«Төрдүттэн сыыҺа, эр киҺини — ыал аҕатын түҺэрии буолар»
«Ыал сыла» дуу, эбэтэр «Дьиэ кэргэн сыла» дуу?
Биир улахан киҺини кытары мөккүстүбүт.
«Ыал дуу дьиэ кэргэн дуу? Хайата сөптөөх өйдөбүлүй?» диэн боппуруоска.
Мин суруйдум:
«Эн былааска чугас киҺи быҺаар эрэ. Тоҕо ыал диэн өйдөбүл оннугар дьиэ кэргэн диэни туттаҕытый? Төрдүттэн сыыҺа, эр киҺини — ыал аҕатын түҺэрии буолар».
Онуоха киҺим эппиэттээтэ:
(хайдах суруйбутунан, уларыппакка таҺаарабын)
«Нууччалыы иккиэн семья диэннэр дии?
Ыал — таЬынаагы ыал (сосед) эмиэ ити ейдебулгэ киирэр
«Ыалым Бааска» диэн
ЫаллаЬан олоруу — соседство диэн
Дьиэ-кэргэн — бэйэ эрэ дьоно
Сеп дии?»
Дьэ, былаас дьоно маннык өйдөбүллээх буоллахтарына, иэдээн буолбут дии санаатым.
Ол иҺин санааларбын маннык суруйдум:
БылааҺы — ыалларга!
Былыр сахалар барахсаттар биир дьиэ, балаҕан иҺигэр симиллэн олороохтууллара. Сорохтор дьиэ туттан да, мас мастанан да туспа оҺох оттунар кыахтара суох буолан.
Онон хас да ыал дьиэ иҺигэр «кэргэннэҺэн» олороллоро.
«Дьиэ кэргэн».
Коммунальнай дьиэ курдук.
Оттон «ЫАЛ» диэн таҥараттан бэриллибит суос соҕотох тэрилтэ.
Атын тэрилтэлэр быстах кыҺалҕаны быҺаараары тэриллэллэр. КыҺалҕа бүттэ да — кинилэр бүтэллэр.
Ыал киҺи — аймах баарын тухары баар.
Ыал аҕа баҺылыктаах.
«Ыал аҕата- тойон». Кини олоххо тоҥуу хаары оймоон ыалы олох устун соҺор.
Тас тардыыны тэрийэр.
Бултаан-алтаан, үлэлээн ас-таҥас, үп-харчы дьиэҕэ аҕалар.
Оттон дьиэ кэргэн, ол эбэтэр дьиэ иҺигэр, олбуор иҺигэр, дал иҺигэр, «ыал ийэтэ» — «Хотун». Дал иҺигэр баар Хотун.
Далбар Хотун.
Ыал диэн өйдөбүл ийэ, аҕа, оҕолор, хаҺаайыстыба,
атын ыаллары, тэрилтэлэри кытары алтыҺыы өйдөбүллэрин барытын хабар.
Ыал- дойду, общество, судаарыстыба төрдө, генетическэй кода.
Оттон дьиэ кэргэн — ыал иҺинээҕитэ, олбуорун, дьиэтин иҺинээҕитэ.
Онон «ЫАЛ СЫЛА» диэн оннугар «ДЬИЭ КЭРГЭН СЫЛА»
диир буоллахпытына — ол быҺаҕас өйдөбүлү үөскэтэр. БыҺаҕас буолла да бытарыйан сыалын-соругун сиппэт.
Холобура, ЛГБТ, икки эр киҺи, эбэтэр икки дьахтар дьиэ кэргэн буолуохтарын сөп. Биир дьиэ иҺигэр кэргэннэҺэн олорор буоллахтара дии.
Оттон биҺиги өйдөбүлбүтүнэн,
ыал хайдах да буолбаттар.
Ити түктэри быҺыы — ыал диэн өйдөбүлгэ хайдах да киирбэт.
Онон ЫАЛ СЫЛА диэхтээхпит.
ДЬИЭ-КЭРГЭН СЫЛА диир сыыһа.
Быстах.
Ааҕааччыларым!
Дьэ дьүүллээҥ эрэ.
ЭҺиги туох дии саныыгыт?
Санааларгытын манна комментарий диэҥҥэ суруйуоххутун сөп.
+7 (999) 174-67-82