Сиэйэ Уола кэтэһиилээх кэнсиэрэ буолан ааста

Кэрэ аҥаардарбыт күннэрин көрсө, саха бар дьоно таптыыр, өрүү сэргии истэр, өр кэмҥэ истибэккэ тэһийбэккэ ахтан күүппүт ырыаһыппыт Сиэйэ Уола “Сэргэлээх уоттара” ХИФУ култууратын киинигэр “Чох хаар харахтарыҥ” диэн ааттаабыт кэтэһиилээх кэнсиэрин бэлэх уунна.

Туох да наһаа үчүгэй кэнсиэр, уолбут олох ис сүрэҕиттэн үөрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн ыллаабытын бары долгуйа, астына көрдүбүт, дуоһуйа, үөрэ-көтө иһиттибит! Бэйэтэ даҕаны көрөөччүлэриниин көрсүһэрин, сыанатын сырдык уоттарын ахтыбыта харахха быраҕыллар. Дууһалыын дуоһуйан, сүрэхтиин сылаанньыйан туран бар дьонун иннигэр тахсан ыллыырыттан бэйэбит да наһаа үөрдүбүт.

Бастатан туран, кини ырыаларын кичэйэн талан, наардаан оҥорбута көстөр. Бастакы түһүмэххэ Ийэ дойдутун, Дьааҥыга төрөөбүт түөлбэтин, үүммүт-улааппыт, киһи буолбут Сунтаарын Сиэйэтин, таптыыр кэргэнин дойдута Мэҥэ Хаатылыматын тустарынан истиҥ иэйиилээх ырыаларын толорон, бары түптэнэн дыргыйар сайылыктарбытыгар,  хатыҥнаах чараҥнарбытыгар, улуу Эбэлэрбитигэр санаабытынан кынаттанан көтөн тиийэ сырыттыбыт. Аҕам саастаахтар урукку ырыалар матыыптарыгар уйдаран, эдэр кэмнэрбитигэр төннөн ыллыбыт. Уопсайынан, ырыата барыта ыраас таптал, сырдык иэйии тыыннаах буолан.

Онтон салҕыы “Дорҕоон Дуораан” бөлөх тыыннаах доҕуһуолунан айаннаан, эмиэ үгүс кэрэ ырыалары толорбутугар бииргэ ыллаһа олордубут, тэтимнээх муусукаҕа үҥкүүлээн ылыахча буоллубут. Бииктэрбит бэйэтэ даҕаны тэбиэһирэн, ыллаан бүтэн баран, мэктиэтигэр “Өссө төгүл!” диэн “Дорҕоон Дуораан”  убайдарын көҕүтэлээн “биис” хаһыыны кэтэспэккэ, бэйэтэ түһүнэтэлии сырытта.

Икки чаастан ордук буолбут кэнсиэригэр уолбут тохтоон ылбакка, куолаһын дьүрүскэнин энчирэппэккэ ыллаата-туойда, бар дьонугар дьиҥнээх дуоһуйууну бэлэхтээтэ.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх