Бүгүн Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Арассыыйа дьоруойа Филипп Евсеев чугас дьонун кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ Филипп ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ уонна кини бииргэ төрөөбүт балтыта кэлэн, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Дьоруой Дьокуускайга эмтэниини ааһа сылдьар буолан, видеосибээһинэн улуус дьаһалтатын аатыттан 5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах сертификаты туттардылар.
Филипп Евсеев үс оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата. Онон бу үп ыал дьон, куоракка дьиэ ылыналларыгар, олохторун оҥостоллоругар төһүү буолуоҕа.
Бу туһунан @suntaar_ulus биллэрдэ.
Онтон эрдэ социальнай ситимнэринэн биллэриллэн, сэрэдэ киэһэ Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарын кытта көрсүһүү тэрилиннэ. Филипп дьиэ кэргэнин кытта айаннаан кэлэллэрин кэтэһэ таарыйа, бу күннэргэ Луганскай куоракка бэйэтэ тылланан баран үлэлээн кэлбит Элгээйиттэн төрүттээх урбаанньыт, мас ууһа, дьиэ тутааччы, түөрт кинигэ ааптара Иван Парфеньевич Александров ол куоракка сылдьан тугу илэ хараҕынан көрбүтүн, анал дьайыыларга баран сэриилэһэ сылдьар дьону көрсөн кэпсэппитин туһунан сэһэргээбитин мустубут дьон улаханнык сэргии иһиттилэр.
Онтон сотору буолаат, Арассыыйа Дьоруойа Филипп Александрович Евсеев кэргэнэ Светлана Александровналыын, уоллара Арылханныын тиийэн кэлбиттэрин биир дойдулаахтара сүһүөхтэригэр туран, уруйдуу көрүстүлэр. Кинилэри Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга Эдуард Филиппов уонна Филипп күн сирин көрбүт Күндэйэтин баһылыга Иван Константинов арыаллаан кэллилэр.
Филипп АБДь-га ыҥырыллан барыан иннинэ, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар суоппарынан үлэлии сылдьыбыт. Онон Эдуард Егорович бэркэ билэр бэйэтин үлэһитин дьиэ кэргэнин билиһиннэрдэ. Ол кэннэ Сунтаар нэһилиэгин ытык олохтооҕун аата иҥэриллибитин туоһулуур дастабырыанньаны уонна түөскэ анньынар бэлиэни Филиппкэ туттарда, Светланаҕа сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунна. Онтон Күндэйэ аҕа баһылыга Иван Витальевич Филипп дьонун-сэргэтин, оҕо сааһын туһунан кэпсээтэ, уонна биир дойдулааҕар Күндэйэ нэһилиэгин ытык олохтооҕун аатын иҥэрэр туһунан иһитиннэрдэ, убаһа бэлэхтииллэрин туһунан туоһу суругу туттарда. Сунтаар сэл. баһылыга Эдуард Филиппов уолга толкуйдуурга бириэмэ биэрдибит, тугу баҕарарын кэргэниниин сүбэлэһэн эттэҕинэ, ону толоруохпут диэтэ.
В.В. Путин дьоруойдары кытта тус көрсүүтүгэр баҕа санааҕытын этиҥ диэбит. Онно Филипп Сунтаарга Бүлүү өрүс кытылын бөҕөргөтөр үлэни ыытар, оҕо сынньанар киинин тутуу туһунан этиэхтээх.
Онтон уолбутун биир дойдулаахтара эҕэрдэлээтилэр, алгыс тылларын эттилэр.
Биэс ыҥырыыга ил Түмэн дьокутаатынан үлэлээбит ытык киһибит Александр Сергеевич Уаров биир дойдулаахтарын өссө биир Дьоруойдаммыппытынан эҕэрдэлээтэ.
Сенатор Александр Константинович Акимов бэйэтин аатыттан Филипп Евсеевкэ Федерация Сэбиэтин махтал суругун туттарда уонна “Хотутент” тэрилтэ бэлэҕин тиэртэ.
Бүгүн уоппускатыгар эмиэ Сунтаар сэлиэнньэтин дьаһалтатыгар үлэлээбит, онтон АБДь-га хантараагынан сулууспалыы барбыт Валерий Иванов уоппускатыгар кэлбит, киниэхэ сенатор А.К.Акимов эмиэ Федерация Сэбиэтин махтал суругун уонна сулууспатыгар төннөрүгэр аналлаах таҥас бэлэхтээтэ. Эдуард Филиппов Ид Дархан аатыттан саха быһаҕын туттарда.
Дойдуга куттал суох буолуутун кэмитиэтин бэтэрээнэ Калистрат Афанасьевич Кириллин ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Афганистан сэриитигэр КГБ сүбэһитинэн кыттыбытын кэпсээтэ, ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээн туран, Филипп Евсеевкэ ол сэрии кэминээҕи хаартыскатын, бэйэтэ суруйбут Саха сирин маҥнайгы чекистэрин тустарынан кинигэтин бэлэх уунна.
Уоттаах сэрииттэн кэлбит Дьоруойбутун эҕэрдэлии, бэйэлэрин оҥоһуктарын бэлэх уунаары, “Саха сирин бойобуой шелкопрядтара” диэн аҕам саастаах волонтердар бөлөхтөрө кэлбит. Салайааччылара кинилэр АБДь саҕаланыаҕыттан үлэлииллэрин, биһиги байыастарбытыгар анаан маскировочнай сиэккэни баайалларын, онон бүрүммүт саллааты тепловизор кыайан көрбөтүн, оннооҕор бойобуой тиэхиньикэни итинник сиэккэнэн сабан көмүскүүллэрин кэпсээтилэр. Сиэккэлэрин оҥороллоругар үп көрүллүбэтин, матырыйаалы бэйэлэрин биэнсийэлэринэн атыылаһалларын, кэнники кэмҥэ элбэх сакаас киирэрин, ону толорорго үлэһит илии тиийбэтин кэпсээтилэр. Сенатор А.Акимов бу үтүө саҕалааһыҥҥа көмөлөһүөх буолан тылын биэрдэ.
СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын анал программаларга бырабылыанньатын салайааччыта, биир дойдулаахпыт Андрей Васильевич Никифоров анал байыаннай дьайыыларга сылдьар саха буойуттарын кытта үлэлэһэр буолан, толору иһитиннэриини оҥордо. Кини кэпсээбитинэн, Филипп билигин куоракка доруобуйатын чөлүгэр түһэрэ сылдьар. Мантан салгыы кини арҕаа барбат, балаҕан ыйын 12 күнүгэр ыҥырыллан барбыт чааһыгар төннөр. Онно инструкторынан үлэлиир буолар. 4-5 уолу кытта Сахалиҥҥа, Камчааткаҕа аҋаннаан, онтон Саха сиригэр улуустарынан сылдьыахтаахтар. Бу күннэргэ урбаанньыттар уолбутун дьиэ кэргэнин кытта Өлүөнэ очуостарыгар сынньата ыыта сылдьыбыттар. Онтон улуус дьаһалтатын кытта Дьоруойбутугар Дьокуускайга үс хостоох квартираны биэрэр боппуруоһу быһаара сылдьаллар эбит. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ – Үрдүкү кылаабынай командующай аатыттан бэриллибит наҕараадалыыр бэстилиэтин докумуона оҥоһуллубут. Онон сотору кэминэн Филипп ити наҕараадатын тутуоҕа. Андрей Васильевич кэпсээбитинэн, Филипп бойобуой доҕоро Алексей Неустроевтыын Дьоруой буолбуттарынан сибээстээн, кинилэр мантан инньэ демобилизацияланан, дьиэлэригэр букатыннаахтык төннөллөрүн туһунан боппуруос быһаарылла сылдьар диэн этиитин дьон ытыс тыаһынан көрүстэ. Арассыыйа дьоруойдарын туһунан балаһыанньаҕа көрүллэринэн, Дьоруой дойдутугар боруонса бюст туруоруллуохтаах, ханна туруохтааҕын быһарыахтаахтар – Күндэйэҕэ эбэтэр Сунтаарга.
Филипп чугас аймахтара кини дьонун-сэргэтин кытта билиһиннэрдилэр, уолларыгар алгыс тылын тиэртилэр, кининэн киэн тутталларын эттилэр, бу үрдүк наҕараада сүҥкэн улахан эппиэтинэһи сүктэрэрин санаттыллар.
Түмүгэр бары күргүөмүнэн хаартыскаҕа түстүбүт, Сунтаар эдэр ыччаттара Дьоруой убайдарыгар уруй-айхал тылларын эттилэр.