Муус устар 2 күнүгэр, «Тещин язык» спортивно-туристическай комплекска аҕа уонна уол оҕо күрэҕэ тэрилиннэ. Күрэх үөрүүлээх арыллыытыгар улуус Аҕа баһылыгын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев аныгы кэмҥэ дьиэ кэргэн туруктаах буоларын инниттэн чөл олоҕу уонна төрүт үгэстэри тутуһан оҕо иитиитигэр улахан болҕомтону ууруу биһиги олохпут төрдө буоларын бэлиэтээн туран, кыттааччыларга ситиһиини баҕарда. Күрэххэ Хордоҕой, Куокуну, Хадан, Уһун-Күөл уонна Сунтаар нэһилиэктэриттэн 5 хамаанда кыттан уопсайа алта түһүмэҕинэн, ол эбэтэр аҕалар уонна уолаттар уопсай сөбүлүүр дьарыктарын кэпсиир слайд оҥорон бэйэни билиһиннэрдилэр, спортивнай күрэхтэргэ бириэмэҕэ бэрэбинэни сулуйууга, ойбон алларыыга, баҕанаҕа ыттыыга уонна мас хайытыыга күөн көрүстүлэр.
Күүстээх, тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн3 миэстэни Хадан нэһилиэгиттэн Геннадий уонна Арылхан Пустоляковтар ыллылар.2 миэстэни Сунтаар нэһилиэгиттэн Егор уонна Мирон Макаровтар ситистилэр.1 миэстэ Уһун-Күөл нэһилиэгиттэн Григорий уонна Арчын-Андрей Андреевтар буоллулар, кыайыылаахтарга МР-27 саа биэрдилэр.
Кыайыылаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кытта барыахтара.