Саҥа дьыл кэнниттэн эргэ былыргы календарынан тохсуньу 13 күнүттэн 19 күнүгэр диэри сыл аайы таҥхалааһын хампаанньата ыытыллар буолла уонна улахан буортулаах үгэскэ кубулуйан эрэр. Өссө ааһа баран, таҥхалааһын диэн Айыы итэҕэлин сорҕотун курдук этэр, кэпсиир дьон баар буоллулар. Оскуолаҕа төрүт культураны үөрэтэр учууталлар миигин көрүстүлэр даҕаны: “Таҥхалааһын сөп дуо? Ити саха төрүт культурата дуо?, — диэн ыйыталлар. …
Нууччалар кыһын дьыл оройугар “святочное гадание” диэн сиэри-туому былыр – былыргыттан ыыталлар. Бу кинилэр былыргы языческай итэҕэллэрин сорҕото буолар. Араастаан таҥналлар, сирэйдэрин эмиэ эҥин дьиктитик кырааскаланаллар уонна муста сылдьаннар инникини өтө көрө сатыыр араас сиэри-туому ыыталлар. Кинилэр былыргы итэҕэллэринэн, кыһын оройугар уу иччилэрэ “шиликуннар” сиргэ тахсаллар. Нуучча сорох сирдэригэр “шиликун” диэн абааһыны, куһаҕан тыыны ааттыыллара, өссө ити араастаан таҥнан, кырааскаланан баран сылдьар дьоннору эмиэ шиликуннар дииллэрэ. Дьэ, ити “шиликун” биһиэхэ сахаларга “сүлүүкүн” диэн ааттаммыт.
Нууччалар бу бырааһынньыктара кэлин, христианство киирбитин кэннэ, Христос төрөөн баран (тохсунньу 7 күнэ) сүрэхтэниэр диэри (тохсунньу 19 күнэ) ыытыллар бырааһынньыктарга кубулуйбуттара.
Нууччалар Саха сиригэр кэлэн олохсуйбуттарын кэннэ, ордук XVIII, XIX үйэлэртэн, бу святкалары үтүктүү, бараһайданыы, көрүүлэнии, сүлүүкүнү иһиллээһин сахаларга эмиэ киирбитэ.
“Таҥхалааһыны уопсай маассабай ыытыы, итинэн дьарыгырыы тоҕо кутталлааҕый?” диэн боппуруоһу кэпсэтиэҕиҥ. Таҥхалааһыҥҥа олус элбэх араас иччилэри, үөрдэри ыҥырыы, олортон ону-маны ыйыталаһыы сиэрдэрэ-туомнара олус элбэхтэр. Холобур, бүлүүһэ сүүрдүүтэ, кыргыттар, уолаттар кэргэннэрэ буолуохтаах киһини биһилэҕинэн көрүүлэрэ, иччитэх дьиэҕэ, өтөххө иһиллээһин, араас үөрдэри ыҥыран кэпсэтии о.д.а. Бу дьиҥнээх абааһылыы эйгэҕэ киирэн ону-маны билэ сатааһын көстүүлэрэ буолаллар. Ол аата, бу сатанизм. Бүлүүһэ сүүрдүүтэ бу спиритизм диэн ааттанар сатанизм биир салаатыттан кэлбит көстүү буолар.
Россияҕа спиритизмы утары Д. Н. МЕНДЕЛЕЕВ, В. М. БЕХТЕРЕВ, И. П. ПАВЛОВ курдук бөдөҥ учуонайдар охсуспуттара. Ол аата, таҥхалааһыны утары!
Спиритизмынан үлүһүйүү – бэйэтэ туспа бизнес көрүҥэ буолбута ыраатта. Киһи психогията дьикти оҥоһуулаах, туох эрэ бобуулааҕы, кистэлэҥи билиэн олус баҕарар үгэстээх. Дьэ, итини таба туһанан элбэх дьону түмэр-тардар спиритизм оонньууларынан, сиэрдэрин-туомнарын ыытыынан сүүлүктэр элбэх харчыны түмэ тардыналлар.
Итэҕэллэр спиритизмҥэ — ол аата, таҥхалааһыҥҥа бэрт өрдөөҕүтэ сыана биэрбиттэрэ. Манан дьарыктанар, араас үөрдэри, иччилэри ыҥырар, өлбүт дьону сүгүн сытыарбат дьоннору «абааһы кулуттарынан» ааттаабыттар уонна кинилэри утары элбэхтик охсуспуттара. Спиритизм-спиритус — дух, иччи, абааһы диэн тылтан үөскүүр. Спириттэр — ол аата, спиритизмынан дьарыктанар дьоннор бэйэлэрин, иччи, үөр, абааһы диэн тылтан таһааран ааттаабыттара даҕаны элбэҕи этэр.
Биһиэхэ бу дьарык таҥхалааһын диэн аатынан киирэ сылдьар. Дьылҕа Тойон сир дьонун дьылҕатын төрөөттөрүн кытта быһаара охсон аҕыс кырыылаах таас остоолбоҕо Уһун Дьурантаайы Суруксукка суруйтарар. Улахан Таҥара быһаарбыта мүччүрүйбэт. Оттон сир киһитэ дьылҕатын ыйыталаһан билэ сатааһына ыар аньыы буолар. Ол иһин кини ону билэ сатыа суохтаах, Дьылҕа Тойон киһи оннук дьайыытыттан улаханнык уордайар, буруйдуон сөптөөх. Киһи атын киһи дьылҕатын эмиэ ыйыталаһыа суохтаах. Ол эмиэ ыар аньыы. Мин бу дьиҥнээх былыргы Аар Айыы итэҕэлин ирдэбиллэрин этэбин.
Нууччаларга «дьылҕаҕын ыйыталаһыма, дьылҕаҥ кыыһырыан сөп» диэн муударай этии баар. Бу саамай сөп.
Дьылҕаҕын, буолаары буолан, хараҥа күүстэр көмөлөрүнэн билэ сатааһыныҥ бу ыар аньыы. Аар Айыы итэҕэлэ этэринэн, хараҥа күүстэр дьон дьылҕата суруллубут аҕыс кырыылаах таас остоолботун суругун уоран ааҕа сатыыллар. Космос араас күүстэрин ыҥырыы, кинилэртэн ону-маны ыйыталаһыы — бу дьиҥнээх абааһы эйгэтигэр киирии буолар.
Хаһан баҕарар сиэр-туом оҥорон ыҥырыыгар космос хараҥа күүстэрэ урут кэлэллэр. Спириттэр ити күүстэргэ кулут буолаллар. Ити хараҥа күүстэр кинилэртэн араҕыа суохтарын сөп.
Оттон космос сырдык ыраас күүстэрэ — Үөһээ Аар Айыылар итиннигинэн дьарыгырар дьону сөбүлээбэттэр. Кинилэр бэйэлэрэ анаабыт күлүүс тылларын билэр, олору дьоҥҥо сатаан тириэрдэр киһи диэки хайыһаллар уонна бэйэлэрин санааларын, дьайыыларын кини нөҥүө дьоҥҥо тириэрдэллэр. Оттон Аар Айыы итэҕэлэ таҥхалааһыны булгуччулаахтык утарар. Билигин Айыы итэҕэлин ыытар дьоммут дии-дии таҥхалааһыны тэрийэ сылдьар дьону киһи өйдөөбөт уонна кинилэри төрүт итэҕэйбэт. Эбиитин Дьокуускай куораппыт бөдөҥ культуурнай кииннэрэ, ол иһигэр Арчы дьиэтэ, таҥхалааһыны тэрийэ сылдьалларын түктэри көстүү курдук сыаналыахха сөп.
Таҥхалыы сылдьан дьон иирбит, ыалдьыбыт, бэл диэтэр өлбүт түбэлтэлэрэ олоххо балачча элбэх. Ити былыр даҕаны, быйыл да баар.
Бүлүүгэ таҥхалааһын диэбэттэр, үксүн сүлүүкүн тахсыытыгар бараһайданыылар диэн ааттыыллар. Мин элбэх итинник сиэри-туому билэбин. Олор бары кутталлаахтарын уонна абааһы эйгэлээхтэрин чуолкай өйдүүбүн. Дьэ, ол иһин таҥхалааһыны утарабын.
Саха маҥнайгы классик суруйааччылара, ордук Н.Д. НЕУСТРОЕВ, П.А.ОЙУУНУСКАЙ таҥхалааһыны утаран, күлүү- элэк оҥостон суруйбуттара. Кырдьык даҕаны, былыргы саха дьоно сирэйдэрин оһох курунньугунан ньамахтаммыт, хас да хонукка утуйбакка түлээгирбит таҥхаһыттары сөбүлээбэт этэ, туох эрэ кирдээх-дьайдаах дьон курдук көрөрө.
Спиритизм-таҥхалааһын биир улахан куттала диэн дьону маассабай ииримтийиигэ — маассабай психозка киллэриэн сөп. Бу мантан ордук оҕолору харыстыахха наада. Маассабай психоз дьону хаһан да, ханна да үчүгэйгэ аҕалбат. Ол биллэр суол.
