Уйбаан Самаайап: Пацаноман буолаары гынным
УУСтан сонуннар
«Слово пацана»
Саҥа Дьылынан! Бу күннэргэ «Слова пацана» диэн сэрийээли интернеттэн ылан дьиэ кэргэнинэн көрөбүт. Барыта аҕыс сиэрийэттэн биэһин көрдүбүт. Хас биирдии сиэрийэ ниэрбэ килиэккэтэ бөҕөтүн сиир да көрө турабын. «Пацаноман» буолаары гынным. Саҥа дьыл иннигэр биири көрөн баран бэҕэһээ, бүгүн иккилии сиэрийэни «охтордубут». Дьэ сүрдээх сэрийээл! Киинэ уус уран өттүнэн уһулуччу үрдүк таһымнааҕыгар мөккүөр отой суох. Мин ити билэр аҕай кэмим, онон ити кэмнээҕи куораты, дьиэлэри, кыбартыыралары көрдөрүүгэ сыыһа — халты суох. Дьон саҥата — иҥэтэ, туттуута — хаптыыта, быһыыта — майгыта итинник этэ диэн туоһулуубун. Артыыстар оонньуулара эҥкилэ суох курдук көрөбүн.
Казань куоракка аҕыс уонус сыллар бүтүүлэригэр итинник балаһыанньа үөскээбитин «комсомолка» хаһыаттан билэр этим. Оччотооҕу суруналыыстар амырыын хартыынаны көрдөрөн суруйар этилэр. Ол кэмҥэ быһыы — майгы үүт үкчү киинэҕэ көстөрүн курдук буолуо диэн итэҕэйэбин.
Билигин маннык ыйытыылардаахпын:
- Ити быһыы — майгы бастаан чахчы Казаньтан барбыта буолуо дуо? Оннук буоллаҕына тоҕо иимэннэ Казаньтан саҕаламмыта буолуой?
- Киинэҕэ туох да национальнай матыып көстүбэт. Арай сорох геройдар ааттара татаардыы, сорохтор гиэннэрэ нууччалыы уонна саундтрек буолбут ырыа татаардыы быһыылаах. Бука ол билиҥҥи буорах үрдүгэр олорор кэммит ирдэбилэ буолуо. Дьиҥнээх олоххо хайдах быһыы — майгы буолан ааспыта буолла?
Уйбаан Самаайап, тохсунньу 2 күнэ, 2024 сыл.
+7 (999) 174-67-82