Стихи Пушкина о няне: новый перевод на якутский язык
Произведения Александра Сергеевича Пушкина переведены на многие языки мира. В 2015 году в Архангельске вышла книга переводов знаменитого стихотворения «Я помню чудное мгновение» на 210 языках мира. Роман «Евгений Онегин» переведен на более 100 языках, известно, что в Англии имеется шесть вариантов перевода этого произведения.
В Якутии великого поэта интенсивно переводили в 1920-1970 годы классики якутской литературы: П.А. Ойунский, А.И. Софронов, С.Р. Кулачиков-Эллэй, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, И.Д. Винокуров “Чаҕылҕан», В. Г. Чиряев, С.П. Данилов, Феоктист Софронов, Иван Арбита и другие. Некоторые произведения А.С. Пушкина «заговорили» на якутском языке в разных вариантах. Благодаря их переводам мы в детстве попадали в завораживающую волшебную страну пушкинских сказок, в молодости погружались в волнующий сокровенный мир пушкинской лирики.
Возвращаясь уже в зрелом возрасте к уникальному духовному наследию великого писателя, наряду с известными писателями-профессионалами, произведения Александра Сергеевича Пушкина переводили и переводят обычные наши современники. Сегодня, в Пушкинский день, представляем новый перевод произведений гения русской литературы на якутский язык. Это совместный творческий труд двух учителей из Сунтарского улуса — Антонины Александровны Моховой и Натальи Егоровны Васильевой. Будучи на пенсии Наталья Егоровна, учитель русского языка и литературы, составила подборку цикла стихотворений Александра Сергеевича, посвященных своей няне – Арине Родионовне, а Антонина Александровна, учитель начальных классов, перевела на якутский язык.
СЛОВО ОБ АВТОРАХ
Удивителен и союз автора-составителя и автора-переводчика стихотворений Александра Сергеевича Пушкина на якутский язык. Они, несмотря на разницу в возрасте, продолжают искреннюю верную долгую дружбу своих матерей – двух Марф: Максимовой Марфы Гаврильевны (1923 г.р.) и Васильевой Марфы Ивановны (1934 г.р.). Очень ценно и значимо, что их женская дружба, доставшаяся от их матерей, во время заслуженного отдыха переросла в созидательный союз двух преданных своему педагогическому кредо сельских учителей.
Мохова Антонина Александровна окончила в 1968 году Магаданский педагогический институт, учитель начальных классов Тойбохойской восьмилетней школы, присоединенной к Тойбохойской СОШ имени Г.Е. Бессонова, с 45-летним педагогическим стажем, отличник образования Республики Саха (Якутия), почетный ветеран образования Республики Саха (Якутия), обладатель медали “За любовь и верность”, почетный житель села Тойбохой Сунтарского улуса.
Васильева Наталья Егоровна окончила в 1982 году ИФФ ЯГУ, учитель русского языка и литературы Крестяхской политехнической СОШ имени И.Г. Спиридонова с 40-летним педагогическим стажем, отличник образования Республики Саха (Якутия), учитель учителей Республики Саха (Якутия), обладатель знака “Методист Якутии”, почетный житель села Крестях Сунтарского улуса.
АЛЕКСАНДР ПУШКИН О СВОЕЙ НЯНЕ –
АЛЕКСАНДР ПУШКИН БҮӨБЭЙДЬИТИН ТУҺУНАН
НЯНЕ
Подруга дней моих суровых,
Голубка дряхлая моя!
Одна в глуши лесов сосновых
Давно, давно ты ждешь меня.
Ты под окном своей светлицы
Горюешь, будто на часах,
И медлят поминутно спицы
В твоих наморщенных руках.
Глядишь в забытые вороты
На черный отдаленный путь;
Тоска, предчувствия, заботы
Теснят твою всечасно грудь.
То чудится тебе. (1826)
БҮӨБЭЙДЬИППЭР
Тыйыс кэммэр истиҥ дьүөгэм,
Дайа көппөт далбарайым!
Бэс чагда бүччүм бүүрүгэр соҕотохсуйа
Өр да өр эн миигин күүттэҕиҥ.
