Таптыыбын төрөөбүт дойдубун

       Төрөөбүт Ийэ сиргэ, айылҕаҕа киһи сөптөөх сыһыаныгар Аар Айыы итэҕэлэ эмиэ туспа ирдэбиллээх. Олортон биир сүрүн ирдэбил маннык:

       Киһи айылҕа баһылыга буолбатах. Кини айылҕа сорҕото, чааһа буолар. Айылҕаны баһылыы, Айылҕаҕа тойон буола сатаама, Ийэ Айылҕаҥ иһигэр сөптөөхтүк олор.

Профессор, медицинскай уонна психологическай наукаларга доктор, Айыы ойууна Владимир Алексеевич КОНДАКОВ Аар Айыы итэҕэлэ диэн үлэтин 3 чааһыгар Ийэ Айылҕаҕа сөпкө олорбот буолуу содулларын, бу содуллар Орто Дойду олоҕор, дьонугар хайдах биллэллэрин туһунан маннык суруйар:

1.      Айылҕа иэдээннэрин быһыытынан. Уу, уот, тыаллар иэдээннэрин быһыытынан.

2.      Орто Дойду олоҕор ыһыллыы, олох-дьаһах ыарааһынынан, сэрии, араас өлөрүүлэр, өлөрсүүлэр олус элбэхтик тахсыыларынан.

3.      Дьон-сэргэ быһыыта-майгыта алдьаныытын, киһи барыта политик, салайааччы буолуу ииримтийиитигэр киирбитинэн. Наһаа элбэх куолу, үөхсүү, саһархай хаһыаттар элбээһиннэринэн.

4.      Байбыт дьон наһаа байарга, Орто Дойду сүмэтин барытын апчарыйарга дьулуһуулара улаатыытынан. Улахан государстволар күүс өттүнэн өттөйүүлэрэ күүһүрүүтүнэн. Араас адьырҕа бөлөхтөрү тэринии үксээбитинэн.

5.      Киһи суолтата, сыаната олус намтааһынынан. Киһини өлөрүү туохха да ууруллубат буолбутунан_. Киһи-аймах намыһах эйгэтигэр дьайыы күүһүрүүтүнэн. Дьону ыһар, өйдөрүн-санааларын алдьатар үлэ телевидение, бэчээт көмөтүнэн барыытын күүһүрүүтэ_.

6.      Орто Дойду айылҕатын алдьаныытын, уу, салгын, уот муҥутуурдук киртийиилэринэн. Биир омурт ып-ыраас уу, биир эҕирийии үүнээйи сыттаах салгын суох буолбутунан.    Озоновай бүрүө алдьанан Космос уота, сардаҥалара сиргэ көҥүл киирэн дьону сүһүрдүүтэ күүһүрүүтүнэн. Биһиги Галактикабыт сүрэҕэ Күн сотору-сотору түллэн ыла-ыла уотунан уһуутааһынынан.

7.      Дьон-сэргэ олорор эйгэтигэр сүһүрдэр веществолар элбээһиннэринэн. Киһи олоҕор сууйар, ыраастыыр өттүгэр дьааттаах веществолары, аэрозоллары туттуу олус маассабайдааһынынан.

 Соторутааҕыта анал хамыыһыйа дьахталлар туттар духиларын чинчийбит түмүгүн истибитим. Онно чинчиллибит 36 духиттан, 34-дэ киһи тыынар систиэмэтин алдьатарын уонна иҥэ сылдьан олус сүрдээхтик сүһүрдэрин, кэрбиирин туһунан чуолкайдык эппиттэрэ.

8.      Киһи-аймах ыарахан олохтон, өрүүтүн туга-ханныга биллибэт будуруктан салта, ээл-дьээл буолла, киһи киһиэхэ кыһаллыбат буолла. Бу эмиэ сыыһа олоруубут түмүгэ буолар. Нууччалыы маны безразличие, инертность, равнодушие дииллэр. Оттон государствоҕа патриоттар салгын кэриэтэ наадалар.

9.      Киһи-аймах итинник олохтон эт-хаан, доруобуйа өттүнэн олус мөлтөөтө. Онон, бу билиҥҥи киһи-аймах Орто Дойдуга уһуннук хаһаайынныыра ыараата. Бу барыта Ийэ Айылҕаҕа сатаан олорбоппут, Улуу Куйаар сокуоннарын тутуспаппыт түмүгэ буолар.

10.    Сыыһа олорорбут, Ийэ Айылҕаны алдьатыыбыт түмүгэр күөх үүнээйи аҕыйаата, ойуурдарбытын уматан кэбиһии буолла, көтөр-сүүрэр, уу булда олус мөлтөөтө. Бу аата, бэйэ олорор мутугун кэрдинии буолар.

Күөрэгэйэ суох алаастар тустарынан суруйуулар өрдөөҕүттэн баар буолбуттара. Саха норуотун сүрүн аһылыга күөнэх, мунду этэ. Ити балыктар баар буоланнар үгүспүт сэрии сылларын туораабыппыт. Ити балыктар соботооҕор дэлэй буолаллара уонна туунан бултанар буоланнар бултаныылара судургу этэ.

Оттон билигин күөнэх, мунду төһө дэлэгэйий? Сири оҥордохпут диэн от үрэхтэри суох оҥоруу, тракторынан үлтү кэстэрии, күөллэри хоруунан үлүһүйүү, былаана суох үлэ ити балыктары суох оҥордо. От үрэхтэр диэн, күөллэр бэйэ бэйэлэрин кытта айылҕаттан оҥоһуллубут ситимнэрэ, тыынар салгыннара, тымырдара-сыдьааннара буолаллар.

