Сунтаардар кэллилэр эбэтэр тоҕус оһуордаах түһүлгэ
☀️СУНТААРДАР КЭЛЛИЛЭР эбэтэр 🌈ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ
🚌🚙Билигин кыһыҥҥы суолу баттаһа айан-сырыы тохтоло суох субуллан олорор кэмэ. Күн аайы киин куораппытыгар бииртэн биир кэрэ-бэлиэ тэрээһиннэр өрөөн көрбөккө ыытыллаллар. Оттон биир дойдулаахтарым бу сааскы сырыылара историяҕа киирэр сырыы диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
🔥Эһиил 2025 сылга КЫЫЛ УОЛА төрөөбүтэ 125 сыла. ХХ үйэни көрбүтүнэн төрөөбүт сүдү киһи бу үйэҕэ өбүгэлэртэн кэлбит ураты тыын ситимэ быстыбакка, салҕанан барарыгар бүтүн олоҕун анаабыта: айбыта-туппута, алҕаабыта-туойбута, төбүрүөн түһүлгэлэри тэрийбитэ, улуу үҥкүүлэри туруорбута, ыһыах сиэрин-туомун ситэрбитэ, оҕо-ыччат бөҕөнү уһуйбута-такайбыта.
💥Мин биирдэ Аҕа дойду сэриитигэр сыһыаннаах биэриини оҥоро сылдьан 1945 сыллаах КЫЫМ хаһыаты хасыһан турардаахпын. Ол сылдьан арай КЫЫЛ УОЛУН бэйэтин кытта кэпсэтии баарыгар кэтиллэ түстүм. Кини интервьюга маннык диэн ис хоһоонноохтук эппит: «Айыылартан таттарыылаах улуу Ырыаһыт уус-уран айымньы 9 көрүҥүн баһылыахтаах диэн миэхэ уһуйааччым өбүгэ ирдэбилин тиэрдибитэ. Көрүҥ аайы 9-тууну бэйэтэ толоруохтаах.
Мин ону кыайарга, сатыырга дьулуһабын, ыччакка ону такайар санаалаахпын»… Холобур, Алгыс 9 көрүҥүн… түмүгэр 9 олоҥхону диэн этэ. Ити өбүгэ ирдэбилэ буолар дьикти бигэргэтиини КЫЫЛ УОЛА төрөөбүтэ 110 сыла туоларыгар устубут УЛУУ ЧЫПЧААЛ диэн документальнай киинэбэр киллэрбитим.
🎭Сунтаар култууратын үлэһиттэрэ, улуус салалтата бу түгэни сайыннаран, быйыл үһүс төгүлүн ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ диэн кэрэ-киэҥ күрэх түһүлгэтин тэрийэллэр. Манна кыттааччылар тоҕус хайысханан күрэхтэһэллэр. Ол хайысхаларга чыпчаал кыайыылаахтар быһаарыллан, соргулара хайдах тосхойорунан 300 тыһыынчалаах бирииһи таба тайаныахтарын сөп. Маны таһынан КЫЫЛ УОЛУН тапталлаах оонньуутугар — оһуокайга кылаан кыайыыны ситиспиккэ анал 100 тыһыынчалаах бириис турар. Оҕолорго эмиэ туспа бириистэрдээх күрэхтэһии.
Сунтаардар Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ тиллиитин саҕалаабыт буоланнар, бу көрүҥү уран айымньы быһыытынан 9 хайысха иһигэр киллэрэн эмиэ илдьэ сылдьаллара үөрдэр. Аны дьахталлар сахалыы толору таҥнан баран, эр киһи кыһыҥҥы таҥаһын тилиннэриигэ тэрээһиннээхтик ылсыбыттара кэрэхсэтэр. Бүгүн кыһыҥҥы таҥаскытынан Дьокуускай устун хаамсыҥ диэбиттии, куоракка сарсыарда хаар түһэн намылыйда❄️❄️❄️
✊🏼 Улуус баһылыга Анатолий ГРИГОРЬЕВ бу түһүлгэ үрдүк таһымҥа барарыгар уҕараабат болҕомтотун уурар Тэрээһини сүрүн үбүлээччи — АРКТИК КАПИТАЛ хампаанньа салайааччыта Матвей ЕВСЕЕВ.. Күрэх икки сыл улууска бэйэтигэр барбыт буоллаҕына — быйыл сунтаардар киин куораппытыгар бэйэлэринэн кэлэн, хотуттан, соҕурууттан, илинтэн кыттааччыларыгар чугаһаан, Саха тыйаатырыгар, Өксөкүлээххэ, Арчы Дьиэтигэр түһүлгэлээтилэр. Бу иннинэ сунтаардар өссө Фрументий САФРОНОВ айар киэһэтигэр кытыннылар уонна аныгы кэм олоҥхоһуттарын уһуйааччы Никандр ТИМОФЕЕВ 90 сааһын дьоро күнүн тэрийэн ыыттылар.
🙌🏼🏛️Муус устар 10 күнүгэр кыайыылаахтар түмүк кэнсиэртэрэ киэһэ 18:00 ч Өксөкүлээххэ буоларыгар хайаан да кэлэ сатааҥ, өрөспүүбүлүкэ талба талааннаахтарын тахсыыларын көрүҥ, ону таһынан кылаан бирииһи таба тайаныы өрөгөйдөөх түгэнин туоһулара буолуҥ.
👏🏼Бу сарсыарда аһыллыыга баһылык Анатолий ГРИГОРЬЕВ эһиил ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ЫҺЫАҔА диэн (Олоҥхо ыһыаҕа буолбатах) КЫЫЛ УОЛУН үбүлүөйүгэр анаан Сунтаарга өрөспүүбүлүкэ суолталаах ыһыах ыытылларын туһунан Ил Дархан Айсен НИКОЛАЕВ дьаһала тахсыбытын иһитиннэрдэ. Матвей ЕВСЕЕВ эһиилги күрэх бирииһин үбэ икки төгүл үрдүөҕэ диэтэ уонна 👍🏼БИИР СОНУН БЭЛЭҔИ бэлэмнээбитин иһитиннэрэн соһутта. Соччо өйдөөбөтүм да буоллар, киһи аналлаах ачыкы кэттэҕинэ КЫЫЛ УОЛУН оһуокайыгар киирэн оһуокайдыы сылдьар турукка киирэр оонньуута оҥоһуллубут! (Ыччат оннук ачыкы кэтэн сэриилэһэ оонньуурун, эбэтэр атын галактикаларга көтөр оонньуулара баарын билэбин) Онон, дьэ ураты айымньылар, улахан хамсааһыннар КЫЫЛ УОЛУН бэлиэ сааһынан саха олоҕор киирэр кыахтаммыттар.
“Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта. – Дьокуускай к., Саха театра. 9.04.2024 с. Владислав КОРОТОВ устуута.
+7 (999) 174-67-82