Чэбэр хоһуҥ түннүгүн аттыгар
Маныыһыт тэҥэ тэһийбэккин,
Чарчыстыбыт тарбахтар өтөр-өтөр,
Тохтоон ыла баайаллара бытаарар.
Умнуллубут олбуор аанын
Хараара ыраатар суолу кэтиигин;
Ааспат санньыар, бит буулаан,
Түөһүҥ иһэ кыарыыр.
Арааһы олоон көрөҕүн.(1826)
СОН
(Отрывок)
…Я сам не рад болтливости своей,
Но детских лет люблю воспоминанье.
Ах! Умолчу ль о мамушке моей,
О прелести таинственных ночей,
Когда в чепце, в старинном одеянье,
Она, духов молитвой уклоня,
С усердием перекрестит меня
И шепотом рассказывать мне станет
О мертвецах, о подвигах Бовы…
От ужаса не шелохнусь, бывало,
Едва дыша, прижмусь под одеяло,
Не чувствуя ни ног, ни головы. (1816)
ТҮҮЛ
(Быһа тардыы)
…Кураанах лахсыыр үөрдүбэт,
Ол эрэн оҕо саас өйдөбүлэ олус күндү.
Уо! Ахтыбат буолуом дуо ийэккэбин,
Ураты абылаҥнаах түүннэри,
Төрүт үгэс таҥаһын кэтэн,
Иччилэри тэйитэ алгыс этэрэ,
Кыһанан-мүһэнэн харыс тутара,
Сипсийэ былаан кэпсээн барара
Өлбүттэри, Бова хорсунун…
Ыар куттал ыга ылара,
Тыыммакка да, суорҕаҥҥа кирийэбин,
Бас, атах бакаайылана. (1816)
НАПЕРСНИЦА ВОЛШЕБНОЙ СТАРИНЫ
Наперсница волшебной старины,
Друг вымыслов игривых и печальных,
Тебя я знал во дни моей весны,
Во дни утех и снов первоначальных.
Я ждал тебя; в вечерней тишине
Являлась ты веселою старушкой,
И надо мной сидела в шушуне,
В больших очках и с резвою гремушкой.
Ты, детскую качая колыбель,
Мой юный слух напевами пленила.
И меж пелен оставила свирель,
Которую сама заворожила.
Младенчество прошло, как лёгкий сон.
Ты отрока беспечного любила,
Средь важных Муз тебя лишь помнил он,
И ты его тихонько посетила;
Но тот ли был твой образ, твой убор?
Как мило ты, как быстро изменилась!
Каким огнём улыбка оживилась!
Каким огнём блеснул приветный взор!
Покров, клубясь волною непослушной,
Чуть осенял твой стан полувоздушный;
Вся в локонах, обвитая венком,
Прелестницы глава благоухала;
Грудь белая под жёлтым жемчугом
Румянилась и тихо трепетала… (1822)
УДЬУОР ХААН ИЛДЬИТИН ЫТЫК ХАРЫҺА
Удьуор хаан илдьитин ытык харыһа,
Уран толкуй тобуллар доҕоро,
Эйигин кытта үнүгэс сааһым,
Мэник- тэник кэмнэрим, маҥнайгы ибир түүллэрим.
Күүтэрим эйигин; нуурал киэһэ
Киирэриҥ көр аргыстаах аттыбар
Олороруҥ сарапаан, ачыкы кэтэн,
Кылыгырас аарык тутан.
Биһикпэр бүөбэйдиир ырыанан
Уйан уйулҕабын иитэриҥ.
Алгыс иҥэрбит свирельгин
Суубар кыбытан хааллартыҥ.
Ньирэй саас түүл тэҥэ көппүтэ.
Таптаабыт улдьаа уолчааҥҥар,
Эн эрэ Муза буолан хааллыҥ,
Бу эмиэ сэмээр киниэхэ киирдиҥ;
Ол эрэн сэбэрэҥ эйиэнэ дуо, бэйэ бодоҥ?
Олус да тупсубуккун, түргэниэн!
