Сардаана Слепцова орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта 40 хонугун туолла

Күндү оҕобут, ийэбит, балтым, саҥаспыт Сардаана – Сардаана Афанасьевна СЛЕПЦОВА – орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта бу дьыл олунньу 6 күнүгэр 40 хонугун туолла.

Наһаа соһуччутук уонна хомолтолоохтук, киһи өйүгэр баппат  ынырык иэдээнигэр, бүтүн  бар дьону аймаабыт, соһуппут дьулаан түгэнигэр  түбэһэн, биһиги аймахтан, дьиэ кэргэнтэн, биир үөлээннээхтэрин кэккэлэриттэн күндү — оҕобутун, тапталлаах көмүс кыыспытын дьылха хаан  илдьэ барда.

Сардана Афанасьевна, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай үнүбэрситиэт «Полимернай нанокомпозиттар технологияларын» лабораториятын  сэбиэдиссэйэ,дассыан, техническэй ноуука хандьытаата бачча сайдыылаах кэмҥэ,  муҥутуур сыыппара үйэтигэр киһи өйүгэр баппат, дьиикэй быһылаан, күрүлүүр күнүс Дьокуускай куораппытыгар маннык алдьархай тахсыбыта олус дьиксиннэрэр. Уруккуттан  турбут тыын боппуруос быһаарылларыгар, үрдүк сололоохтор сөптөөх быһаарыныыны, сокуонунан бигэргэммит уураахтары-ыйаахтары ылыналларыгар, олохтоох хамсааһын тахсарыгар, биһиги Сардаанабыт барахсан, маннык сидьиҥ түбэлтэ хаһан да хатыламматын туһугар сырдык тыына  быһынна, олоҕун толук уурда.

Сардаана өссө да уһуннук, дьоллоохтук, олох бары кэрэтин-дьиктитин, үтүөтүн билэн олоруохтааҕа. Бүтүн наука эйгэтигэр, тус үлэлиир хайысхатыгар туруоруммут сүҥкэн былаана, сыала-соруга – дуоктарскай диссертациятын көмүскээн, наука билимин дуоктара буолар баҕа санаата, хомойуох иһин, олоххо киирбэтэҕэ  олус абалаах-кыһыылаах. Ытаабыт-соҥообут да иһин хайыахпытый, төннөрөр кыах суох…

Тапталлаах оҕолорун,  икки кынат буолар – уолаттарын улаатыннаран, олох киэҥ суолугар бигэтик туралларыгар өйөбүл-тирэх буолуохтааҕа, дурда-хахха буолар инники эрэллэрин араас түгэҥҥэ буолар үрдүк үөрүүлэрин, ситиһиилэрин тэҥҥэ үллэстэн, кийииттэнэр истиҥ иэйиини, сиэннэрэр үрдүк дьолу билиэхтээх этэ… Ону баара сүрэхпитин хайытан, оспот баас оҥорон, биһигини, аймах-уруу дьонун, оҕолорун тулаайах хаалларан бардаҕа… Ол эрээри син – биир итэҕэйбэппит, аттыбытыгар аны суох, букатын кэлбэт диэн ыарахан-нүһэр, кутурҕан санаабыт уоскуйбат, ылыммат, буолуммат…

Сардаана дьоллоох оҕо сааһа Чурапчы улууһугар, интэрнээт-оскуола томторугар ааспыта. Эйэҕэс ийэбит ПЕТРОВА Цыпена Николаевна нуучча тылын уонна литературатын учуутала, онтон амарах аҕабыт ПЕТРОВ Афанасий Петрович Чурапчыга “Межхолхозстрой” тэрилтэҕэ өр сылларга сварщигынан  үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Биир төрөөбүт үс оҕоттон Сардаана ахсынньы ый 30 күнүгэр иккис оҕонон, кыптыый кыбыныылаах кыысчаан буолан күн сирин көрбүтэ. Кини кыра эрдэҕиттэн күн  сардаҥатын курдук сырдыгынан сыдьаайбыт, сып-сырдык, ис-киирбэх, чап-чачархайбаттахтаах,  куруук мичээрдии сылдьар, аанньал тэҥэ кэрэчээн бэйэлээҕэ.

Киһини өйдүүр буолуоҕуттан билиигэ-көрүүгэ ураты дьоҕурдааҕа. Арыый  улаатарын саҕана, номнуо биэс сааһыттан хайыы – үйэ добдугураччы ааҕар буолбута. Сатаан ааҕар буолуоҕуттан ыла куруук кинигэ тутуурдааҕын өйдүүбүн. «Төрдүс үрдэл» диэн кинигэни күн ахсын, ханна тиийбитин бэлиэтии-бэлиэтии, олох дьаныһан туран ааҕан бүтэрбитэ.

            Кыра кылаастарга  үөрэнэр эрдэҕинэ Д.П. КОРКИН кэргэнэ КОРКИНА Александра Семеновна ийэбэр маннык диэн кэпсиирин өйдүүбүн «Сардаана илиитэ төрүт дап-даллагнас, субу көтөөрү олорор чыычаах курдук». Ол курдук бастакы кылаастан ахсыс кылааска дылы наар туйгуннук үөрэнэн сылаайы Хайҕал кыраамататын ылар этэ. Кэнники биология уонна химия биридимиэттэрин ордук сөбүлээн, чорботон 9-10 кылаастары агро хайысхалаах Дириҥ орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа ыытыллар бары кэриэтэ тэрээһиннэргэ саамай көхтөөх кыттааччы буолара, сыанаттан түспэт бастыҥ үҥкүүһүт-ырыаһыт быһыытынан биллэрэ. Кэнники «сестры Петровы»диэн дуэттаан улуустааҕы самодеятельнай кэнсиэрдэр хас да төгүллээх дипломаннара, лауреаттара буолбуппут. Ону таһынан Сардаана наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур дьоҕурдаах этэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн наһаа чиэһинэй,  уйан, чараас, аһыныгас, сүрэхтээҕэ, уонна олус дьаныардаах, дьүккүөрдээх, тирэхтээх, күүстээх санаалаах киһи буолан хайаан да туруоруммут сыалын ситиһэн, ылсыбыт дьыалатын олоххо киллэрэн тэйэрэ. Бу хаачыстыбалара кэнники даҕаны саҥаттан саҥа билиини, үөрэҕи,  баһылыырыгар төһүү күүс буолбуттара.

1990 сыллаахха  С.М.Киров аатынан Томскай политехническай үнүстүүт химико-технологическай факультеты «Химическая технология биологически активных соединений» диэн анал идэ хайысхатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ол күнтэн ыла олоҕун сүрүн сыала-соруга саҥа полимернай матырыйааллары оҥорууга, тупсарыыга анаммыта.  Наука үлэтин таһынан оҕолору, устудьуоннары үөрэтэрэ. Ону сэргэ анал куурустары, бырагыраамалары, саҥа дьиссипилиинэлэри  суруйталаабыта элбэх. Устудьуоннары наука эйгэтигэр угуйара, уһуйара, салайааччы быһыытынан анаммыта. Ноуука хандьытааттарын бэлэмнииргэ үгүстүк үлэлэспитэ. Кини үөрэппит оҕолоро Арассыыйа Бэдэрээссийэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин анал бириэмийэтинэн, анал стипендиятынан наҕараадаламмытара, Ил Дархан гранын кыайыылааҕынан тахсыбыттара элбэҕи этэр,  сыралаах үлэтин үтүө түмүктэрин көрдөрөллөр.

Балтым барахсан ким эмэ туһунан куһаҕаннык саҥарбытын, мөҥүттэрин олох өйдөөбөппүн. Чугас дьонун, бииргэ үлэлиир атас-доҕор кэллиэгэлэрин, устудьуоннарын туһунан куруук өрө көтөҕүллэн, киэн туттан туран кинилэр ситиһиилэрин, үөрүүлэрин кэпсиирэ. Мэлдьи сырдыгы, ырааһы, кэрэни кэрэхсии, бэйэтин өй-санаа өттүнэн, ис дьиҥин үөрэтэ-такайа сылдьара. Олоҕор тутуспут, сирдэппит, халбаҥнаабат тылларынан «Да пребудет гармония во всем мире» диэн санаанан, өйүнэн салайтаран кылгас да буоллар олус чаҕылхай олоҕун олорбута  эрэ диэн этэрбитигэр тиийэбит.

            Кыра, хатыҥыр, нарын-намчы бэйэтэ наһаа күүстээх санаалаах этэ. Тапталлаах кэргэнэ Сергей бу орто дойдуттан барбытын кэннэ икки оҕону үөрэтэр-иитэр улахан сүгэһэр, ытык иэс соҕотох киниэхэ буолбута. Ыал бастакы тапталлаах оҕото, эһэтин аатынан ааттаммыт уол Ким Санкт-Петербург куорат Н.А. Римскай–Корсаков аатынан консерваториятын ситиһиилээхтик бүтэрэн байыаннай оркестрга үлэлиир, муннун бүөтэ, кыра уол Даниил Москуба куорат бастакы кууруһун устудьуона. Ол эрээри кини тапталлаах оҕо, кэргэн, ийэ буолар дьолу кылгастык да буоллар бары өттүттэн билбитэ. 

 Ийэлэрэ барахсан оҕолорум тустарыгар диэн түүннэри-күннэри хачыгырыйан, үлэлээн тахсара. Билигин көмүс, күн күбэй ийэлэрин ситэри олорботох олоҕун олорон, олоххо киллэрбэтэх былааннарын кыахтара тиийэринэн толорон көрүөхтэрэ буоллаҕа.

Муҥатыйбыппытын да иһин, абарбыппытын да иһин хайыахпытый… Ытаан-ытаан харах уута тахсыбат, ыар санаа, муунтуйан сөҥөн сылдьар. Саныахха  олус ыарахан.

 Быдан дьылларга быраһаай, эн кэрэ мөссүөнүҥ, сырдык мичээриҥ, оҥорбут үтүөлэриҥ сүрэхпитигэр-дууһабытыгар умнуллубат өйдөбүл буолан  хаалыаҕа.

Бу дьулаан быьылаан тахсыыта, норуоттан букатын ыраах сылдьар тойотторбутуттан, депутаттарбытыттан тахсар уэьэттэн соннонуллубут, кумаа5ыга тиьиллибит сокуоннар, укаастар кэлэн борустуой дьон оло5ор-дьаьа5ар, тэттэру  эргийэн араас алдьархайы таьаарыан сэптээ5ун кэрдэрдэ. Бу тубэлтэ кэниттэн ыты буолбакка киьи оло5ун эрэ тутан, сокуонна тосту уларыйыы киириэ диэн эрэниэххэ ба5арыллар.

Бу ыарахан куннэрбитигэр куус–кэмэ буолбут дьоммутугар – сэргэбитигэр мунура суох махталбытын тиэрдэбит, чуолаан: ХИФУ ректорыгар НИКОЛАЕВ Анатолий Николаевичка, лаборатория главнай научнай салайааччытыгар ОХЛОПКОВА Айталина Алексеевна5а, аспираннарга, университет бары улэьиттэригэр, Дьокуускай куорат нэьилиэнньэтин социальнай кэмускэлгэ уонна улэ5э управлениятыгар бииргэ улэлиир коллегаларбар, ветераннар отделларын салайааччытыгар ВИНОКУРОВА Елена Анатольевна5а, Чурапчы улууьун Интернат томторун бары олохтоохторугар, кыьал5алаах кэммитигэр бастакынан суурэн кэлбит бииргэ уэрэммит о5олорбор, табаарыстарбытыгар, дойду араас муннугар олорор аьыныгас сурэхтээх билэр билбэт дьоммут моральнай, материальнай кэмэтугэр ис сурэхтэн махтанабыт. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу – соргуну ба5арабыт.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх