччы быһыытынан балаһыанньата ханан да кэбирээбэт, бөҕөргүүр эрэ; политик быһыытынан тугу да сүүйтэрбэт, аҥардастыы сүүйүө эрэ этэ. Дьаһалта иһигэр, биллэн турар, уларытыылары оҥороругар тиийэр, ол гынан баран үрдүк квалификациялаах специалистары харыстаатаҕына улууска сүүйүүлээх эрэ буолуо этэ.


Мэҥэлэр хайдах маннык таһымҥа тиийдилэр дии саныыбын уонна быһаарыытын ааспыт кэм историятыгар көрөбүн. Бу кыайыы төрдүгэр норуот дьиҥнээх патриоттара Скрябин, Артемьев, Охлопков, Мучин уо.д.а. курдук үрдүк таһымнаах салайааччылар ааспыт кэмҥэ күүрүүлээх үлэлэрэ акылаат буолар дии саныыбын.

Уйбаан Самаайап, балаҕан ыйын 12 күнэ, 2022 сыл.

Exit mobile version