Сийиэс кэнсиэпсийэтин бырайыактыыр сиэссийэ
Сэтинньи 24 күнүгэр С.Н.Донской-II аатынан үэрэ5и сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүккэ саха тылын, литературатын, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин ырытыы (бырайыактыыр сиэссийэ) ыытылынна. Сиэссийэ5э сийиэс дэлэгээттэрэ кэнсиэпсийэ олоххо киирэр былаанын барыллаатылар, этиилэрин, санааларын киллэрдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа билим дуоктара, бэрэпиэссэр, саха тылын уонна литературатын кэнсиэпсийэтин оҥорор айар бөлөх салайааччыта Феодосия Васильевна Габышева кэнсиэпсийэ ырытар боппуруостарын чопчулаата, ыйыылаары-кэрдиилэри биэрдэ.
Кэнсиэпсийэ сыала – оҕо төрүөҕүттэн орто уопсай үөрэҕи ылан, орто анал уонна үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, идэлээх үлэһит буоларыгар төрөөбүт тылынан иитиллэр, саҥарар, үөрэнэр усулуобуйатын, эйгэтин тэрийии. Онуоха сөптөөх каадырынан, үөрэх мэтэдьиичэскэй кэмпилиэктэринэн хааччыйыы, тылы, литератураны, култуураны үөрэтиигэ киирбит саҥа уларыйыылары учуоттааһын, үөрэх ситимин ис хоһоонугар сөпкө аттаран киллэрии.
Бырайыактыыр сиэссийэҕэ саха тылын сүһүөхтэринэн үөрэтиигэ болҕомто ууран, дэлэгээттэр маннык хайысхаларынан үлэлээтилэр:
- оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии;
- алын уонна сүрүн, уопсай үөрэххэ оҕолору төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии;
- орто анал уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ иитии-үөрэтии хайысхата.
Дэлэгээттэр кэнсиэпсийэ сүрүн тосхоллорунан, олоххо киллэрэр механизмнарын тула кэпсэттилэр, этиилэрин, санааларын этэн, ыытыллар үлэ таһаарыылаах буолуоҕар көмөлөстүлэр.
+7 (999) 174-67-82