Биллэн турар, спиритизм Россияҕа сокуонунан чуолкай бобуута суох. Онон ким баҕалаах дьиэлэригэр ыҥырсан, чааһынай бэрээдэгинэн таҥхалыан сөп. Оттон Дьокуускай куорат бөдөҥ культурнай кииннэрин онно туһаныы олус сүөргү. Хайа да государствоҕа итинник баара биллибэт. Маннык суолунан салгыы баран истэхпитинэ, сотору улахан театрдарбыт, бөдөҥ административнай дьиэлэрбит таҥхалыыр миэстэлэргэ кубулуйуохтарын сөп. Оттон олустаныы, наһаа түһүү хаһан баҕарар кутталлаах.
…Таҥхалааһын көр-нар, оонньуу- күлүү буолбатах. Бу дьиҥнээх абааһы оонньуулара буолаллар. Таҥхалааһын киһиэхэ туох да үөрүүнү-көтүүнү аҕалбат, үчүгэйгэ ииппэт. Төһө кыалларынан оҕолору бу эйгэттэн тэйиччи, ыраах тутуохха наада. Аан дойду үрдүнэн религиялар, уопсай культура бу көстүүнү утары охсуһа турдахтарына, спиритизмы- таҥхалааһыны республика бөдөҥ культурнай түмсүүлэригэр кубулутумуоҕуҥ.
Олох-дьаһах алдьанан, отуора хамсаан, күн-түүн сыана ыарыы, сирбит баайа хоро таһылла турдаҕына, ону-маны бараһайданан абааһы эйгэтиниин алтыспакка сирбит-уоппут чөл буолуутун, норуоппут сүтэн-симэлийэн хаалбатын, көтөр ракеталар суолларыттан гептил дьаата сиргэ саккыраан тыынар тыыннааҕы, күөх эйгэни сир үрдүттэн симэлиппэтин туһугар охсуһуу күүскэ барыахтаах.
Былыргы бөлүһүөктэр, улуу өтө көрөөччүлэр: Аллараа дойду уола Орто дойдуга тахсан уотунан уһууруоҕа, сэриинэн ииригириэҕэ. Ийэ Сири илдьи кэһиэҕэ, Айыы аймахха кутталлаах буолуоҕа”, — диэбиттэрэ кырдьык даҕаны сэрии кутталын быһыытынан суоһаан эрэр. Бу өтө көрүү төһө даҕаны Антихрист туһунан этиигэ майгылыырын иһин киһи болҕойбокко ааспат көстүүтэ буолар. Онон билигин эйэ иһин, сэриини утары охсуһуу күүскэ ыытыллыахтаахтар. Эйэ диэн тыл сүппүтэ, Аан дойду норуоттарын дьылҕатын күүстээх сэптээх-сэбиргэллээх аҕыйах дойдулар тойотторо быһааран кэбиһэллэрэ, кинилэр аан дойду общественноһын туохха да уурбат буолбуттара олус дьиксиннэрэр.
Онон, таҥхалааһын диэн дьиҥнээх мистика буолар. Аар Айыы итэҕэлин мистиканы кытта булкуйар, ол эбэтэр, таҥараҕа үҥэ сылдьан, өлбүт дьон үөрдэрин, араас абааһылары, хараҥа күүстэри ыҥыран кэпсэтии, ыйытыы,бүлүүһэ сүүрдүүтэ, ууга сибиэн күлүгүн көрүү, кинилэринэн бараһайданыы диэн ыар аньыылаах дьайыы, сүпсүгүрүү, дьону иирдии, тулалыыр эйгэҕэ куһаҕаны ыҥырыы буолар. Кэнники кэмнэргэ итинник дьайыылар элбээһиннэрэ араас катаклизмнар, иэдээннэр, айылҕа сатарыйыыта үксээһинигэр эмиэ тириэртэ.
Көрүүлэнии-таҥхаланыы, үөр ыҥырыылаах эҥин буолан, хара дьайдаах сиэргэ-туомҥа киирэр. Аар Айыы итэҕэлин өйдөбүлүнэн, Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар туох инники буолара Үөһээ ибир долгунунан биллэ-өйдөнө турар. Ону кыайбаттан, хараҥа суолунан баран араас сыыһа сиэри-туому ыытыы, таҥхалааһын Аар Айыы итэҕэлин сиэригэр баппат.
Аар Айыы итэҕэлэ. В.А. КОНДАКОВ. Иккис чааһа 245-253 сс.., 2004 с.