Сунтаарга бизонарий үлэтин ырыттылар
Тохсунньу 20 күнүгэр, улуус аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уонна баһылык бастакы солбуйааччыта Николай Александров, “Дирекция биологических ресурсов, особо охраняемых природных территорий и природных парков” директорын биологическай ресурсалар боппуруостарыгар солбуйааччы Вячеслав Константиновы, биологическай ресурса управлениетын салайааччытын Роман Сметанины уонна улуустааҕы айылҕа харыстабылын управлениетын салайааччытын Сергей Николаевы кытары көрүстүлэр.
Сүбэ мунньахха сүрүннээн Кэмпэндээйиттэн 50 км тэйиччилээх сиргэ тэриллибит бизонарий үлэтин ырыттылар, онно бары ирдэнэр усулуобуйалар оҥоһуллубуттарын иһитиннэрдилэр. Бу кэскиллээх бырайыагы өссө сайыннарарга диэн, экология уонна туризм бииргэ дьүөрэлии сайдыытын тула кэпсэтии барда. Онно улууспут кэрэ көстүүлээх айылҕатын, баайын-дуолун кэлэр көлүөнэҕэ чөл хаалларан улууска экологическай туризм сайдарын туһугар инникитин СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээн «ЮНЕСКО-ҕа» киирэр ураты харыстанар геопарка оҥоруутун былааннаатылар.
+7 (999) 174-67-82