Сылгыһыт күрэҕэр кыттааччылар туохтан дьиксиннилэр?
Сылгыһт күрэҕин өйдөммөт түгэннэрэ.
Бүгүн (21.03.2023) Аммаҕа ыытылла турар Сылгыһыт күрэҕэр “дьикти түгэн” аһара элбэҕиттэн боростуой сылгыһыт уолаттар улаханнык мунааран сылдьаллар, бэл диэтэр, дьиксиннилэр. “Бу сылгыһыт сатабылын, үөрүйэҕин тургутар тэрээһин дуу, сылгы боруодатын быһаарар күрэх дуу? Оннук буоллаҕына, тэрийээччилэр тоҕо кэмигэр тугу да биллэрбэттэр?” – дэһэллэр. Быһаччыта, билигин Аммаҕа маннык, киһи дэбигис өйдөөбөт балаһыанньата, үөскээн турар.
Сылгыһыт атын быһаарар түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ бэйэтэ туох эрэ туспа ирдэбилинэн, “саха мииниллэр атыгар барсыбат сылгы” диэн матыыптаан, 4 сылгыны туоратан кэбистэ. Баара-суоҕа 5 мүнүүтэ иһигэр хараҕынан көрөн! Онтон уолаттар ити сылгылары 5-тии, 8-тыы сыл көлүйэн, анаан бэлэмнээбиттэрэ эбээт!
Көлө ата диэн отой туспа буолар. Аты көлөҕө үөрэтэр туспа сатабылы, үөрүйэҕи эрэйэр. Ол – учуоттаныахтаах этэ. Баары баарынан эттэххэ, Сылгыһыт күрэҕэ диэн, бастатан туран, сылгыны миинэр, көлүнэр ДЬОН сатабылын, мындырын, уопутун тургутар тэрээһин буолуохтаах. Бу күрэх сылгы боруодатын, “промерын” быһаарар күрэх буолбатах.
Ол да иһин бу буола турар Сылгыһыт күнүгэр тахсыбыт “дьикти түгэннэри” дьон өйдөөбөт. “Бу көрдөххө, барыта улуустарыгар бастаабыт аттар сыыйыллыбыттар”, – дэһэллэр. “Оттон Нам ата былырыын Ньурбаҕа кыттыбыта да, тоҕо устубатылар?” — диэн буккуллаллар.
Аны туран, Уус Алдантан кэлбит Найахы хамаандатын атын сыыйан, Сивцетэр дьиэ кэргэн хас эмэ сыл бэлэмнэммиттэрэ барыта биирдэ сотуллан хаалла. Уус Алдан аатын биир дьиэ кэргэн көмүскүөхтээх этэ. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?
Альберт Сивцев, сыыйыллыбыт аттаах сылгыһыт, Найахы:
– Улаханнык соһуйдум уонна хомойдум. Дьиҥэр, мин атым саха ата. Холобур, сылы-сыллаан эрчиллэр киһи быһыыта-таһаата, көрүҥэ отой атын буолар дии. Сылгы эмиэ син ол тэҥэ уларыйар. Биһиги бу өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи көрө эрэ кэлбэтэхпит. Аппытын өр кэм устата бэлэмнээн, анаан кыттаары кэлбиппит. Ол түмүгэр быһыы-таһаа уларыйдаҕа. Аны, дойдубутуттан 10-ча чаас айаннаан кэлэрбитигэр иһэ хапсыйбыт этэ. Судьуйалар ону көннөрү харахтарынан көрөн, “сиэнчэр” диэбиттэр. Харах көрүүтэ диэн балыыҥка буоллаҕа. Атым саха ата буоларын кыратыттан ииппит киһи, ама, билбэт буолуом дуо? Саатар, ол көрөн баран түмүгүн эппэттэр эбээт. Кэлин бэйэм ыйыталаһан биллим. Онуоха эбиитин “төбөтө кыра, сиэлэ убаҕас, кутуруга кылгас” диэн сөхтөрдүлэр. Холобур, сиэлин иилистэ сылдьыбатын диэн бэйэм кырыйбытым, кутуругун иитэ турар убаһам сиэбит этэ. Уопсайынан, тоҕо туораппыттарын этэр кыаҕым суох. Дьиҥэр, улууспар Уус Алдаҥҥа буолбут күрэххэ бастаабытым да буоллар.
Манан тугу этиэҕи баҕарылларый? Сылгыһыт күрэҕэ сылгыга үлэлиир дьоҥҥо ананыахтаах, кинилэр сатабыллара, үөрүйэхтэрэ тургутуллуохтаах. Оччоҕуна эрэ кинилэр үлэлэрэ сыаналаныах тустаах.
+7 (999) 174-67-82