Site icon SAKHALIFE

Сунтаарга тыын суолталаах боппуруостарга сүбэ мунньах буолла

Сунтаар улууһугар СӨ Ил Түмэнин уонна РФ Госдуматын депутата Галина ДАНЧИКОВА уонна СӨ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай информация сириэстибэлэригэр уонна уопсастыбаннай үлэ дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия ГАБЫШЕВА кэллилэр.

Атырдьах ыйын 21 күнүгэр, кэлбит бөлөх улуус киинигэр үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын социальнай эбийиэктэригэр — РТС түөлбэҕэ 240 миэстэлээх саҥа оҕо саадын дьиэтигэр, быйыл 100 сылларын бэлиэтээбит Сунтаар бастакы детсадыгар Туллукчааҥҥа, Сунтаардааҕы политехническай лицей-интернатка, тутулла турар бассейн территориятыгар уонна балыыһа эбийиэктэригэр сылдьан салаайааччылары көрүстүлэр.

Сарсын нэһилиэктэр баһылыктарын уонна улуус актыыбын кытта төгүрүк остуол тула сүбэ мунньах ыытыахтара.

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр, С. А. Зверев аатынан норуот уус-уран айымньытын киинигэр СӨ Ил Түмэнин уонна РФ Госдуматын депутата Галина Данчикова уонна СӨ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай информация сириэстибэлэригэр уонна уопсастыбаннай үлэ дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева улуус актыыбын кытары социальнай эйгэ, доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин уонна тыа хаһаайыстыбатын хайысхаларыгар сүбэ мунньах тэрийдилэр. Мунньахха нэһилиэктэр баһылыктара уонна тэрилтэлэр салайааччылара сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо бэйэ оҥорон таһаарарбыт бородууксуйаны батарыыга көмө, аччыгый урбаан эйгэтигэр нолуок төлөбүрүн аччатыыга туһуланар өҥөлөрү, ас-үөл уонна тутуу матырыйаалларыгар сыана үрдээһинигэр судаарыстыба өттүттэн хонтуруол төһө барарын,  пандемия уонна атын ыарахан ыарыы кэнниттэн биһиги улууска доруобуйаны чэбдигирдэр киин тэрийиитийэр туруорсуулары киллэрдилэр.

Күн иккис аҥаарыгар оробуочай бөлөх Устье нэһилиэгэр «Кэмпэндээйи» индустриальнай паркаҕа цеолиттан тутуу матырыйаалларын оҥорон таһаарар сыахха сылдьан сыах үлэтин-хамнаһын билистилэр, салгыы Элгээйи нэһилиэгэр Б.Н. Андреев аатынан айылҕа түмэлигэр сырыттылар.

Exit mobile version