Тыа сиригэр киһи уонна сир, эппиэтинэс уонна итэҕэл наада

Дойду уопсай тутулугар сөп түбэһиннэрэн норуот хаһаайыстыбатын сайыннарыы соруктарын ситиһии түргэтиэн наада. Тоҕо диэтэххэ мантан барыбыт этэҥҥэ буолуута тутулуктаах. Общество хас биирдии киһитэ ким толкуйга, ким ыкса үлэлэһиигэ, тэрийиигэ, көҕүлээһиҥҥэ эппиэтинэһи ылыныахтаах. Кэтэмэҕэйдиир, көлөнү өр көлүйэр кэм буолбатах. Бу туһунан дойду салалтата араас түмсүүлэргэ этэр буолла. Бары билэрбит курдук Республика Ил Дархана Айсен Николаев Тыа сирин туруктаахтык сайыннарыы сүбэтин тэрийбитэ. Сүбэ тыа сирин сайдыытыгар кэккэ соругу толорорго көмө тирэх буолар аналлаах. Манна түмсүбүт хас биирдии кыттааччы идэтийбит дьарыгынан бу хамсааһын далааһынын кэҥэтиэхтэрин уонна тэтими күүһүрдүөхтэрин сөп. Бүгүн Ulus.Media ыалдьыта бу сүбэ кыттыылааҕа Людмила Валерьевна Николаева. Кини тыа сиригэр, предпринимательство сайдыытыгар көмөлөспүтэ бастакы сыла буолбатах. Стратегическай бырайыактары, кинилэр финансовай моделларын оҥорууга уоппуттаах. Онон тус көрүүлэрин уонна Сүбэ үлэтин туһунан кэпсэттибит.

— Людмила Валерьевна, Ил Дархан тэрийбит Сүбэтигэр тыа сирин туруктаахтык сайыннарыыга туох толкуйдааххын, саҕалааһыннардааххын бэрт кылгастык кэпсэтиэххэ эрэ.

— Биһиги региоммут таһымыгар билигин тыа сирин сайыннарыыга үлэ барар. Кинилэр бары тыын суолталаахтар. Инфраструктураҕа, каадырдары иитиигэ, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сыһыаннаахтар. Биһиги Сүбэҕэ тыа сирин сайыннарыыны киэҥник көрөбүт. Тыа сирин саҥа модела баар буолуохтаах.

Мин санаабар, бу саҥа сыһыан дьон өйүн-санаатын уларытыаҕа. Дойдубутун сонуннук көрөргө көмөлөһүөҕэ. Хас биирдии нэһилиэк модела бэйэ бэйэтигэр холбоһон бүтүн республикаҕа суолталаах буолуоҕа. Предпринимательство сорох өйдөбүллэрин туһаннахха, куоталаһыы үөскээтэҕинэ хаачыстыба эмиэ тупсуо.

— Моделлар тустарынан быһааран биэриэҥ дуо?

— Мин санаабар, бу моделга 2 хайысха баар буоллаҕына сатаныыһы. Бастакы хайысха — традиционнай оҥорон таһаарыы. Ити үөрүйэхпитин илдьэ хаалыахтаахпыт. Эппит, үүппүт. Иккис хайысхабыт — саҥалыы көрүүлэрбит. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улууһун 4 нэһилиэгэр мүөттээх ыҥырыа иитиитин тэрийэн эрэбит. Манна өссө киириэхтэрин сөп – күндү түүлээх иитиитин сөргүтүү, отонноох, сибэккилээх үүнээйини олордуу.

Аны креативнай индустрияҕа сыһыаннаах 2 дьарык баар — талааннаах дьоммут үлэтин дохуоттуохпутун сөп. Народно-художественные промыслы диэн дойду үрдүнэн сайдан эрэр. Ону тэҥэ туризм. Ити 4 нэһилиэктэрбит туризм маршруттарыгар хайдах киириэхтээхтэрин суоттаан саҕалаатыбыт.

— Бу бырайыактары торумнуурга туохха олоҕуруохха нааданый? Холобур, олоххо киирэр буоллахтарына нэһилиэк баһылыгын эппиэтинэһэ буолар буоллаҕа дии.

— Инникини өтө көрөр, прогнозтуур дьоҕуртан улахан тутулуктаах. Ити предпринимательствоҕа туттуллар методологияҕа майгынныыр. Баһылык дьон уонна сир боппуруостарын холбуур чуолкай билиилээх буолуохтаах.

Туох нэһилиэккэ баһылыктыыбыный, төһө сирдээхпиний? Сирбэр туох үүнэрий уонна үүнүөн сөбүй? Туохха, хайдах туһаҕа таһаарабыный? Производствоҕа – оҥорон таһаарар салааҕа тугу гыныахпын сөбүй? Бу киһи манна, онтон бу киһи манна дьоҕурдаах ээ, оччоҕо бу үлэни кыайыа диэн.

— Айсен Сергеевич тыа хаһаайыстыбатыгар көмө механизмнар бастатан туран дохуоту уонна тыа сирин олоҕун таһымын үрдэтэргэ аналлаахтар диэн этэр. Предпринимательстволыы сыһыан онно сыһыаннаах дуо?

— Оннук! Ону ааһан, мин бигэ эрэнэбин, тыа сирин моделларыгар, проектарга сыһыан тыыннаах хаалыы эрэ курдук көрүллэрэ татым. Бизнестии сыһыаннаах, оннук алтыһыылаах эрэ буоллахха кыайа тутуллар. Киһи санаатын эрэ буолбакка, олоҕун туругун бөҕөргөтүөхтээхпит.

Оччоҕо дьэ куорат олохтооҕун саҕа дохуоттаныа. Үрдүк да буолуон сөп. Мин көрдөхпүнэ, нэһилиэк баһылыктара итини өйдөөн, быһаарыытыгар чугаһаан эрэллэр. Дохуоттаах киһи тоҕо нэһилиэгиттэн бара сатыаҕай?

— Үгэстэр диэн бааллар дии ханнык баҕарар дьыалаҕа. Сороҕор бу үгэстэр хамсатар күүстэнэллэр, сороҕор симмитигэр түһэрэн кэбиһэллэр. Наһаа күүстээх психологическай дьайыылаахтар. Холобур, үүтү ыан айахпытын эрэ ииттинэбит, дохуоппут үрдээбэт диэн. Стереотиптэри уонна олохсуйбут көрүүлэри уларытыахха сөп эбитэ дуу?

— Сөбүлэһэбин. Биһиги хас биирдиибит билиибит араас кэмҥэ, араас усулуобуйаҕа мунньулуннаҕа дии. Үөрэнэн хааллахпытына саҥалыы көрөрбүт, туһалааҕын буларбыт уустук. Ол иһин бу Ил Дархан Тыа сирин туруктаахтык сайдыытыгар анаан тэрийбит Сүбэтин кыттыылаахтара үөрүйэҕи саҥатытар ньымалары тобулуохтаахпыт уонна көрдөрөн биэриэхтээхпит. Холобур, молочнай фермаҕа технология, боруода уларыйдын. Бэйэбит хаһаайыстыбабытын ааһан улахан фермаланыахха.

— Ити фермалары торумнаан саҕалаабыккыт. Хас ыанар ынахтаах буолуой?

— Кырата 200 ыанар ынах. Ыччат сүөһүтүнээн 400-чэ буолуоҕа. Россия киинигэр 1 төбө аһыгар 2 аҥаар гектар буоллаҕына, биһиги специалистарбыт 3 аҥаар 4 га сөп дииллэр. Ол аата ити 400 төбөҕө 1000-1500 га

сир наада. Барыта ааҕыллар кыахтаах. Саамай кылаабынайа тугу, хайдах, хаһан, төһө чаастатык ааҕыныахтаахпытын тутуһуохпутун наада.

— Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥаласка бу туһунан кэпсэппиккит дии.

— Мэҥэ Хаҥаласка Чүүйэҕэ 220 гектар сир баар эбит. Тиийбэт. Хараҕа 750 га баарыттан аҥаара оһорбо сир. Толкуйдуохха наада. Баһаам сири чөлүгэр түһэриэхтээхпит. Холобур, илэ харахпынан көрдөхпүнэ сатанар диэн Воронежка бара сылдьыбытым. 6 фермалаахтар. Кинилэргэ эмиэ сир боростуой боппуруос буолбатах эбит. Бас билэр сирдээхтэр, арендаҕа ылбыттар.

Уопсайынан, сүөһүнү иитии өйдөбүлэ – сүөһү продуктивнай буоларыгар услуобуйаны тэрийии диэн лоп бааччы быһаараллар. Итиннэ цифровизация улаханнык көмөлөспүт. Онон ити холобуру биһиги бэйэбитигэр барсар гына суоттаан саҕалыахпыт.

— Идэтийбит үөрэхтээхтэри кытта сүбэлэһэр буоллаххыт. Кинилэр соруктара тугуй?

— Бастатан туран стандартизация ирдэбиллэринэн ааҕан таһаарарга көмөлөһүөхтэрэ. Бэйэбит специалистарбыт эмиэ кыттыахтара. Атын регионнар экспертэрин кытта элбэхтик санаа атастаһаллар. Саамай сүрүнэ сыалбытын көрүөхтээхпит уонна ол диэки бигэтик хамсыахтаахпыт.

— Билиҥҥи кэмҥэ өссө туох хамсааһын баарый?

— Мүөттээх ыҥырыаны иитии. 4 нэһилиэккэ – Сатаҕайга, Өлөчөйгө, Сыымахха, Бүтэйдээххэ быйыл сүүстэн тахса улейы туруордулар. Бу нэһилиэктэргэ ыҥырыаны иитэ үөрүйэх дьон консультация биэрэллэр. Өйдүүргүт буолуо, бу кыһын Удмуртияҕа бара сылдьыбыппыт.

Онно Каракулинскай оройуон Вятское диэн 500-чэ киһи олорор дэриэбинэтигэр олорор Сапаевтар диэн убайдыы бырааттыылар Швейцарияҕа тиийэ мүөтү атыылыыллар. Дьиҥэ бастаан ийэлэрэ баара суоҕа 3 улейтан көрөн саҕалаабыт. Бу уолаттар ааспыт нэдиэлэҕэ нэһилиэктэрбитигэр кэлэн бардылар. Улейдары барытын астаран, хонуулары көрөн, дьоҥҥо сүбэлээн биэрдилэр. Үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолан кып-кыра да уратыны булан көрөллөр эбит.

Биһиги дьоммут бу эдэр уолаттары кытта кэпсэтэн элбэххэ үөрэннилэр. Дойдуларыгар тиийэн да баран видеонан консультациялыы олороллор. Аммаҕа хаһыс да сылын ыҥырыанан дьарыгырар Марат Залялов диэн социальнай предприниматель эмиэ консультациялыыр. Онон биир санаалаах дьон алтыһыылара ситиһиилээх буолуоҕа. Маннык нэһилиэктэр кэлин элбээн иһиэхтэрэ. Итини тэҥэ туристическай маршруттары суоттаан саҕалаатыбыт.

— Людмила Валерьевна, аныгыскы сырыыга сыыппаралардаах, экспердэрдээх кэпсэтиибитин салгыыр инибит?

— Салҕыахпыт.

Мин санаабар, чугастааҕы кэмҥэ ааҕааччыларга тиэрдиэхпит.

Ulus.Media

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх