Site icon SAKHALIFE

Тимир көлөнү доҕор оҥостубут дьонно оннук кэмнэр кэлэн ааспыттара

Бүгүн суоппардар күннэрэ. Онон тимир көлөнү доҕор оҥостубут дьонно эҕэрдэ эриэкэһин, баҕа санаа бастыҥын тиэрдэбин! Урут баччаларга муҥха түмүктэнэр, идэһэ өлөр, хаппыыста тууһанар буолара, онтон быйыл суох, баччааҥҥы диэри тымныйа илик. Аҕыйах хонуктааҕыта суол устун оннооҕор дьабара сүүрэ сылдьарын көрбүтүм, дьэ муода…

Мин массыына уруулугар оҕо эрдэхпиттэн олорбутум. Оччолорго аҕам сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх сабыс-саҥа “Москвичтаах” этэ. Биирдэ эмэ көнө суолга аҕам уруулун биэрдэҕинэ наһаа да дьоллонор этим.

Урут билиҥҥи курдук буолуо дуо, саппаас чаас, арыы-сыа, тосол, антифриз мээнэ көстүбэт буолара. Кэтэх массыына да аҕыйах буолан, чааһынай гаражтаах да ыал суоҕун кэриэтэ этэ. Тимир көлөҕүн кыһыҥҥыга бэлэмнииргэр биир түбүк. Хос тааскын сууйан-сотон баран пластилинынан сыһыараҕын уонна лейкопластырдаан кэбиһэҕин. Ону да бу маллары буллаххына. Тосол улахан дефицит, онон радиатаргар уу кутаҕын уонна бастакы хаһыҥнар түстүлэр да ол уун киэһээ аайы сүөкэннэҕинэ табыллар. Сарсыарда собуоттуургар сылаас ууну кутаҕын, оччоҕо эстэригэр үчүгэй буолар. Термостата хайаан да уһуллуохтаах, циркуляция бардын диэн. Улахан тымныылар түстэхтэринэ илин-кэлин муоһун, хоруопкатын арыытын сэлээркэнэн кыратык убатаҕын. Иннэ гымматын да ньоҕуруол диэн арыы массыына турда да тоҥооччу. Кыһын ступица подшипнигын сөлүдүөлүнэн эмиэ чараас гына сотуллар, эмиэ тоҥмотун диэн. Тормозухатын “Тройной” одьукулуонунан эмиэ убатаҕын. Тыыннаах испииринэн буоллаҕына өссө үчүгэй, сороҕун уулаан баран атын сиргэ атаараҕын. Онтон көлүөһэтин кыһыннары-сайыннары уларыппакка бииринэн сылдьаҕын.”Снежок” эҥин диэн тыҥырахтаах эрэһиинэлэр олох кэлин баар буолбуттара.

80-с сыллар бүтүүлэригэр быһыылааҕа, оройуоҥҥа бастакы Ленд-Крузер — 60 диэн Японияҕа оҥоһуллубут массыына кэлбитэ. Бөдөҥ буукубанан ТОЙОТА диэн суруктаах, өрүс кумаҕын курдук дьүһүннээх, уҥа өттүгэр урууллаах, дьэ кылабачыйан сэп да сэп этэ. Төрүт алдьаммат тэрил үһү, заправка кутта-кутта төһө баҕарар сылдьар үһү, биир эрэ күлүүстээх (баллонник) үһү диэн кэпсээн-ипсээн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбута. Ол саҕана Бороҕон ГАИта  массыынаны тохтотон баран пассажир өттүгэр кэлэн чиэс биэрбитэ диэн кордоох кэпсээн эмиэ баара. Дьэ, оннук кэмнэр кэлэн ааспыттара.

Ранее было опубликовано «Аныгы дьон аһыыр-таҥнар эрэ туһугар мөхсөөхтүүр эбиппит»              

Exit mobile version