Таабырын таайар күн таайбараҥна таайыах

Бүгүн Аан дойдуга таабырын таайар күнү бэлиэтииллэр эбит. Бу күнү араас оонньуулары, биктэриинэлэри ыытан атаараллар. Оттон сүрүн суолтата киһи өйүн үлэтин сайыннарыы, норуот тылынан уус-уран айымньытын биир көрүҥүн үйэтиитии, дьиэ кэргэни түмүү буолар.

Сахалар былыр-былыргыттан чуумпу киэһэлэрин таабырын таайсан атааралларын сөбүлүүллэрэ. Холобура, Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамааныгар бу көстүү оҕону иитиигэ биир ураты ньыма буолан ойууланар. Таабырын саха норуотун өркөн өйө, тылын дэгэтэ, ууһа-урана буолар. Онуоха «Саха таабырыннара» кинигэни эһиэхэ сүбэлиибит. Кинигэни «Айар» бары маҕаһыыннарыттан булуоххутун сөп. Сыаната – 170 солкуобай.

          Бэйэҕин, чугас дьоҥҥун, доҕотторгун, кэллиэгэлэргин тургутан көр:

  1. Туохтан да тутааҕа суох ыйанан турар баар үһү.
  2. Соноҕос атыыр сойуоласпыта тоҕус сыл тухары сүппэт үһү.
  3. Биир кэмҥэ бары дьон биир тылынан саҥарар. Хайа кэмҥэ итинник буоларый? 

Төһө билэр эбиккиний? Эппиэттэри сарсын, ол эбэтэр от ыйын 27 күнүгэр Вконтакте бөлөхпүтүгэр угуохпут https://vk.com/ayar2022 .

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх