Сунтаартан төрүттээх учуонай-атомщик

Мин бүгүн, күндү ааҕааччыларбар дойдубут биир улахан куоратыгар – Новосибирскайга – олохсуйан олорбута ырааппыт биир дойдулаахпыт туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Дьиҥэр, Сунтаарбыт сириттэн-буоруттан үгүс талааннаах дьон төрөөн-үөскээн тахсан, дойдубут норуотун хаһаайыстыбатын тургутарга, сайыннарарга, чөл туруктаах оҥорорго бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэллэр. Дьэ, биир оннук киһинэн Семенов Юрий Игнатьевич буолар. Кини Новосибирскай куоракка баар Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын ядернай физика институтун научнай сотруднига.

Кини кыра кыыһын кытта сайыны баттаһа дойдутугар кэлэ сылдьарын көрсөн кэпсэтиибитин таһаарабыт. Юрий Игнатьевич дойдутугар кэлэ сылдьыбатаҕа ырааппытын туһунан этэр. Бастатан туран, күн сирин көрбүт Тэҥкэтигэр тахса сылдьыбыт.

Кини туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, 1942 с. от ыйын 13 күнүгэр Тэҥкэ Оторуус диэн сиригэр аатырбыт атыыһыт Крюков олоро сылдьыбыт дьиэтигэр күн сирин көрбүт. “Ону киһини өйдүүр буолбутум кэннэ ийэм кэпсээбитэ” диэн этэр.

Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Тэҥкэ сиригэр-уотугар 127 №-дээх Амакинскай эспэдииссийэ олохсуйан, алмааһы көрдүүр үлэни ыыппыт. Түһэн сыппыт сирдэрин аата Рыбачье диэн эбит. Үлэлиир араас тиэхиньикэлэрин көрөөрү кырачаан Юра күннэтэ онно сүүрэр эбит. Кини санаатыгар барыта кэрэ, этэргэ дылы, фантастика курдук эбит. Ол эрэн, Юра ордук геологтары таһар По-2 сөмөлүөт кэлэн түһэрин, көтөн тахсарын сэргии, сөҕө-махтайа көрөрө үһү. Улаатан баран лүөччүк буолуом диэн ыра санааламмыт.

Аҕата Игнатий Дмитриевич аҕыс оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолбутугар фроҥҥа ыҥырыллыбыт. Кини 129 №-дээх туспа муостаны тутар батальоҥҥа сулууспалаабыт. Сэрииттэн «Германияны кыайыы иһин» уонна «Хорсунун иһин» мэтээллэрдээх төннүбүт.

Аҕата сэрии иннинэ «Пионер» холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Фронтан эргиллэн кэлэн баран онно атыыһыттаабыт. Уол алталааҕар суох буолбут. Өссө кини Екатерина Дмитриевна диэн тапталлаах эдьиийдээҕин туһунан этэр. Ийэтэ кэпсииринэн, кини бэйэлэрин оҕолорун кытта кинини эмиэ эмиийдэтэр эбит. “Ону кыралаан өйдүүр быһыылаахпын” диэн этэр Юрий Игнатьевич.

Ийэтэ Индеева Пелагея Иннокентьевна кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Амакинскай эспэдииссийэҕэ оробуочайынан үлэлиир Попов Андрей Давыдович диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Киниттэн биир уол оҕоломмут. Бу быраата улаатан баран Ригатааҕы гражданскай авиация инженердэрин авиационнай институтун үөрэнэн бүтэрбит. Өлүөр диэри Дьокуускай аэропордун сменатын начаалынньыгынан үлэлээбит.

Тэҥкэҕэ оччолорго оскуола суох буолан, кини барыта аҕыс оскуолаҕа көһө сылдьан үөрэнэргэ күһэллибит. Бастаан Ленскэй оройуонун Бэтинчэтигэр оскуолаҕа киирбит. Онтон Тэҥкэҕэ алын кылаас аһыллыбытыгар онно, салгыы Куокунуга, Тойбохойго, Марбаҕа (Бордоҥҥо), Сунтаарга. Оскуоланы Ленскэй куоракка бүтэрбит. Чаастатык оскуолатын уларыта сылдьыбыт буолан, кинини пионерга да, хомсомуолга да ылбатахтар. Ол иһин оскуоланы бүтэрбитин кэннэ ханнык да үөрэххэ ыыппатахтар. Ол иһин сыл курдук «ВилюйГЭСстрой» СМУ-3 слесарь-монтажнигынан үлэлээбит. Таарыйа үөрэнэригэр харчы мунньуммут. “Экстерном” үчүгэй сыанаҕа туттаран оскуоланы бүтэрбит.

1962 с. науканан дьарыгырар баҕа санаатын толорон, СГУ физика-математическай факультетыгар үөрэххэ киирбит.  Ол эрэн, оҕо сылдьан лүөччүк буолар баҕа санаатын ыһыктыбатах. Ону чугаһатар сыалтан, анаан Ли-2 сөмөлүөттэн парашютунан ыстаммыт. Хараҕа мөлтөх буолан, баҕалаах үөрэҕэр киирэр сыалтан медхамыыһыйаны ааһарыгар окулистка бэйэтигэр майгынныыр уолу кэпсэтэн көрдөрбүтэ.

Ол кэмҥэ физматы үөрэнэн бүтэрбит исписэлиистэри оскуолаҕа физика учууталларынан анаан ыытар быраактыка баар эбит. Оттон биһиги киһибит олоҕун наукаҕа аныыр баҕалаах буолан, атыттартан туһунан дьаһаммыт. Ол курдук 3-с кууруһу бүтэрэн баран каникулугар Ленскэйгэ суоппардаабыт. Хамнаһын мунньунан күһүнүн Москвалаабыт. МГУ-га тиийэн үөрэҕин онно салгыаҕын туһунан кэпсэтэн көрбүт да, киэһээҥҥи отделениеҕа көс диэн хоруйдаабыттар. Ону ылымматах. Ол иһин Новосибирскайга тиийэн, үөрэҕин этэҥҥэ туттаран, Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университет физическэй факультетын киэһээҥҥи отделениетыгар үөрэххэ киирбит.

Үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн баран, Новосибирскайдааҕы Г.И. Будкер аатынан ядернай физика институтугар үлэҕэ киирбит. Ол кэмтэн ыла тустаах институкка үлэлиир. Кэргэнэ Людмила Ивановна идэтинэн химик-технолог эбит. Билигин биэнсийэлээх.

Кэпсэтиибит түмүгэр Юрий Игнатьевичтан: “Сунтаар нэһилиэгэ кэнники сырыыгыттан төһө уларыйбытый?” – диэн ыйытыыбар киһим маннык хоруйдаата: «Тупсаҕай оҥоһуулаах 5 этээстээххэ тиийэ таас дьиэлэр тутуллубуттарын олус сэргии көрдүм. Суолу аспааллааһын үлэтэ баран эрэр эбит. Өссө нэһилиэк маастар-былаанын олохтоохтор дьүүллэригэр таһаарбыттар эбит дии. Ону хайҕыахха эрэ сөп. Кыыһым ордук саха төрүт аһын уонна сахалыы оһуордаах-бичиктээх таҥастары көрөн, олус сэҥээрдэ».

Ити курдук ыалдьыттарбыт олус астынан, үөрэн-көтөн дойдуларыгар айаннаатылар.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх