Тойбохой историятын чинчийээччи, үтүөлээх дьонун үйэтитээччи
Саха сирэ, арааһа, аан дойдуга бэйэтин биир уратытынан соҕотох сир быһыылаах. Ол – кинигэ таһаарыытын чааһынан. Биһиэхэ эрэ хас биирдии саамай кыра бөһүөлэк, саамай кырыы нэһилиэк булгуччу бэйэтин устуоруйатын, дьонун-сэргэтин туһунан саатар биир кинигэни бэлэмнээн, күн сирин көрдөрбүтэ дьэ дьикти. Ону таһынан, улахан тэрилтэлэр, оскуолалар, уһуйааннар, онтон да атыттар эмиэ бэйэлэрин олохторун, үлэлэрин сырдатар кинигэлэри бэчээттэтэллэр. Холобура, биһиги бииргэ үөрэммиттэр кыттыһан, бэйэбит кылааспыт, бииргэ үөрэммиттэрбит, учууталларбыт тустарынан үс кинигэ таһаардыбыт. Бука, Саха сирэ нэһилиэнньэтин ахсааныгар таһаардахха, бу өттүнэн аан дойду үрдүнэн бастакы миэстэҕэ сылдьара буолуо. Бэйэм кинигэ таһарыытынан дьарыктанар буолан, итиннэ сэмэй кылааппын киллэрэбин, биир идэлээхтэрим үлэлэрин сэҥээрэн кэтиибин. Оҕо эрдэхпиттэн кинигэ таҥаралаах киһи, кинилэртэн саҥа тахсыбыт кинигэлэрин бэлэх туттахпына дьоллонобун, көмүһү булбут саҕа сананабын.
Ол курдук, бу соторутааҕыта өр сылларга бииргэ үлэлээбит дьүөгэм А.А. Яковлеваттан кини саҥа кинигэтин бэлэх туттум. Ол кинигэ туһунан кэпсиэм иннинэ, бастаан кини олоҕун, үлэтин кылгастык билиһиннэриэм. Александра Алексеевна Яковлева Саха Өрɵспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Өрɵспүүбүлүкэтин үɵрэҕириитин бочуоттаах үлэhитэ, РСФСР норуотун үɵрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, улуус бочуоттаах бэтэрээнэ, Тойбохой нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин бочуоттаах иитиллээччитэ уонна бочуоттаах үлэhитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Шура Сунтаар Тойбохойугар интэринээт оскуолаҕа иитиллибитэ. Ол кэнниттэн Магадааннааҕы педагогическай институкка алын кылаас учууталын идэтигэр үөрэммитэ. Үөрэҕин 1972 сылга бүтэриэҕиттэн, үөрэммит-иитиллибит кыһатыгар иитээччинэн, старшай пионер-баhаатайынан ис сүрэҕиттэн кыһаллан, оҕолорго ийэлии амарах сыһыаннаһан үлэлээбитэ. 1986 сылга оскуола интэринээт уларыйан оҕо дьиэтэ тэриллибитигэр, директоры иитэр улэҕэ солбуйааччынан, психологынан, директорынан, барыта 36 сыл устата, үрдүк таhаарыылаахтык үлэлээн баран, 2003 сылтан Тойбохойдооҕу музей комплексыгар научнай үлэһитинэн, Сунтаар улууhун үөрэҕин салаатыгар эпиэкэ специалиhынан, нэhилиэк дьаhалтатыгар ЗАГС отделын специалиhынан, «Кыталык» социальнай-культурнай киин методиhынан үлэлээбитэ.
Пионер баһаатайынан үлэлиэҕиттэн, кини оҕолору кытта чинчийэр-үөрэтэр үлэнэн дьарыктанара. Онно Тойбохойго оскуола үөрэнээччилэрин, кинилэр төрөппүттэрин, оҕо дьиэтин иитиллээччилэрин, учууталлар, иитээччилэр көмөлөрүнэн аар-саарга аатырбыт музейдары, ирбэт тоҥҥо чэлгийбит Ботаническай саады, Саха сиригэр бастакы тыыннаах муннугу, эдэр натуралистар станцияларын тэрийбит, көҕүлээбит, кэлин Социалистическай Үлэ Геройа аатын ылбыт улуу учуутал Георгий Евдокимович Бессонов үтүө холобур буолбута, тирэхтээх олук уурбута.
Онтон мин 1984-1995 сс. кинини кытта кэккэлэһэ бииргэ үлэлээбитим. Александра Алексеевнаны бииргэ үлэлиир дьонугар, иитэр-үөрэтэр оҕолоругар өрүү эйэҕэс, амарах сыһыаннаах, үлэтигэр ураты эппиэтинэстээх, ылыммыт дьыалатын мэлдьи тиһэҕэр тирэрдэр ураты дьулуурдаах үлэһит, иитэр үлэтигэр саҥаттан саҥаны киллэрэр, ааспыты анаарар, кэскиллээҕи түстүүр мындыр педагог, дьиҥнээх чинчийээччи быһыытынан билинэбин.
Өссө баһаатайынан, иитээччинэн үлэлиир эрдэҕиттэн Александра Алексеевна олорор-үлэлиир Тойбохойун, үтүө-мааны дьонун тустарынан үгүс матырыйаалы хомуйбута. Онтун бэйэтин уустук, үгүс бириэмэни, күүһү-кыаҕы эрэйэр үлэтин быыһыгар мунньан, кэнэҕэски көлүөнэлэргэ анаан үйэтитэр соруктаах үлэлээбитэ.
Ол курдук, «Тойбохойский детский дом» (1993), «Дьиэбит барахсан…» (2001), «Тойбохойбут детдома – оҕо сааспыт биһигэ» (2010) диэн иитиллэн-үлэлээн дьолломмут кыһатын туһунан, Улуу Кыайыы 60 сыллаах юбилейыгар анаан «Тойбохойдор сэриигэ уонна тыылга» (2005), биллиилээх биир дойдулаахтарын тустарынан «Бессонов Георгий Евдокимович» (2005), аатырбыт ырыаһыппыт туһунан ахтыылары хомуйан «Сунтаар күɵрэгэйэ Анатолий Андреев» (2011), «Байыаннай суоппар, үтүɵлээх механизатор Прокопий Данилович Иванов» (2012), ураты дьоҕурдаах худуоһунньук Николай Петрович Соловьев туһунан «Тойбохой көһөҥө талаана» (2016), Тойбохой төрүт олохтоохторо, саастарын тухары оҕо дьиэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбит Иванова Акулина Гаврильевна, кини кыыһа Валентина Спиридоновна тустарынан «Айыы Далбар Хотуттар» (2017), оҕо дьиэтигэр өр кэмҥэ үлэлээбит-салайбыт Василий Никитич Евсеев туһунан «Сүрэҕин сылааһын – ыччакка» (2019) кинигэлэри бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта.
Өр сылларга ымыылаах санаа оҥостон, Тойбохойун историятын архивтарга хасыһан-үөрэтэн, биир дойдулаахтарын ахтыыларын хомуйан, «Тойбохой барахсан» бастакы (2010) уонна иккис (2016) чаастардаах дьоһун чинчийии кинигэтин таһаарбыта. Ону таһынан, “Тойбохой” совхоз 50 сылыгар анаан, 2017 сыллаахха үс кинигэни – “Кэлэр кэми түстээбиттэрэ” бастакы уонна иккис чаастара, хаартысканан хомуллубут “Саҥа суолунан” диэн ааттаммыт үһүс кинигэ – бэлэмнээбитэ.
Онтон бу соторутааҕыта өссө биир киэҥ хабааннаах үлэтин биир дойдулаах бар дьонугар бэлэх уунна. «Кимтэн кииннээхпитий, хантан хааннаахпытый?» диэн кинигэтигэр Тойбохой нэһилиэгин историятын түҥ былыргыттан архив докумуоннарыгар олоҕуран, Тойбохой төрүт олохтоохторун төрүччүлэрин иҥэн-тоҥон чинчийэн, ийэ-аҕа уустарынан наардаан оҥордо.
Автор кинигэни таҥыыга туһаммыт матырыйаалларын ыйда:
- Урукку дьон сахалыы норуокка биллэр таптал ааттарынан сурулунна (архыып матырыйаалларыгар oлоҕуран).
- Нэһилиэктэринэн дьиэ кэргэн испииһэгэ (Посемейный список наслегов 1900 г.) архыып матырыйаалларынан бэрилиннэ.
- 1926-1927 сыллардааҕы биэрэпис. Национальнай архыып матырыйааллара туттулунна.
- Тойбохойдооҕу Иннокентьевскай таҥара дьиэтин метрическэй докумуоннарыттан киирдилэр.
- Биирдиилээн олохтоохтор төрүччүлэрэ эбии матырыйаал быһыытынан туһанылынна.
Автор биир дойдулааҕа, үөлээннээҕэ Екатерина Семеновна Михайлова-Күн Күөгэйэ маннык суруйар:
“Александра Алексеевна сүрдээх сүрэхтээх, ис түгэх өйдөөх, киэҥ кытаанах куттаах сүдү Киһи, киниэхэ мин барҕа махтал тылларын тириэрдиэхпин баҕарабын! Бу улэтин өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн, онно бары да кыттыһан, ким туох матырыйааллааҕын биэрэн, өссө бэчээттэнэн тахсара буоллар олох бэрт буолуох этэ. Тойбохойдор ааттара үйэлэргэ сүппэккэ, дьиҥ чахчы кытаанах акылаат буолан, өссө да инники өттүгэр салҕанар, кэҥиир кыахтаныа этэ”.
Бу кылгас суруйуубун эмиэ Тойбохойтон төрүттээх, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Антонина Константиновна Никитина киэҥ ис хоһоонноох сыанабылынан түмүктүөхпүн баҕарабын:
“Кинигэ саамай суолталааҕа – документальнай сурук тиһигэ буолар хабааннааҕа эбит. Таһаарыы кээмэйин аҥарыттан ордуга архыып матырыйаала: Сунтаар, Хочо улуустара хаһан төрүттэммиттэриттэн, Бүлүү уокуругун нэһилиэнньэтин оччотооҕу ахсаанын көрдөрөр таблицаттан саҕалаан, урукку нэһилиэктэр тэриллибит сыллара киирбит. 1836 сылтан бүгүҥҥү күҥҥэ дылы хаһыссыах, көрдүөх диэтэххэ эттэххэ эрэ дөбөҥ ини! Ити үлэтин Александра Алексеевна хос сиэним төрүөҕүттэн, куоракка кэлиэхпиттэн саҕалаабытым диир, ити 2015 сыллааҕыттан эбит. Ардыгар кэпсэтэ түһээри түлүппүөнүн эрийдэххэ: “архыыпка олоробуон” диэн сибигинэйэр саҥа кэлээччи. Үп өттө быһаарыллара буоллар, кинигэ өссө силигэ ситэриллэн, саҥардыллан, матырыйаала эбиллэн, көннөрүллэн тахсара былааннанар эбит.
Түһүмэхтэр бэркэ таҥыллыбыттар: бастаан архыып матырыйаала наарданан, сааһыланан киирэн баран, кэнники өттө нэһилиэк дьонун ахтыыта. Манна төрүччүлэри оҥорууга холонуу баара сүрдээх интэриэһинэй эбит.
… Кинигэни билсиспит дьон интэриэстэрин хайаан да «Посемейный список III Нерюктяйского наслега Хочинского улуса Вилюйского округа Якутской области, составленный в июле 1900 года (Нац. архив РС(Я), опись 1, фонд 50, дело 136)», «Посемейный список Торбоховского наслега за 1 мая 1897 года (Нац. архив РС(Я), опись 1, фонд 5)», «Список по Торбоховскому наслегу Хочинского улуса. Составлено 25 декабря 1927 года», «Подворный список по Торбоховскому наслегу о хлебопашенных земель». (Начато 07.07.1927 года. Предс. нассовета Н.Н.Осипов. Члены комиссии Степан Егоров, Василий Ичиров, Николай Ачиасов, Митрофан Митрофанов, Терентий Осипов. Секретарь нассовета И.Осипов) диэн бэлиэ суруктаах түһүмэхтэр тардыахтара буолуоҕа.
