Сылаҥҥа үбүлүөйдээх дьоро күн
Сылаҥ оскуолатыгар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин дириҥэтэн үөрэтэр кылаас арыллыбыта 45 сыллаах үбүлүөйэ.
Профессор Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыгар ахсынньы 16 күнүгэр нуучча тылын, литэрэтиирэтин дириҥэтэн үөрэтэр аналлаах кылаас аһыллыбыта 45 сылын бэлиэтиир дьоро күнэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Үбүлүөйгэ 60-ча ыҥырыылаах ыалдьыт: Москубаттан, Дьокуускайтан, Аллайыахаттан, Абыйтан, Намтан, Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Амматтан, Чурапчыттан кэлэн, ыалдьыттаан, үөрэн-көтөн, оскуола саастарын олус истиҥник санаан-ахтан аастылар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан ол кэмнээҕи дириэктэрдэр, завучтар, учууталлар выпускниктар истиҥ махталларыттан долгуйан, санаалара көтөҕүллэн, уйадыйан ыллылар. Учууталга үөрэппит оҕолорун махталларыттан ордук наҕараада суох буоллаҕа…
Үбүлүөй үөрүүлээх чааһа Иэйии музатын үйэлэргэ сүппэт уобараһынан-чүмэчи уматыыттан саҕаланна. Ветеран учууталлар, дириэктэрдэр, завучтар, интернат иитээччилэрэ, спонсордар уонна билигин көлүөнэ нуучча тылын, литэрэтиирэтин учууталлара анал бэлиэлэринэн, Бочуотунай грамотанан, махтал суругунан бэлиэтэннилэр. Ол курдук бу кылаас аһыллыытын тэрийсибит, үлэтин оҥкулун булларбыт дириэктэр Яковлев И.И. «Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэнэн, нуучча тылын, литэрэтиирэтин учууталлара Яковлева Е.А., Макарова К.Г. уо.д.а. СӨ Ил Түмэн, Үөрэх министиэристибэтин Бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан, Анемподистова В.С. ИРОиПК Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланнылар. 1978-1990 сс. бүтэрбит выпусниктар үгүстэрэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар нуучча тылын, литэрэтиирэтин, омук тылын учууталларынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар уонна элбэх бэйэлэрин суолларын батыһааччылары иитэн-үөрэтэн таһаарбыттарын, Саха республикатын, Арассыыйа учууталларын куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кытталларын тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Онон 80-с сылларга үлэлээн ааспыт, билиҥҥинэн эттэххэ, нуучча тылын, литэрэтиирэтин профильнай кылааһын үлэтэ күн бүгүн да салҕанарын, бу кылаас үлэтэ улахан кэскиллээх буолбута итэҕэтэр уонна үтүө түмүктэринэн астыннарар.
Бу кылааска нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларынан үлэлээбит педагогическай үлэ ветераннара, СӨ, РФ бочуоттаах учууталлара, ытык-мааны ыалдьыттарбыт: Евсеева Галина Александровна, Кривошапкина Галина Александровна, Слепцова Мария Семеновна, Перевалова Антонина Павловна, Яковлев Иван Иванович, Дьячковский Иван Иванович, Решетникова Марианна Николаевна уо.д.а кэлэн, үөрэппит оҕолорун ситиһиилэриттэн, кинилэр бары араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик айа-тута сылдьалларыттан үөрэн-көтөн, астынан бардылар, урукку оскуолаларын, интернат олоҕун санаһан эдэрдэригэр түһэн ыллылар. Постникова Оксана Иосифовна, Павлова Альбина Васильевна эҕэрдэлэрин куйаар ситиминэн көрөн долгуйа иһиттибит, илэ көрсүбүттүү сананныбыт. Выпусниктар истиҥ ахтыылары оҥордулар, куруутун күндүтүк-саныыр учууталларыгар, үөрэммит оскуолаларыгар муҥура суох махталларын эттилэр, бэлэхтэрин туттардылар.
Бу дьоро киэһэ нуучча тылын, литэрэтиирэтин дириҥэтэн үөрэтэр кылаас аһыллыбыта 45 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, устуоруйаны сурукка тиһэн хаалларар, кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолар аналлаах «Друзья, прекрасен наш союз!» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Нэһилиэк библиотекара Аммосова А.В. ол ааспыт күргүөмнээх үлэ кэрэ кэпсээн, ахтылҕаннаах ахтыы буолан кинигэҕэ киирбитин саас-сааһынан билсиһиннэрдэ. Бу ааспыт кэм устуоруйатын Көмүс буукубаларынан тиспит кылааска араас сылларга үөрэнэн ааспыт: учуутал — Яковлева Екатерина Алексеевна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна , РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ бэрэсэдьиэнин гранын кыайыылааҕа уонна кинигэ таһаарааччы — Тимофеева Марина Ильинична, СӨ бэчээтин туйгуна буолаллар. Ис сүрэхтэн оҥоһуллубут 400-чэкэ страницалаах, сиэдэрэйдик таҥыллыбыт кинигэ Сылаҥ оскуолатын истиҥник саныыр бары салайааччыларга, учууталларга, выпускниктарга чаҕылхай, умнуллубат бэлэх буолла. Екатерина Алексеевна 1977 сылтан 1990 сылга диэри нуучча тылын, литэрэтиирэтин дириҥэтэн үөрэтэр кылаас тэриллибит устуоруйатын, ахтыылары чөкөтөн, улахан үлэни көрсөн, кэрэхсэбиллээх кинигэ матырыйаалын хомуйан бэлэмнээтэ. Кинигэ ис-тас көстүүтүн, редакторскай, издательскай үлэтин кинигэ таһаарыытыгар уопуттаах Марина Ильинична толордо. Үбүлүөйдээх кинигэ ис хоһоонунан, таҥыллан тахсыытынан дьон-сэргэ биһирэбилин, истиҥ махталын ылыан ылла.
Онон Сылаҥ нэһилиэгин, Чурапчы улууһун историятыгар, сайдыытыгар улахан суолталаах, үөрэххэ-үрдүккэ сирдээбит Улуу нуучча тылын, литературатын анаан үөрэппит кылаас 45 сыллаах үбүлүөйдээх күнэ олус истиҥник, долгутуулаахтык буолла. Түгэнинэн туһанан кинигэ күн сирин көрүүтүгэр үбүнэн көмөлөспүт, эмиэ бу кылааһы араас сылларга бүтэрбит — Дягилева Наталья Ивановнаҕа ( «Якутская Птицефабрика» ААУо генеральный дириэктэрэ), Макаров Егор Иннокентьевичка (Сылаҥ нэһилиэгин баһылыга), Чепалов Степан Михайловичка («Туймаада ньиэп» ААуо генеральнай дириэктэрэ), Макаров Егор Петровичка («Муус Хайа» ХЭО ген.дириэктэрэ) Сылаҥ орто оскуолатын администрациятын аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит, үлэҕитигэр, олоххутугар ситиһиилэри баҕардахпыт буолуохтун!
+7 (999) 174-67-82