 Биллээҕимсийэ-биллээҕимсийэ күөллэри хорор, үбү-аһы онно ыһар бүгүҥҥүнү билбэт, сарсыҥҥыны ыйдаҥарпат ньүдьү-балай салайааччыларга итини этэн көрбүт, мөккүспүт да киһибин. Хата дьонуҥ былаас, партия ыйааҕын утарааччы, туох эрэ саботажник курдук өйдүүллэрэ, көрөллөрө. Бука, эрэлэ суох дьон категориятыгар киллэрбиттэрэ буолуохтаах диэн быһаччы эрэнэбин.

11.    Сыыһа олорорбут көстүүтүнэн Ийэ Сиртэн ылылллар баай, ас-үөл дьоҥҥо адьас тэҥэ суохтук үллэһиллэр. Барытын кирпииччэ курдук тэҥҥэ үллэриэҕиҥ диэбэппин, ол гынан баран, нэһилиэнньэ үгүс бырыһыана олус дьадьаҥытык олороро сыыһа диибин.

12.    Улахан сыыһатык олорорбут Орто Дойдуга ыарыы-сүтүү олус элбээһиниттэн көстөр.

Сорох дьон дьоҥҥо араас кыыл-сүөл ыарыыларын тарҕаттылар. Кыайан эмтэммэт ыарыылар үксээн иһэллэр. Вирустар бүрүүкээтилэр. Ыарыылар элбээһиннэригэр саҥа үтүө эмтэр айыллыылара кыайан эппиэттээбэт, о.д.а.              

                              

         Аар Айыы итэҕэлин быһыытынан, киһи маннык ытык ситимнэри тутуһуохтаах эбит. Ол кэһилиннэҕинэ киһи-аймах Бүппэт Улуу Куйаары кытта ситимэ быһыллан өлүүгэ-сүтүүгэ барыахтаах.

1.      Үөһээ Аар Айыылары кытта күн аайы ситимнэс, кинилэргэ үҥк-сүгүрүй.

Аан Дойду (Макрокосм) салайыллар сокуонун билиигэ оччоҕо эрэ киириэҕиҥ.

Аар Айыылартан сүбэтэ-амата көрдөс, кинилэр болҕомтолорун тарт.

Оттон таҥараны итэҕэйбэт да киһи Аан Дойду салайыллар сокуоннарыгар сүгүрүй, көрдөс.

Ол эрээри, кинилэргэ тиийэр суол Аар Айыы итэҕэлин нөҥүө баар.

2.      Айылҕаны кытта ситимнэс. Үүнэн турар бөдөҥ лиҥкир тииттэр хас биирдиилэрэ улуу кинигэлэр буолаллар.

Айылҕа хас биирдии чааһын: ууну, почваны, салгыны, кустугу, этиҥи, чаҕылҕаны, былыттары, тыалы-кууһу, айылҕа сытын-сымарын бил, тыаһын өйдөөн иһит, үөрэт, кинилэри кытта ситимнэс, эн эмиэ кинилэртэн төрүттээххин, ситимнээххин умнума.

3.      Дьиэ да, ойуур да барамайдарын эмиэ кэтээн көр, үөрэт. Кинилэр эйиэхэ элбэх билиини биэриэхтэрэ, өйгүн-санааҕын үрдэтиэхтэрэ. Бу эмиэ Ийэ Айылҕаны кытта улуу ситим буолар.

4.      Күнү, ыйы, сулустары кытта ситимнэс, кинилэр дьикти суһумнарыгар суун, бэйэҕин бөҕөргөт. Күҥҥэ, ыйга, сулустарга бэйэн махталгын эт.  Бу бүппэт Улуу Куйаары кытта биир улуу ситим буолар.

5.      Дьону-сэргэни таптаа, кинилэргэ төһө кыайаргынан көмөлөс, Аар Айыы итэҕэлин тириэрт. Кинилэр эмиэ Аан Дойду ситимин өрө туталларыгар, үөрэтэллэригэр үлэлэс.

6.      Айылҕаттан тэйиини таһаарыма, киһи Ийэ Айылҕаттан тэйэригэр аналлаах тугу да оҥорума. Бу оҥоһууҥ киһи Аан Дойдуттан, Аар Айыылартан, Үрдүкү Таҥараттан Үрүҥ Аар Тойонтон тэйиитигэр тириэрдэр.

Ол аата, туох эрэ  олус күүстээх массыынаны, техниканы, сэрии сэбин айыах, оҥоруох иннинэ, киһи үчүгэйдик толкуйдуох тустаах. Инникини өтө көрүөхтээх, ол күннээҕи толкуйунан салайтарыа суохтаах.

7.      Ийэ Айылҕаны улуу тапталынан таптаа, кинини көмүскээ, харыстаа, атын дьон эмиэ харыстыылларыгар үлэлэс. Куһаҕан кэмэлдьилээх, куруук куһаҕаны оҥорор, саныыр дьону утары охсус.

Аар Айыы итэҕэлин үөрэҕэ этэринэн, бу сэттэ ытык ситим-киһи  Аан Дойдуну (Макрокосм) ситимнэрэ кэһилиннэхтэринэ, сүттэхтэринэ киһи-аймах сүтэр, суох буолар кутталланар эбит.

Бу үөһээттэн кэлбит былыргы үөрэх буолар. Маны көл-дааргы истэн эрэ кэбиһии, эбэтэр, аахайбат, аанньа ахтыбат буолуу киһи-аймаҕы бүттүүн иэдээҥҥэ аҕалыан сөп.

В.А. КОНДАКОВ “Аар Айыы итэҕэлэ”, 3 чаас, 244-248 с., Дьокуускай 2005

“Аар Айылҕа эмтиир күүһэ”, 96 — 98 с., ЯКОВЛЕВА А.И., МОХОВА М.Е., ТИМОФЕЕВА Т.Т., 2009.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх