Спорка үлэлээбитим 40 сылыгар анаан футбол күрэхтэһиитин тэрийэбин
1957 с. Хотугу Муустаах байҕал кытылыгар, Булуҥ оройуонугар Тумат диэн учаастакка күн сирин көрбүтүм. Ол иһин бииргэ төрөөбүт убайым, норуот суруйааччыта Сэмэн Андреевич Попов Сэмэн Тумат диэн ааты ылыммыта.
Мин уон кылааһы 11 оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрбитим. 6-c кылаастан Мэҥэ Хаҥаласка сыстаммын, киһи-хара буоламмын, күн-бүгүнүгэр диэри наһаа үчүгэйдик, күүһүм-кыаҕым баарынан үлэлии-хамныы сылдьабын.
Быйыл улахан спорт эйгэтигэр үлэлээбитим 40 сыла буолар. Дьиҥэр ол инниттэн, бастаан 1978-1979 сылларга Мэҥэ Хаҥалас оройуонун спордун биир тумус туттар убайбыт Анатолий Константинович Захаров салайыытынан, оройуоннааҕы “Урожайга” үлэлии сылдьыбытым. Онтон 1984 сылтан “Урожай” ДСО уобаластааҕы сэбиэтигэр үлэҕэ киирбитим. Ол кэмтэн ыла улахан спорт эйгэтигэр үлэлээбитим 40 сыла буолла.
Биһиги оҕо эрдэхпиттэн бары сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн, туох баар илии үлэтин үлэлээн, хамсанан-имсэнэн улааттахпыт. Оскуолаҕа киириэхпиттэн, уолаттары кытта футбол оонньуурбун наһаа сөбүлүүрүм. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри ити таттарыылаах оонньууттан тэйбэккэ, футболлуубун. Табаҕаҕа 8-с кылааска үөрэнэ сылдьаммын күн аайы Майаҕа кэлэммин оонньуур этим. Түөрт көстөөх сиртэн сороҕор сатыы хааман иһэммин, сиппит массыынаны тохтотон олорсобун. Оччолорого үксүн совхуос тумустаах автобуһа сылдьара, онно олорсорум. Биир чааска хоҥнор, киэһэ алтаҕа төннөр этэ. Майаҕа, уруккута милиция утары баар киэҥ ырааһыйаҕа, улахан футбол хонуута баара, онно оонньооччубут.
9-с кылааска Майа орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпытына, кэлин Саха Республикатын тустууга үтүөлээх тренерэ буолбут В.П. Уваров кэлбитэ. Кини биһигини 9-10 кылаастарга физкультураҕа үөрэппитэ. Онуска сырыттахпытына, мин саныырбынан, аан бастаан оскуолабытыгар (эрдэ буолбутун билбэппин, истибэтэҕим даҕаны) футболга чемпионат ыыппыта. Ол сыл оскуолаҕа биэстии 9-с уонна 10-с кылаастар бааллара – А, Б, В, Г, ,Д, уонна аҕыс кылаастаах нуучча оскуолатын 8-с кылаастара кыттыбыттара. Онно биһиги, 10 Г-лар бастаан турабыт. Аны санаатахха, Майа оскуолаларын оҕолоругар футбол олус тэнийэ сылдьыбыт эбит. Кыһыннары оонньуурбут.
1984 сыллаахха Аркадий Михайлович Алексеев салайааччылаах, Юрий Петрович Баишев солбуйааччылаах “Урожай” обществоҕа үлэҕэ киирбитим. Онно инструкторынан улахан спорка үлэбин саҕалаабытым. Оччолорго инструктордар диэн спорт үлэһиттэрэ бары көрүҥнэр тэрээһиннэригэр сүүрүү-көтүү, үлэ бөҕө буоларбыт.
Онно 1984 с. тыа сирин улуустарын икки ардыларыгар улахан футболга аан бастакынан Тулагыга күрэхтэһии ыыппыппыт. Бөһүөлэккэ киирэн истэххэ спортплощадка баара, ол билигин да баар. Күрэхтэһиигэ эппиэтээҕинэн анаммыт буоламмын, площадкаҕа футбол хонуутун разметкатын саҥардан оҥорон, боруоталарын сваркалатан, аан бастакы күрэхтэһиини ыыппыппыт. Ол боруоталарбыт билигин да тураахтыыллар.
1987 сыллаахха “Урожай” общество уурайбыта. Онтон Юрий Петрович Баишев салайааччылаах Спорт управлениета тэриллибитигэр, онно учебнай-спортивнай отделга инструкторынан үлэҕэ киирбитим. Бары ыытыллар күрэхтэһиилэр тэрээһиннэригэр барытыгар кыттыһар этим. Инструктордары күрэхтэһиилэргэ көрүҥнэринэн сыһыараллара. Миигин футболга, кикбоксиҥҥа уонна боксаҕа анаабыттара. Александр Витальевич Сумин диэн Саха сиригэр футбол сайдарыгар сүрдээх элбэх үлэни ыыппыт үлэһиттээх этибит. Билигин кини Санкт-Петербурга олорор. Кинилиин биһиги футболга наар эппиэттээҕинэн буоларбыт. Улахан футболга куорат чемпионаттарын ыытарбыт. 1997 сылтлаахха улахан меценат Александр Сергеевич Гомерштат “Заря” футбольнай хамаанданы тэрийбитэ, президенинэн талыллыбыта. “Заря” Россияҕа тиийэ оонньуура. 2008-2011 сылларга ити футбол кулуубун дириэктэринэн Н.Г. Цыпандин үлэлээбитэ. Кинин кытта Дьокуускайга ыытыллар “Заря” кулууп Россия чемпионатын дьиэтээҕи оонньууларын тэрээһинигэр барытыгар үлэлэһэрим.
90-с сыллар бүтүүлэригэр тыа улуустарын – Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Нам, Горнай – ыччаттара мустаммыт, Николай Гаврильевич Цыпандин көҕүлээһининэн “Илин Эҥэр” диэн хамаанда тэринэн, куорат чемпионатыгар оонньуур буолбуппут.
Кэлин “Спорт Якутии” диэн күн бүгүнүгэр дылы мини-футболга оонньуу сылдьар хамаанда тэриллибитэ. Ол хамаандаттан тахсыбыт уолаттар билигин Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай Чурапчы хамаандаларын салайан оонньото сылдьаллар.
Мэҥэ Хаҥаласка футбол сайдыытыгар улахан өҥөлөөх Андрей Гаврильевич Слепцовка уонна Мансур Баширович Мубаракшиҥҥа, бырааттыы Николай, Гаврил Гаврильевич Цыпандиннарга улахан махталлаахпын. Кинилэр өр сыллар усталарыттан күн бүгүҥҥэ диэри Мэҥэ Хаҥаласка футболу сайыннарыыга күүстээх үлэни ыыталлар.
Футболунан дьарыктаммыт уолаттарбытынан киэн туттабыт. Кинилэр үчүгэй үлэһит буола үүннүлэр, сайыннылар. Улууска түөрт депутатттаахпыт: Төҥүлүгэ Николай Борисов, Наахараҕа Руслан Никаноров, Михаил Охлопков, Бэстээххэ Александр Тишков. Икки нэһилжк баһылыктаахпыт – Юрий Порядин, Петр Никитин. Республика таһымыгар улахан үлэһиттэр таҕыстылар – спорт тэрилтэлэрин салайааччылара бырааттыы Николай Гаврильевич уонна Гаврил Гаврильевич Цыпандиннар, СР Урутаан профессиональнай бэлэмнээһин киинин дириэтэрэ Владислав Хабаров, Мэҥэ Хаҥалас хамаандатын уопсастыбаннай тренерэ, эдэр, кэскиллээх учуонай Спиридон Васильевич Васильев, Мэҥэ Хаҥалас хамаандатын капитана Михаил Никифоров, мас тардыһыытын аан дойдуга сайыннара сылдьар тумус туттар уолбут Егор Ермолаев, о.д.а. араас үлэһиттэр таҕыстылар. Биир улахан футбол тэрийээччитигэр махтаныам этэ, Константин Анатольевич Захаровка, кини аймаҕынан футбол көлүөнэтин саҕалааччыга. Бастаан бэйэтэ, быраата оонньообуттара. Билигин улахан уола ДЮСШ-4 тренердиир, кыра уола оонньуу сылдьар. Ити курдук салгыы бара туруохтара дии саныыбын.
Футбол диэн сүрдээх үчүгэй оонньуу, спорт көрүҥэ. Биһиги аҥардас футболунан эрэ дьарыктаммаппыт, оонньуунан эрэ муҥурдаммаппыт. Үгүс өрүттээх араас үлэни ыытабыт. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт. Эдэр уолаттарбыт үөрэххэ киирэллэригэр, үлэ булалларыгар күүс-көмө буолабыт. Быйыл эмиэ хас да оҕо үөрэххэ туттарсан киирдилэр. Студеннарбытыгар уопсай дьиэ ылалларыгар кыһаллабыт, барытыгар көх-нэм буолабыт. Саастаах көлүөнэ футболистартан саҕалаан, эдэрдэргэ уопуппутун бэрсэбит, кинилэргэ наставниктаан колективка сылдьарга, сиэргэ-майгыга, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаҥҥа үөрэтэбит, такайабыт, чөл олоххо холобурбутунан угуйабыт.
Бу 40 сыл устата спорка үлэлиирбэр республика таһымнаах араас тэрээһиннэри автотранспорынан хааччыйыыга үлэлэспитим. Холобур, 1996, 2000, 2004 сылларга “Азия оҕолоругар”, 2006 с. Сунтаарга буолбут СР норуоттарын Спортивнай оонньууларыгар, Ньурбаҕа 1999 с. ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар транспоры дьаһайбытым. Обществннай ноҕуруускаттан, эппиэттээх үлэлэртэн куттаммаппын, кыаҕым баарынан үлэлиибин.
Иккис дойдум буолбут Мэҥэ Хаҥалаһым нэһилиэктэригэр Хараҕа, Табаҕаҕа, Наахараҕа барыларыгар сыл аайы араас дьаһалларга көх-нэм, сүбэ-ама, күүс-көмө буола сылдьабын. Онон спорт эйгэтигэр үлэлээн, киһи-хара буолан, үгүс-элбэх киһини кытта билсэн, алтыһан, сүрдээх элбэх атастаахпын-доҕордоохпүн. Аҕа да көлүөнэлэргэ, эдэрдэргэ даҕаны күн бүгүнүгэр диэри футболлаһа, сүүрэ-көтө сылдьарбыттан дьоллоохпун. Онтон сүрдээҕин үөрэбин даҕаны, астынабын даҕаны.
Бу турнирбын Мэҥэ Хаҥалас баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов бэйэтэ быһаччы хонтуруоллаан ыытар. Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Иннокентьевич Неустроев бэйэтинэн тэрийэр комитеты салайан, үлэлэһэ сылдьар. Үлэлиир тэрилтэм, Н.Г. Цыпандин салайааччылаах “Футбол оскуолата” күүскэ үлэлэһэ сылдьар. Онон, спорт эйгэтигэр 40 сыл үлэлээбиппин бэлиэтээн, сүрдээх үчүгэй футбол турнирын ыытаары сылдьарбытыттан улаханнык астынабын, үөрэбин.
Бука бары аймах-билэ дьоммор, бииргэ үлэлээбит-дьарыктаммыт, сүүрбүт-көппүт
доҕотторбор, спорка алтыһан ааспыт атастарбар өрүү күүс-көмө буоларгытыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин, кэлэн иһэр 2025 Саҥа сылынан истиҥник эҕэдэлиибин, бары үтүөнү баҕарабын!
А.Попов – Александр Андреевич Попов, спорт бэтэрээнэ, СӨ физкультураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Уол Табаҕа, 2-с Наахара уонна Хара нэһилиэктэрин, Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
Мин спорка үлэлээбитим 40 сылыгар анаммыт мини-футболга турнир Аллараа Бэстээх б. “Парус” спорт уораҕайыгар ахсынньы 29-30 күннэригэр ыытыллар. Кэлэн көрүҥ, ыалдьыҥ, сынньаныҥ!
+7 (999) 174-67-82