Александра Алексеевна Яковлева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, күн күбэй Ийэ, мааны Эбээ, биһиги нэһилиэк киэн туттар киһитэ, норуотун, дьонун-сэргэтин урукку-хойукку олоҕун ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэр, кыладыйан туран мунньар-хомуйар сүрдээх дьаныардаах үлэһит, суруксут киһибит бу саҥа таһаарбыт Тойбохой нэһилиэгин дьонун-сэргэтин төрдүн-ууһун анаарар улахан үлэтэ тахсыбыт күнэ – улахан бэлиэ күн, кэм буолуохтун!
Мин тус бэйэм Александра Алексеевнаны олох эдэр сааһыттан наар кинигэ тутуурдаах оҕо доҕоро, учуутала, үтүө сүбэһитэ буоларын билэбин. Бэйэтэ элбэх оҕоҕо эриллибит, баһаатай, учуутал түбүктээх үлэтигэр миккиллибит, кэлиҥҥи сааһырыы өттүгэр сурук үлэтигэр мускуллубут киһини сүрдээҕин сөҕөбүн: тутан баран ыһыктыбат тулуурун, санаан баран булгуруппат дьулуурун, суруйан-бичийэн бүппэт дьаныарын! Мин билэрбинэн, сүүрбэччэ кинигэлээх. Инньэ ааспыт үйэ бүтэһик чиэппэриттэн саҕалаан суруйар үлэнэн дьарыктаннаҕа дии. Бастаан Тойбохой детдомун туһунан икки кинигэтэ 1993 сылтан саҕалаан тахсан барбыта. Үлэ Геройа Г.Е.Бессонов «Я служил народу»туһунан кинигэтин түбэһэн биирдэ туох эрэ үлэбэр туттубуттаахпын. Онтон сэрии бэтэрээннэрин уонна тыылга үлэлээбиттэр тустарынан «Тойбохойдор сэриигэ уонна тыылга » 2005 сылга таһаарыыта, “Тойбохой барахсан” икки чааһа – 2010, 2016 сыллар, Сунтаар күөрэгэйэ – А.Андреев туһунан, Тойбохой көһөҥө талаана — Соловьев худуоһунньук туһунан кинигэлэрэ. 2017, 2018 сылларга субуруччу «Кэлэр кэми түстээбиттэрэ», «Саҥа суолунан» таһаарыылара дьон-сэргэ болҕомтотун тартылар.
Ити курдук, биһиги нэһилиэкпит, улууспут дьиҥнээх патриота, үүнэр көлүөнэ ыччакка холобур буолар олоҕу олорбут дьиҥнээх норуот суруксута Александра Алексеевна Яковлева быйыл тахсыбыт өссө биир кинигэтэ төрөөбүт норуотун дьонун-сэргэтин төрдүн-ууһун кэпсиир үйэлээх пааматынньык буолуоҕа”.
Оҕо иитиитигэр олус бэркэ тапсан үлэлээбит биир идэлээҕим, аны бу кэнники сылларга иккиэн аны кинигэ таһаарааччы буолан эмиэ биир хайысхаҕа үлэлиир, алтыһар доҕорум Александра Алексеевна, эйиэхэ бу киэҥ хабааннаах айар үлэҕэр өссө да саҥа ситиһиилэри, чөл-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Улууспут олоҕун ааспыт кэмнэрин, Сунтаар Тойбохойун үтүөлээх дьонун ааттарын үйэтитэр сыралаах үлэтин биир дойдулаахтара, нэһилиэк уонна улуус дьаһалталар сөптөөхтүк сыаналыахтара диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Кини кинигэлэрэ биһиги ыччаттарбытын төрөөбүт дойдуларын дириҥник билэллэригэр, патриоттыы тыыннаах буолалларыгар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбин.
+7 (999) 174-67-82