Мичээриҥ сылаастык илгийэр!
Хардарар көрүүҥ сырдыгын!
Күөгэҥниир сабыы көҥүллүк
Эн талба таһааҕар таалалыыр;
Музам чэчиктээх будьурхай сүүмэҕэ
Минньигэстик да дыргыһыйар;
Араҕас чөмчүүктээх тунал түөһэ
Кыыһан ылар, ибирдиир…(1822)
ЕВГЕНИЙ ОНЕГИН
...Но я плоды моих мечтаний
И гармонических затей
Читаю только старой няне,
Подруге юности моей.
(гл.4, строфа XXXV) ЕВГЕНИЙ ОНЕГИН ...Ыра санаам иитэн биэрэр Дьүөрэлэһэр ыаһаҕын Ааҕабын бүөбэйдьиппэр эрэ, Эдэр сааһым эрэллээх доҕоругар. ( 4 гл.; XXXV строфа)
ВНОВЬ Я ПОСЕТИЛ…
… Вот опальный домик,
Где жил я с бедной нянею моей.
Уже старушки нет – уж за стеною
Не слышу я шагов ее тяжелых,
Ни кропотливого ее дозора! (1835) ХАТТААН СЫРЫТТЫМ..... …Атарахсытыллар кэмим дьиэтэ, Бүөбэйдьиппинээн олорбуппут. Кырдьаҕаһым аны суох – суохтуубун Истиэнэ нөҥүө ыараханнык хаамарын, Өрүү кыраҕытык кэтиирин! (1835) ЗИМНИЙ ВЕЧЕР Буря мглою небо кроет, Вихри снежные крутя; То, как зверь, она завоет, То заплачет, как дитя, То по кровле обветшалой Вдруг соломой зашумит, То, как путник запоздалый, К нам в окошко застучит. Наша ветхая лачужка И печальна и темна. Что же ты, моя старушка, Приумолкла у окна? Или бури завываньем Ты, мой друг, утомлена, Или дремлешь под жужжаньем Своего веретена? Выпьем, добрая подружка Бедной юности моей, Выпьем с горя; где же кружка? Сердцу будет веселей. Спой мне песню, как синица Тихо за морем жила; Спой мне песню, как девица За водой поутру шла Буря мглою небо кроет, Вихри снежные крутя; То, как зверь, она завоет, То заплачет, как дитя. Выпьем, добрая подружка Бедной юности моей, Выпьем с горя: где же кружка? Сердцу будет веселей. (1825) КЫҺЫҤҤЫ КИЭҺЭ Силлиэрэр күдэрик халлааны бүрүйэр, Хаар холоругу ытыйа; Арыт кыыллыы улуйар, Арыт оҕолуу ытаан ылар, Арыт сарай элээмэтин Соломотун сурулатар, Хойутаабыт айанньыттыы, Түннүкпүтүн тоҥсуйар. Самнархай үүтээммит Санньыйа лүҥкүрэр. Кырдьаҕаһыам, тоҕо да Түннүк аттыгар соҥуордуҥ? Тыал уҕараабакка улуйара Сылатта дуо, доҕоччуок, Иэрэгэйиҥ дьүрүскэнигэр Нуурайаҕын дуу, тугуй? ИҺиэх эрэ, курас кэммэр Тирэх буолар истиҥ дьүөгэм, Иһиэх санаа чэпчэтэ; ханнаный курууска? Сүрэх үөрэ түһүөҕүн. Ыллаа, хайдах татыйык Байҕал нөҥүө бүгэрин; Ыллаа, хайдах эдэр кыыс Эрдэлик уу баһа ааһарын. Силлиэрэр күдэрик халлааны бүрүйэр, Хаар холоругу ытыйа. Арыт кыыллыы улуйар, Арыт оҕолуу ытаан ылар. ИҺиэх эрэ, курас кэммэр Тирэх буолар истиҥ дьүөгэм, Иһиэх санаа чэпчэтэ: ханнаный курууска? Сүрэх үөрэ түһүөҕүн.(1825)
+7 (999) 174-67-82