Site icon SAKHALIFE

Театры кытта мин бастакы билсиһиим

Сочинение Лены Слепцовой «Театры кытта мин бастакы билсиһиим» открывает наш цикл «Мое знакомство с театром».

Оҕо сылдьан сахалыы хаһыаттары, сурунааллары олус сөбүлээн ааҕарым. Ийэм барахсан куруук араас хаһыаты, сурунаалы суруттарара. Почта кэлэр күнүгэр былдьаһа-былдьаһа хаһыат ааҕарбыт. Биирдэ «Кыым» хаһыат нүөмэригэр Андрей Борисов “Хаарыан хампа күөх кытылым» испиктээкилин туһунан ыстатыйаны түбэһэ аахтым. Саха театральнай искусствотыгар чаҕылхай туруорууну көрбүт-истибит барыта сөҕөн-махтайан суруйуулара этэ. Оруобуна Государственнай бириэмийэни ылыы кэмнэрэ. Ол кэнниттэн киин телевидениеҕа артыыс Ефим Степанов Кириискэ оруолун оонньуутун быһа тардыытын көрдөрбүттэрэ. Онно Ефим Степанов биир дойдулааҕым буоларын билбитим. Киэн туттуум өссө улааппыта. Сотору кэминэн Саха театрын туһунан фотоальбом дьиэбитигэр баар буолбута. Артыыстар хаартыскаларын барытын сыныйан көрбүппүт. Мин Чингиз Айтматов кинигэтин библиотекаттан уларса охсон, аны суруйааччы айымньыларын сүгүрүйээччитэ буолбутум. Ол курдук биир туруорууттан элбэҕи бэйэбэр арыйбытым. 

Устудьуоннуу сылдьан, биир үтүө күн үөрэтэр преподавательбыт Уильям Шекспир «Король Лир» сахалыы тылбаастаммыт оонньуутун: “Хайаан да баран көрүҥ”, — диэн сүбэлээтэ. Андрей Борисов туруорбут «Илиир Хоруол» испиктээкилигэр бииргэ үөрэнэр кыыспынаан театрга бардыбыт. Саха театра саҥа уораҕайга киирэн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар сынньанар сирэ. “Илиир Хоруолу” биир тыынынан көрбүппүт. Ол курдук, артыыстар оонньуулара , тыла-өһө, декорацията, сценографията барыта сөхтөрбүтэ. Саха киһитэ аан дойду таһымыгар туруорар кыахтаах диэн санаа киирбитэ. Саамай ордук сүрүн оруолу толорбут артыыс Ефим Степанов оонньуута салыннарбыта. Ис турукка киирэн, көрөөччүнү толкуйга киллэрэр, сүдү талаан дьэ киниэхэ баар эбит! Ити испэктээкил кэнниттэн Уильям Шекспир “Король Лир” айымньытын булан аахпытым. Уопсайынан, көрөөччү быһыытынан, көрбүт туруорууларым айымньыларын ааҕар идэлэммитим. Талааннаах режиссер Андрей Борисов ураты көрүүтэ, уораҕайа биллибэт дириҥ философията, хас биирдии көстүүнү ымпыктаан-чымпыктаан туруоруута – бу Дьылҕа бэлэҕэ. Ол талаанын таба тайанан саха театральнай искусствотын аан дойду таһымыгар таһаарда. 

Аны «Илиир Хоруолу» сүүрбэ сыл буолан баран эмиэ көрбүтүм… Урукку састааптан Ефим Степанов эрэ баара… «Эдэр артыыс дьон хайдах оонньуохтарай?”- диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Олох атын тыын, дьикти турукка киирии этэ… Антракт кэмигэр көрүдүөргэ сынньана турдахпына, тэлэбидьиэнньэ үлэһиттэрэ кэлэн интервью ылбыттара. Көлүөнэ ситимэ быстыбат чаҕылхай холобурун көрбүппүт. 

Ефим Степанов саха театрын артыыстарын олохторун туһунан матырыйааллары хомуйан мусуой үлэлэппитэ ыраатта. Ыраах улууска олорор киһи быһыытынан, ол мусуойу көрбүт киһи диэн баҕа саналааҕым. Ол санаам быйыл туолла. Театр устуоруйатын сэгэтии – бэйэтэ туспа арыйыы. Маны таһынан, Ефим Николаевич биһиги Силэпсиэп аймах киэн туттар киһибит РСФСР үтүөлээх артыыската, Саха АССР народнай артыыската Дарья Даниловна Слепцова туһунан «Даарыйа барахсан…» диэн ааттаах кинигэни хомуйан таһаартарбыта. «Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии” улуу артыыска туһунан бэлиэтээһиннэрэ Константин Станиславскай «Сэттэ дьайыытын» ньыматынан суруллубута ааҕааччыны интэриэһиргэтэр. Тус бэйэм ол бэлиэтээһиннэри хос-хос сыныйан ааҕан ылааччыбын. Оннук киһини дириҥ толкуйга киллэрэр…

Онон театр эйгэтэ киһи бэйэтин сайыннарыгар-сайдарыгар, билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр оруола улахан. 

Лена Слепцова, Хаандыга бөһ.

Exit mobile version