Сунтаар улууһугар СӨ айылҕа харыстабылын прокурора Андрей Ноговицын кэллэ

Атырдьах ыйын 11 күнүгэр, улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров уонна айылҕа харыстабылын кэтээн көрөр надзорнай органнар сүбэ мунньах тэрийдилэр. Билиҥҥи туругунан Саха сирин улуустарыгар саамай элбэх 103 ахсааннаах ойуур баһаара Сунтаар улууһугар турбута бэлиэтэнэр. Онно дьону түмэ тардан суһал бөлөхтөрү тэрийиигэ, уоту умуруорар тэриллэринэн уонна ону таһынан улахан техниканнан хааччыйан далааһыннаах үлэлэр бараллар. Билигин хас биирдии нэһилиэктэргэ минерализованнай сурааһын тардыытын кэҥэтэргэ үлэ барыахтааҕын СӨ айылҕа харыстабылын прокурора Андрей Ноговицын иһитиннэрдэ.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх