Кырдьаҕастар таҥха күннэрин христианскай итэҕэли кытта сибээстииллэр. Былыр этэллэр этэ, сүллүүкүттэр диэн уу абааһылара тохсунньу ыйга орто дойдуга тахсаллар. Маҥнай балаҕан хайааччылар диэн, ол кэнниттэн тохсунньу 13 күнүгэр оҕолоро-уруулара, дьахталлара, эр дьонноро, кырдьаҕастара тахсаллар. Оттон сүллүүкүттэр төттөрү ойбонноругар тохсунньу 19 түүнүгэр киирэллэр.
Сүллүүкүттэри тоҕо абааһылар дии саныылларый?
Кинилэр айыы дьонун араастаан моһуоктуохтарын сөп. Ол иһин саха дьоно балаҕаннарын ааныгар, сылгы хараҕын оҥон ылан, олоччу сыһыаран тоҥорон кэбиһэллэрэ. Оттон дьиэлэрин түннүктэрин тас өттүгэр, тэлгэһэ бүтэйин аанын баҕаналарыгар тымтыгынан кириэс оҥорон уураллара.
Таҥха күн сылгылаах дьон сылгы төбөтүн эттээн сииллэр.
Ол аата, таҥха күннэригэр абааһылартан көмүскэнэн сыалаах эти сиэбэттэр эбит. Ону таһынан биилээҕи, уһуктааҕы кистээн түгэх сиргэ уураллара.
Тохсунньу ыйга «таҥха оонньууларын» ыыталлара. Биттэнии-билгэлэнии былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри сүтэн-оһон хаалбакка тиийэн кэллэ.
Өбүгэ өйдөбүлүнэн Таҥха Айыы киһи олоҕун билиҥҥи туругун быһаарар, Билгэ Айыы инникитин туох буоларын билгэлиир, Дьылҕа Айыы кэлэр кэми, дьылҕаны этэр.
Таҥха кэмэ Эргэ cаҥа дьылтан Кириһиэнньэҕэ диэри (12/01—19/01) барар. Бу кэмҥэ билгэлээһин ордук сөпкө таайыллар дииллэрэ…
Ол курдук Афанасий Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтигэр
таҥха оонньуулара ойууланаллар.
«Билгэлэниэххэ / Погадаем?» диэн таһаарыыга 24 таҥхаланар ньыма нууччалыы-сахалыы карточка быһыытынан киирдилэр.
«Бэлиэнэн билгэлэнии» хаартылар. Ааптар Чугдаара Хотун.
Уйулҕа үөрэҕэ этэринэн, киһи анал ньыманан турукка киирэн ис эйгэтин бэйэтэ арыйан, иһиллэнэн, сир-халлаан куйаарын кытта ситимнээх түгэх өйүн уһугуннаран, санаатын таайан, үүйэ-хаайа тутар ыйытыыларыгар хоруйу булуон сөп эбит. Онуоха киһи турукка киирэригэр, ис таайар дьоҕурун арыйарыгар кини бэйэтин омугун төрүт өйдөбүллэрин туһанара ордук табыгастаах буолар эбит. Бу хаартынан араас ойуулары таһааран, күн устата эбэтэр нэдиэлэ, ый иһигэр эйигин туох күүтэрин билгэлэниэххэ, таайыахха сөп.
«Билгэлиир хаарты=Карты гадальные». Ааптар Намылҕа.
Билгэлиир хаарты инникигэр туох-ханнык быһыы-майгы күүтэрин тойоннуур, долгутар ыйытыыгар көмө буолар. Бу хаартынан күн аайы сэрэбиэйдэниэххэ сөп, ол эрээри — күҥҥэ биирдэ эрэ. Нэдиэлэ күннэринэн (7 хаартыны таһааран), сыл ыйдарынан (12 хаартыны таһааран) эйигин туох күүтэрин билгэлэниэххэ, таайыахха сөп. Инникини тымтыктанарга бу хаарты — суолдьут сулус буоллун.
Күндү ааҕааччыларбыт, билгэлээһиҥҥит, таайан көрүүгүт, таҥхалааһыҥҥыт дьолу, үөрүүнү тосхойдун!